Кэлиҥҥи биэс сылы ыллахха, бэлиитикэ хонуутугар былырыыҥҥы сыл Арассыыйа Ийэ хотуммутугар биир бэлиэ дьылынан ааста. Сылбыт дойдубут бэрэсидьиэнин быыбарыттан саҕаланан баран, норуоттар икки ардыларыгар улахан далаһа буолар түмсүү сугулаанынан түмүктэммитэ. Оттон быйылгы сылбыт хайдах буолуоҕай? Туох улахан бэлиэ түгэннэр буолуохтарай? Дьэ эрэ, олоро-тура ону сылыктаан көрүөххэ.
Бастатан туран, Кыайыы 80 сылыттан саҕалыахпын баҕарабын. Быйыл Аҕа дойду сэриитэ түмүктэммитэ аҕыс уон сыла буолар. Биир үйэҕэ чугаһатан эрэбит. 2020 сыллаахха хамсык кэмэ буолан, 75 сыллаах үбүлүөйдээх Кыайыы күнэ улахан дирбиэнэ-дарбаана суохтук ааспыта. Онон быйылгы тэрээһиҥҥэ бэлэмнэнии дойдубут үрдүнэн эрдэттэн барбыта. 2023 сыллаахха Арассыыйа бэрэсидьиэнин уурааҕа тахсан, быйылгы Кыайыы күнүн ыытыы былаана оҥоһуллубута. Ол чэрчитинэн, сыл устата тохсунньуттан саҕалаан бары эрэгийиэннэргэ араас тэрээһин ыытыллыаҕа.
Аны быйылгы сылы Владимир Путин Аҕа дойдуну көмүскээччилэр сылларынан биллэрэн, Кыайыы күнүн суолтатын өссө үрдэтэн биэрдэ. Бу аҥаардас Аҕа дойду сэриитин бэтэрээннэрин, байыаннай эпэрээссийэ кыттыылаахтарын бэлиэтээһин, чиэстээһин эрэ буолбатах. Манна биһиги дойдуга тапталбыт, бэриниилээх буолуубут, бэйэ-бэйэҕэ сыһыаммыт (норуот, федерация быһыытынан), көлүөнэлэр алтыһыылара, утумнааһын, омук быһыытынан тылбытын-өспүтүн, култуурабытын, үгэспитин илдьэ сылдьыыбыт, харыстааһыммыт, сайыннарыыбыт барыта биир тиһиккэ түмүллэр.
Арассыыйа уонна АХШ бэрэсидьиэннэрин көрсүһүүлэрэ быйылгы сыл биир ураты түгэнинэн буолуоҕа.
Манна даҕатан, биири бэлиэтиэхпин баҕарабын, Владимир Владимирович тас дойдуларга, ордук урукку Сэбиэскэй Сойуус өрөспүүбүлүкэлэригэр, командировкатын кэмигэр араас таһымнаах, тиэмэлээх мунньахтарга нуучча тылын үөрэтии туһунан куруутун ахтар. Бу этиитин түгэҕин өйдүөмүнэ, сорох “кэллиэгэлэрим” (ордук тас дойдуларга) нуучча тыла сабардыахтаах диир, ол сыыһа диэн өйдөбүлгэ аҕала сатыыллар. Дьиҥэр, ис дьиҥин көрдөххө, бу – төрөөбүт төрүт тылга сыһыан. “Омук – тылынан” диэн мээнэҕэ этиллибэт. Бу сыччах икки тылга дойду судаарыстыбаннаһа, кэскилэ бүүс-бүтүннүү киирэр. Биһиги, национальнай өрөспүүбүлүкэлэр, манна өссө чорбойордоохпут. Бастакы бэрэсидьиэммит Михаил Ефимович эппитинии, биһиги икки кынаттаахпыт. Бу биһиэхэ эрэ буолбакка, уруулуу омуктарбытыгар, ыаллыы олорор казахтарга, кыргызтарга, узбектарга, туркменнарга, азербайджаннарга, армяннарга, белорустарга, украинецтарга барыларыгар сыһыаннаах.
Оттон судаарыстыбаннаспыт, кэскилбит Аҕа дойдуну көмүскээччилэрбититтэн быһаччы тутулуктаах. Онон Кыайыы 80 сыллаах үбүлүөйэ уонна Аҕа дойдуну көмүскээччилэргэ анаммыт сыл быйылгы сыл биир уратытынан буолуоҕа.
Аны Арассыыйа тас дойдулары кытары сыһыанын ылан көрүөххэ. Манна барыбытын, бастатан туран, Америка Холбоһуктаах Штаттарын кытары сыһыаммыт интэриэһиргэтэр. Былырыын сэтинньигэ АХШ бэрэсидьиэнин быыбара ыытыллан, Дональд Трамп кыайан, быйыл тохсунньуга дойду салайааччытын бурҕалдьытын кэтиэхтээх. Дьэ ону, туох да диэбит иһин, аан дойду барыта кэтиир. Былырыын Владимир Путин сыл түмүгүн таһаарар пресс-кэмпириэнсийэтигэр, Дональд Трампы кытары түөрт сыл устата кэпсэппэтэҕин бэлиэтээн эппитэ, оттон Дональд Трамп бу аҕыйах хонуктааҕыта Владимир Путины кытары көрсүһүү алта ый иһинэн буолуон сөбүн туһунан иһитиннэрбитэ. Бу көрсүһүү Украина, Евросойуус боппуруостарыгар быһаччы сыһыаннаах буолуоҕа. Быйыл Украинаҕа, Германияҕа, Канадаҕа, Молдавияҕа, Румынияҕа, Польшаҕа, Чехияҕа, Беларуська бэрэсидьиэн, парламент быыбардара буолаары тураллар. Ону сэргэ аан илиҥҥи дойдулар атааннаһыылара эмиэ бэбиэскэттэн түспэт.
Онон, саба быраҕан эттэххэ, Арассыыйа уонна АХШ бэрэсидьиэннэрин көрсүһүүлэрэ быйылгы сыл биир ураты түгэнинэн буолуоҕа.
Экэниэмикэ боппуруостарын ылан көрдөххө, билигин дьон-сэргэ туруктаах, дохуоттаах буолуута, энэргиэтикэ боппуруостара, бэйэбит оҥорон таһаарыыбыт инники күөҥҥэ тураллар. Санатан этиим, быйылгыттан саҕалаан саҥа национальнай бырайыактар үлэлэрин саҕалыахтаахтар. Барыта сүүрбэ национальнай бырайыак киириэхтээх, экэниэмикэттэн саҕалаан тулалыыр эйгэни харыстааһыҥҥа тиийэ. Мантан уон тоҕус бырайыак тохсунньуттан саҕалаан үлэлээн барыаҕа.
Бу национальнай бырайыактарга Арассыыйа саҥа эрэгийиэннэрэ киирдилэр. Онон дойдубут саҥа тыынынан үлэлээн саҕалыаҕа. Биллэн турар, эбиллибиппит түмүгэр ороскуоппут эмиэ улаатыаҕа.
Эспиэртэр этэллэринэн, быйыл дойдубут экэниэмикэтэ арыый бытаарар чинчилээх. Ол эрээри тас дойдуттан инвестиция киириитэ син биир баар буолуоҕа диэн этэллэр. Инфляция, сыана үрдээһинэ, намтыыр туруктаах. Киин Баан сүрүн ставкатын кыччатыаҕа диэн эрэнэллэр.
Аны туран, дойду үрдүнэн нолуок реформата ыытыллан, быйылгыттан дохуоттан киирэр нолуок биэс көрүҥүнэн (ставканан) төлөнөр буолуоҕа. Ыйга 200 тыһыынча солкуобайга диэри хамнастаах дьон нолуоктара 13% хаалыаҕа, онтон атыттар хамнастарыттан
22 % тиийэ нолуок төлүөхтэрэ. Ону таһынан, гостиницаларга, криптовалютаҕа, интэриниэтинэн тарҕанар эрэкэлээмэҕэ, о.д.а. нолуок киириэҕэ.
Онон экэниэмикэ өттүгэр быйылгыттан саҕалаан саҥа быраабылалар киирэн барыахтара. Бу биирдиилээн дьону да, биисинэһи да, барыбытын таарыйыаҕа.
ХААРТЫСКА РОССИЙСКАЯ ГАЗЕТА» СААЙТЫТТАН.
Аҕа дойду Улуу сэриитин кэмигэр Саха сиригэр, сут-кураан, хоргуйуу-өлүү сатыылаабыт, ыар олох, ыар кыһалҕа ыга…
Бүгүн, тохсунньу 11 күнүгэр, "Тымныы полюһа -- Өймөкөөн" диэн VI экстремальнай марафон буолла. Кыһыҥҥы сүүрүүгэ…
Өбүгэлэрбит тулалыыр айылҕа уратытын, халлаан эттиктэрин, кыыллар быһыыларын таба көрөн, күнү-дьылы билгэлиир этилэр. Кыһын туһунан…
Балаҕан ыйын 27 күнүгэр бэлиэтэнэр Судаарыстыбаннас күнүгэр Арктика уонна ускуустуба киинин үлэҕэ киллэрии туһунан сорудаҕы СӨ…
Тохсунньу 16 күнүттэн дойду үрдүнэн киинэ тыйаатырдарыгар "Шаман" диэн эдэр режиссер Михаил Мерзликин киинэтэ көстүөҕэ.…
Саха сиригэр үүнэр үүнээйилэртэн мастар эмиэ эмтээхтэр, доруобуйаҕа улахан туһалаахтар. Сорох мастар иннэлэрин, лабааларын кыһын,…