Арассыыйаҕа дьиэ кыылын ииримтийиитэ суоһуур дуо?
Бу күннэргэ кэккэ СМИ-нэн Омскай, Амур уобаластарын уонна Санкт-Петербург, Краснодар, Москва куораттарын олохтоохторо ииримтийбит ыттарга уонна куоскаларга ытыттаран наадалаах быһыыны ылар кыахтара суох буолбут диэн иһитиннэрии тарҕаммыта.
Росздравнадзорга дойду үрдүнэн бу хайысхаҕа эмп-том элбээбитин туһунан бигэргэтэллэр. Бу туһунан «Парламентская газета» суруйар. Ветнадзор управлениетын иһитиннэрэр-аналитическай киин дааннайынан, бу сыл сэтинньи 25 күнүгэр Арассыыйа үрдүнэн Воронежскай, Смоленскай уонна Тамбовскай уобаластарга, Удмуртияҕа элбэх ииримтийбит кыыл баара биллибит. Оренбург уобалаһыгар уонна Саха сиригэр харантыын уһуллубут.
Дьиэ кыылыттан ураты, статистикаҕа ииримтийии ыарыыга ылларбыт саһыл, бөрө, дьиикэй сылгы уонна тайах киирэллэр. Барыта 31 ииримтийбит саһыл тутуллубут. Ол курдук, Бурятияҕа сыл саҕаланыаҕыттан нэһилиэктэргэ бу кыыллар киирбит 11 түбэлтэтэ бэлиэтэммит. Биир кыылы дьиэтээҕи ыт тутан сиэбит. Ордук элбэх түбэлтэ Нижегородскай, Воронежскай, Белгородскай, Новосибирскай, Смоленскай, Тамбовскай, Самарскай, Челябинскай уобаластарга, Луганскай уонна Донецкай Норуодунай Өрөспүүбүлүкэлэргэ уонна Крымҥа бэлиэтэммит.
Быһыыны судаарыстыбаннай травматологическай пууннарынан босхо эбэтэр төлөбүрдээх килииньикэлэргэ ылыахха сөп. Сыаната 740-тан 25 тыһ. солк. диэри уларыйар. Орто сыаната – 5 тыһ. солк. Толору кууруһу ааһарга алта укуол наада.
Ыарыһахтар бырааптарын көмүскүүр уопсастыбаннай тэрилтэлэрин Сэбиэтин салайааччыта Ян Власов кэпсииринэн, мэдиссиинэ пууннарынан ииримтийиини утары быһыыны ыларга эмп-томп тиийбэтэ бэлиэтэнэр.
«Төлөбүрдээх бу быһыыны ылыахха сөп, оттон босхо ылар уустуктардаах, — диэн бэлиэтиир кини. — Ол Арассыыйаҕа вакцинаны икки поставщик эрэ киллэрэринэн сибээстээх». Ииримтийии ыарыытын бэлиэлэрэ билиннэҕинэ, эмтиир кыаллыбат. Бу түбэлтэҕэ кыыл эбэтэр киһи өлөрө 100% тэҥнэһэр. Өлүүттэн куоттунар соҕотох ньыма баар – бу иримтийиини утары быһыы ылыы. Кыыл оҕолоругар быһыыны үс ыйтан саҕалаан олохторун тухары сыл ахсын биэриэххэ наада. Ииримтийии ыарыыны сэрэтэр туһуттан кыыл ытырбыт сирин мыылалаах уунан сууйуллуохтаах, перекись водородунан уонна йодунан сотуллуохтаах. Кэлин тутатына быһыы ылар кууруһун ааһыахха наада.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: