Салгыы
Арассыыйаҕа бастакы көтөр массыына

Арассыыйаҕа бастакы көтөр массыына

17.01.2025, 17:15
Хаартыска: «Филатов» дизайн-конструкторскай бюро.
Бөлөххө киир:

«Филатов» Москватааҕы бюро Арассыыйаҕа бастакы көтөр ИФ-9 массыынаны көрдөрдө диэн «Газета.ru» саайт суруйар.

Хаартыска: «Филатов» дизайн-конструкторскай бюро.

“Филатов” Москватааҕы конструкторскай бюро ИФ-9 диэн ааттаах бастакы көтөр массыына прототибын көрдөрдө. Бу туһунан No Limits тг-ханаала иһитиннэрэр. Оҥоһугу билигин бэрэбиэркэҕэ бэлэмнииллэр диэтилэр.

Бу авто уонна квадрокоптер холбоһуга. Аппараат икки миэстэлээх буолуо диэн сабаҕалыыллар. Ааннарын оннугар, курдары көстөр халпаактаах. Уруула авиаштурвал курдук оҥоһуулаах. Хомуллан турар кэмигэр биинтэлэрэ двигателлэри кытта ойоҕоско анал киирэр сирдээхтэр.  Көтөөрү гыннаҕына, онтукалара аһыллан кэлэллэр. Онон сиргэ массыына курдук сүүрэр, салгыҥҥа көтөр.

Көтөн иһэн ыксаллаах быһыы-майгы буолар түбэлтэтигэр ИФ-9 кабината пиропатроннар  көмөлөрүнэн туспа капсула буолан көтөн хаалар. Ол кэннэ дьон кириэһилэлэригэр олорбутунан парашютунан түһэллэр.

+1
25
+1
1
+1
2
+1
2
+1
4
+1
2
+1
7
Бары сонуннар
Салгыы
18 января
  • -41°C
  • Ощущается: -41°Влажность: 66% Скорость ветра: 1 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: