Арассыыйаҕа Дьиэ кэргэн, таптал уонна бэриниилээх буолуу күнүн өрөбүл күнүнэн биллэрэргэ этии киллэрдилэр
Госдуумаҕа Дьиэ кэргэни көмүскүүр кэмитиэтин баһылыга Нина Останина от ыйын 8 күнүн, Арассыыйаҕа Дьиэ кэргэн, таптал уонна бэриниилээх буолуу күнүн, өрөбүл күнүнэн биллэрэргэ РФ Үлэҕэ уонна социальнай сайдыыга миниистирэ Антон Котяков аатыгар ыҥырыы сурук ыытта. Бу туһунан РИА суруйар.
«Дойдубут үгүс дьиэ кэргэттэриттэн бу күнү элбэх оҕолоох төрөппүттэргэ өрөбүл күнүнэн аныырга Госдуумаҕа Дьиэ кэргэн, аҕа, ийэ уонна оҕо аймах боппуруостарыгар сис кэмитиэккэ элбэх этии киирбитэ. Бу хардыынан быйыл Дьиэ кэргэн сылыгар судаарыстыба ураты кыһамньытын көрдөрүөҕэ», — диэн ыҥырыы сурукка этиллэр.
Санатан эттэххэ, Дьиэ кэргэн, таптал уонна бэриниилээх буолуу күнүгэр Дьокуускайга Комсомол болуоссатыгар бэстибээл ыытыллыаҕа. Бырагырааманан параад, маастар-кылаастар, бырааһынньыктааҕы кэнсиэр буолуоҕа.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: