Арассыыйаҕа дьону эргэ дьиэттэн көһөрүү саҥа бырагырааматын үлэлэтиэхтэрэ

Share

Саахалланар туруктаах дьиэттэн дьону көһөрүү саҥа барыгыраамата эһиилги сылтан олоххо киириэҕэ. Бу туһунан Арассыыйа бэрэсидьиэнэ атырдьах ыйын 7 күнүгэр Бырабыыталыстыба чилиэннэрин кытта ыыппыт мунньаҕар вице-премьер Марат Хуснуллин иһитиннэрдэ.

Дойду баһылыга бэлиэтээбитинэн, тутааччылар идэлээх бырааһынньыктарын — Тутааччы күнүн үтүө түмүктээх көрсөллөр: олорор дьиэни туттарыы кээмэйэ элбии турар, аҥардас ааспыт сылга, ол иһигэр чэпчэтиилээх ипотеканан олорор усулуобуйатын дойду 4,4 мөл. олохтооҕо тупсарыммыт.

“Быйыл саахалланар туруктаах дьиэттэн саҥа дьиэҕэ 50 тыһ. тахса киһи көстө, кэлиҥҥи биэс сылга – 720 тыһ. киһи. Күн бүгүн 41 эрэгийиэн саахалланар туруктаах дьиэттэн олохтоохтору болдьоҕун иннинэ көһөрдө, үлэни салгыы ыытабыт. Бу 2017 сылга диэри саахалланар туруктааҕынан биллэриллибит дьиэлэртэн көһөрүү буолар” – диэн Арассыыйа бэрэсидьиэнэ Владимир Путин иһитиннэрдэ.

Бырабыыталыстыба вице-премьера Марат Хуснуллин этэринэн, 2017 сыл кэннитэн саахалланар туруктааҕынан билиниллибит дьиэлэртэн көһөрүү саҥа судаарыстыбаннай бырагыраамата быйылгы сыл түмүктэниэр диэри бигэргэтиллиэхтээх.

Санатан эттэххэ, Саха сиригэр бэрэсидьиэн көҕүлээһининэн Арассыыйа эрэгийиэннэриттэн саамай далааһыннаах “Олорор дьиэ уонна куорат эйгэтэ” национальнай бырайыак иитинэн 40 тыһ. тахса киһи саҥа кыбартыыраны ылла, 2019 сылтан 728 тыһ. кв.м. саахалланар туруктаах дьиэттэн дьону көһөрдүлэр.

“Саахалланар туруктаах дьиэттэн дьону көһөрөргө анаан тутуллар дьиэ биллэ эбилиннэ. Тутуу Дьокуускай куоракка уонна улахан улуустарга эрэ буолбакка, өрөспүүбүлүкэҕэ барытыгар, ол иһигэр Сэбиэскэй Сойуус ыһыллыаҕыттан тутуу ыытыллыбатаҕын кэриэтэ турар Арктика улуустарыгар барара үчүгэй” – диэн Ил Дархан Айсен Николаев бэлиэтиир.

Ону тэҥэ, былырыын өрөспүүбүлүкэҕэ олорор дьиэни тутууга рекорд олохтоммута. Сыл түмүгүнэн эрэгийиэҥҥэ 705,13 тыһ. кв.м. олорор дьиэни үлэҕэ киллэрбиттэрэ, ол иһигэр 315,47 тыһ.кв.м. элбэх кыбартыыралаах уонна 389,66 тыһ. кв.м. биирдиилээн олорор дьиэ. Саха сирин устуоруйатыгар итинтэн элбэх олорор дьиэни 1990 сыллаахха үлэҕэ киллэрбиттэрэ, 744 тыһ.кв.м. олорор дьиэ этэ.

Ил Дархан уонна Бырабыыталыстыба пресс-сулууспата.

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
1

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Усуйаана улууһугар икки киһи сүппүт

Бүгүн, сэтинньи 23 күнүгэр, Усуйаанатааҕы ЕДДС Уйаандьы сэлиэнньэтин баһылыгын солбуйааччытыттан  иһитиннэрии киирбит. Кини 1999 уонна…

6 минут ago
  • Сонуннар
  • Спорт

Доҕордуу көрсүһүүгэ икки хамаанда күөн көрүстэ

Уус Алдан улууһугар Тиит Арыыга 16 сылын доҕордуу көрсүһүү үрдүк тэрээһиннээхтик ыытылынна. Манна Тиит Арыыттан…

31 минута ago
  • Интэриэһинэй
  • Сонуннар
  • Сүрүн

Тускул: «Кэлэр нэдиэлэттэн улахан сылыйыы буолуоҕа»

Бу күннэргэ дойду бары сиригэр-уотугар өтөрүнэн бэлиэтэммэтэх сылыйыы буола турарын туһунан Арассыыйа Гидромет киинин научнай дириэктэрэ…

1 час ago
  • Сонуннар
  • Сүбэһит

Норуот ньыматынан эмтэнии

Былыр аныгы курдук аптека да, балыыһа даҕаны диэн суох. Онон хас эмэ үйэ тухары көлүөнэттэн…

2 часа ago
  • Байыаннай эпэрээссийэ
  • Сонуннар

Психологтар байыастарга сүбэ-ама биэрэллэр

Байыаннай дьайыы кыттыылаахтарыгар уонна кинилэр дьиэ кэргэттэригэр психологтар көмөлөрө, өйөбүллэрэ салҕанар. Ааспыт нэдиэлэҕэ, ону сэргэ…

2 часа ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн

Блогердыах баҕаттан…

Сорохтор уонунан, сүүһүнэн миэтэрэ үөһэ ытталлар, атыттар саастыылаахтарын кырбыылларын видеоҕа усталлар. Бу барыта биир эрэ…

3 часа ago