Арассыыйаҕа быстах хомуур тохтотулунна
РФ Оборонаҕа миниистирэ Сергей Шойгу быстах хомуур түмүктэммитин туһунан Арассыыйа бэрэсидьиэнэ Владимир Путиҥҥа иһитиннэрдэ.
«Быстах хомуурунан ыҥырыыны бүгүн (алтынньы 28 күнүгэр) тохтоттубут. Гражданнарга биллэрии ыытыллыбат. Эн эппитин курдук, 300 тыһыынча киһи ахсаана туолла. Эбии ханнык да сорудах былааннамматаҕа», -– диэтэ Сергей Шойгу.
Оборона миниистирэ билигин 218 тыһыынча киһи анал эпэрээссийэҕэ кыттарга бэлэмнэнэ сылдьарын, ол эбэтэр полигоҥҥа баарын туһунан чопчулаата. Ыҥырыллыбыттартан 82 тыһыынча киһи анал эпэрээссийэ ыытыллар оройуоннарыгар баар. Байыаннай комиссариаттар баҕалаахтары уонна хантараактаахтары эрэ салгыы ыыта тураллар.
Шойгу этэринэн, быстах хомуур кэмигэр анал эпэрээссийэҕэ ситэриилээх былаас уорганнарын 1300 бэрэстэбиитэлин, 27 тыһыынчаттан тахса урбаанньыты ыыттылар. Ону таһынан 13 тыһыынча киһи бэбиэскэ кэлэрин күүппэккэ эрэ анал эпэрээссийэҕэ кыттар баҕалааҕын биллэрдэ. Кинилэр баҕа өттүлэринэн кэлбит дьон быһыытынан кытталлар. Быстах хомуурга ыҥырыллыбыт дьон орто сааһа -– 35 саас.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: