Хаартыска: Андрей Сорокин, СИА
РФ Бырабыыталыстыбатын вице-премьерэ Марат Хуснуллин иһитиннэрбитинэн, тутууга 2021 сыллаахтан федеральнай бүддьүөттэн кирэдьииттээһин киирэн, былырыын аҥаардас бу хайысханан Арассыыйа үрдүнэн 5,6 мөлүйүөн кв м дьиэ тутуллубут.
РФ Бэрэсидьиэнэ Владимир Путин быйылгы Анал этиитигэр дойду үрдүнэн хаһааҥҥытааҕар да элбэх дьиэ тутуллубутун санатан бэлиэтээбитэ. Былырыын 102,7 мөлүйүөн кв м дьиэ тутуллан киирбит. Ол иһигэр бүддьүөттэн кирэдьииттээһин хайысхатынан 5,6 мөлүйүөн кв м тутуллубут. Санатан эттэххэ, инфраструктуралары кирэдьииттээһиҥҥэ федеральнай бүддьүөккэ 2021-2025 сылларга биир триллион солкуобай былааннанан турар. Быйыл бэрэсидьиэн манна өссө 250 млрд солкуобайы көрөргө сорудахтаабыта. Ону таһынан 50 млрд солкуобай уопсастыбаннай тырааныспардара сайыннарыыга барыахтаах.
— Былырыын Арассыыйа үрдүнэн хаһааҥҥытааҕар элбэх дьиэ тутуллан киирдэ. Манна биир өттүнэн бүддьүөттэн инфраструктуралары тутууга кирэдьииттээһин киирбитэ улахан оруолу ылла. Бу хайысханан ордук Москва, Санкт-Петербург, Свердлов, Тюмень, Рязань уобаластара туһаннылар. Холобур, Москва уобалаһыгар былырыын үлэҕэ киирбит дьиэлэр ахсааннарыттан сэттэ бырыһыанын бу саҥа хайысханан тутуллубут дьиэлэр ылаллар. Оттон Рязань уобалаһыгар тутуллубут дьиэлэр 42 бырыһыаннара бүддьүөттэн үбүлэннилэр, — диэн бэлиэтиир вице-премьер Марат Хуснуллин.
Арассыыйа аармыйатын Киин Академическай тыйаатыра Саха сиригэр кэлиэн иннинэ тыйаатыр дириэктэрэ Милена Авимскаялыын маннык кэпсэппиппит.…
Бүгүн, от ыйын 6 күнүгэр, Таатта улууһун хайысхатынан араас массыына, оптуобус халҕаһалыы субуллар. Манчаары төрүт…
Мэлдьи ахтар-саныыр доҕорбунаан Ньукулайдыын 80-с сыллартан “Кыым” хаһыакка үлэлиэхпититтэн билсибиппит. Хомсомуолга иитиллибит, хомуньуус баартыйа кыһатыгар…
Ураты быһыылаах түргэн мантыы ырысыабынан социальнай ситимнэринэн фудблогер уонна спортсмен Владимир Никитин үллэһиннэ. Өрөбүл күҥҥэ…
Норуот ырыаһыта Сергей Зверев төрөөбүтэ 125 сылынан Сунтаар улууһун Түбэй Дьаарханыгар ыытыллыбыт Ыһыах кыттыылаахтара Ыгыаттаҕа…
Сахабыт сиригэр самаан сайыммытын уруйдуур-айхаллыыр, араас ыһыахтар дьэ бүтэн эрэллэр. Мин эмиэ сааспын баттаһа, биир…