Арассыыйаҕа бу сыл бэлиэ түгэннэрэ

Арассыыйаҕа бу сыл бэлиэ түгэннэрэ

11.01.2025, 09:05
Бөлөххө киир:

Кэлиҥҥи биэс сылы ыллахха, бэлиитикэ хонуутугар былырыыҥҥы сыл Арассыыйа Ийэ хотуммутугар биир бэлиэ дьылынан ааста. Сылбыт дойдубут бэрэсидьиэнин быыбарыттан саҕаланан баран, норуоттар икки ардыларыгар улахан далаһа буолар түмсүү сугулаанынан түмүктэммитэ. Оттон быйылгы сылбыт хайдах буолуоҕай? Туох улахан бэлиэ түгэннэр буолуохтарай? Дьэ эрэ, олоро-тура ону сылыктаан көрүөххэ.

Кыайыы 80 сыла

Бастатан туран, Кыайыы 80 сылыттан саҕалыахпын баҕарабын. Быйыл Аҕа дойду сэриитэ түмүктэммитэ аҕыс уон сыла буолар. Биир үйэҕэ чугаһатан эрэбит. 2020 сыллаахха хамсык кэмэ буолан, 75 сыллаах үбүлүөйдээх Кыайыы күнэ улахан дирбиэнэ-дарбаана суох­тук ааспыта. Онон быйылгы тэрээһиҥҥэ бэлэмнэнии дойдубут үрдүнэн эрдэттэн барбыта. 2023 сыллаахха Арассыыйа бэрэсидьиэнин уурааҕа тахсан, быйылгы Кыайыы күнүн ыытыы былаана оҥоһуллубута. Ол чэрчитинэн, сыл устата тохсунньуттан саҕалаан бары эрэгийиэннэргэ араас тэрээһин ыытыллыаҕа.

Аны быйылгы сылы Владимир Путин Аҕа дойдуну көмүскээччилэр сылларынан биллэрэн, Кыайыы күнүн суол­татын өссө үрдэтэн биэрдэ. Бу аҥаардас Аҕа дойду сэриитин бэтэрээннэрин, байыаннай эпэрээссийэ кыттыылаахтарын бэлиэтээһин, чиэстээһин эрэ буолбатах. Манна биһиги дойдуга тапталбыт, бэриниилээх буолуубут, бэйэ-бэ­­йэҕэ сыһыаммыт (но­­руот, федерация быһыытынан), көлүөнэлэр алтыһыылара, утумнааһын, омук быһыытынан тылбытын-өспүтүн, култуурабытын, үгэспитин илдьэ сылдьыыбыт, харыстааһыммыт, сайыннарыыбыт барыта биир тиһиккэ түмүллэр.

Арассыыйа уонна АХШ бэрэсидьиэннэрин көрсүһүүлэрэ быйылгы сыл биир ураты түгэнинэн буолуоҕа.

Манна даҕатан, биири бэ­­лиэтиэхпин баҕарабын, Владимир Владимирович тас дойдуларга, ордук урукку Сэбиэскэй Сойуус өрөспүүбүлүкэлэригэр, командировкатын кэмигэр араас таһымнаах, тиэмэлээх мунньахтарга нуучча тылын үөрэтии туһунан куруутун ахтар. Бу этиитин түгэҕин өйдүөмүнэ, сорох “кэллиэ­гэлэрим” (ордук тас дойдуларга) нуучча тыла сабардыахтаах диир, ол сыыһа диэн өйдөбүлгэ аҕала сатыыллар. Дьиҥэр, ис дьиҥин көрдөххө, бу – төрөөбүт төрүт тылга сыһыан. “Омук – тылынан” диэн мээнэҕэ этиллибэт. Бу сыччах икки тылга дойду судаарыстыбаннаһа, кэскилэ бүүс-бүтүннүү киирэр. Биһиги, национальнай өрөспүүбүлүкэлэр, манна өссө чорбойордоохпут. Бастакы бэрэсидьиэммит Михаил Ефимович эппитинии, биһиги икки кынаттаахпыт. Бу биһиэхэ эрэ буолбакка, уруулуу омуктарбытыгар, ыаллыы олорор казахтарга, кыргызтарга, узбектарга, туркменнарга, азербайджаннарга, армяннарга, белорус­тарга, украинецтарга барыларыгар сыһыаннаах.

Оттон судаарыстыбаннас­пыт, кэскилбит Аҕа дойдуну көмүскээччилэрбититтэн быһаччы тутулуктаах. Онон Кыайыы 80 сыллаах үбүлүөйэ уонна Аҕа дойдуну көмүскээччилэргэ анаммыт сыл быйылгы сыл биир уратытынан буолуоҕа.

Тас дойдулары кытары сыһыан

Аны Арассыыйа тас дойдулары кытары сыһыанын ылан көрүөххэ. Манна барыбытын, бастатан туран, Америка Холбоһуктаах Штаттарын кытары сыһыаммыт интэриэһиргэтэр. Былырыын сэтинньигэ АХШ бэрэсидьиэнин быыбара ыытыллан, Дональд Трамп кыайан, быйыл тохсунньуга дойду салайааччытын бурҕалдьытын кэтиэхтээх. Дьэ ону, туох да диэбит иһин, аан дойду барыта кэтиир. Былырыын Владимир Путин сыл түмүгүн таһаарар пресс-кэмпириэнсийэтигэр, Дональд Трампы кытары түөрт сыл устата кэпсэппэтэҕин бэлиэ­тээн эппитэ, оттон Дональд Трамп бу аҕыйах хонуктааҕыта Владимир Путины кытары көрсүһүү алта ый иһинэн буолуон сөбүн туһунан иһитиннэрбитэ. Бу көрсүһүү Украина, Евросойуус боппуруостарыгар быһаччы сыһыаннаах буолуоҕа. Быйыл Украинаҕа, Германияҕа, Канадаҕа, Молдавияҕа, Румынияҕа, Польшаҕа, Чехияҕа, Беларуська бэрэсидьиэн, парламент быыбардара буолаары тураллар. Ону сэргэ аан илиҥҥи дойдулар атааннаһыылара эмиэ бэбиэскэттэн түспэт.

Онон, саба быраҕан эттэххэ, Арассыыйа уонна АХШ бэрэсидьиэннэрин көрсүһүүлэрэ быйылгы сыл биир ураты түгэнинэн буолуоҕа.

Экэниэмикэ

Экэниэмикэ боппуруос­тарын ылан көрдөххө, билигин дьон-сэргэ туруктаах, дохуот­таах буолуута, энэргиэ­тикэ боппуруостара, бэйэбит оҥорон таһаарыыбыт инники күөҥҥэ тураллар. Санатан этиим, бы­­йылгыттан саҕа­лаан саҥа нацио­нальнай быра­йыактар үлэлэрин саҕалыахтаахтар. Барыта сүүрбэ на­­циональнай быра­йыак кии­риэхтээх, экэниэ­микэттэн саҕалаан тулалыыр эйгэни харыстаа­һыҥҥа тиийэ. Мантан уон тоҕус бырайыак тохсунньуттан саҕалаан үлэлээн барыаҕа.

Бу национальнай быра­йыактарга Арассыыйа саҥа эрэгийиэннэрэ киирдилэр. Онон дойдубут саҥа тыынынан үлэлээн саҕалыаҕа. Биллэн турар, эбиллибиппит түмүгэр ороскуоппут эмиэ улаатыаҕа.

Эспиэртэр этэллэринэн, быйыл дойдубут экэниэмикэтэ арыый бытаарар чинчилээх. Ол эрээри тас дойдуттан инвес­тиция киириитэ син биир баар буолуоҕа диэн этэллэр. Инфляция, сыана үрдээһинэ, намтыыр туруктаах. Киин Баан сүрүн ставкатын кыччатыаҕа диэн эрэнэллэр.

Аны туран, дойду үрдүнэн нолуок реформата ыытыллан, быйылгыттан дохуоттан киирэр нолуок биэс көрүҥүнэн (ставканан) төлөнөр буолуоҕа. Ыйга 200 тыһыынча солкуо­байга диэри хамнастаах дьон но­­луоктара 13% хаалыаҕа, онтон атыттар хамнастарыттан
22 % тиийэ нолуок төлүөхтэрэ. Ону таһынан, гостиницаларга, криптовалютаҕа, интэриниэтинэн тарҕанар эрэкэлээмэҕэ, о.д.а. нолуок киириэҕэ.

Онон экэниэмикэ өттүгэр быйылгыттан саҕалаан саҥа быраабылалар киирэн барыахтара. Бу биирдиилээн дьону да, биисинэһи да, барыбытын таарыйыаҕа.

ХААРТЫСКА РОССИЙСКАЯ ГАЗЕТА» СААЙТЫТТАН.

+1
3
+1
1
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
1
Бары сонуннар
Салгыы
11 января
  • -32°C
  • Ощущается: -32°Влажность: 75% Скорость ветра: 1 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: