Арассыыйаҕа биирдиилээн атыы-эргиэн намтаата
Балаҕан ыйыгар Арассыыйаҕа биирдиилээн атыы-эргиэн намтаабыта бэлиэтэннэ.
Статистика көрдөрүүтүн намтааһына олунньу ыйтан саҕаламмыта. Ыам ыйыттан былырыыҥҥыны кытта тэҥнээтэххэ, көрдөрүү олох намтаата.
Арай 18 эрэгийиэҥҥэ эрэ розничнай атыы-эргиэн көрдөрүүтэ кэминэн. Ол курдук, Кавказка бу көрдөрүү 10%-нан Кабардино-Балкарияҕа үрдүк, онтон Дагестан, Чечня уонна Ингушетия кэлэллэр.
Уһук Илин уокуругар да куһаҕана суох көрдөрүү бэлиэтэнэр. Манна розничнай атыы Приморскай кыраайга, Саха сиригэр , Камчаткаҕа, Чукоткаҕа уонна Магадааҥҥа үрдээбит. Сибиир эрэгийиэннэриттэн Челябинскай, Мордовия, Костромской уонна Псковскай уобаластары уонна Ямало-Ненецкэй АУо ааттыахха сөп.
Аллараа түһүү киин куораттарга Москваҕа, Санкт-Петербурга, Московскай, Свердловскай, Ярославскай уонна Архангельскай уобаластарга, Карелияҕа, Коми Өрөспүүбүлүкэтигэр, Астраханскай уобаласка, Ставропольскай кыраайга, Карачаево-Черкесияҕа, Адыгеяҕа уонна Севастопольга бэлиэтэнэр.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: