Арассыыйаҕа биэнсийэлээх ахсаана 40 мөлүйүөнү куоһарда
10.11.2025, 17:00
Хаартыска: ЯСИА
Бөлөххө киир:
Бу сыл алтынньы 1 күнүнээҕи туругунан биэнсийэлээх ахсаана Арассыыйаҕа 40,6 мөл. киһини куоһарбыт. Маннык дааннайдары Социальнай пуонда билиһиннэрдэ.
«2025 сыл алтынньы 1 күнүнээҕи туругунан Социальнай пуонда тиһигэр биэнсийэ төлөбүрүн ылааччы 40,662 мөл. киһи регистрацияланна», — диэн биэдэмистибэ отчуотун РИА новости таһаарда. Ол иһигэр үлэлиир биэнсийэлээх ахсаана 7,354 мөл. киһиэхэ тэҥнэспит. Оттон үлэтэ суоҕа — 33,308 мөл. киһи.
Бу иннинэ Социальнай пуонда орто биэнсийэ кээмэйин быһаарбыта. Ол курдук, төлөбүр орто суумата 23,5 тыһ. солк. куоһарбыта. Сыл саҕаланыыта бу көрдөрүү намыһах этэ — 23 175,18 солк.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: