Арассыыйаҕа хас оҕо ахсын ийэ хапытаалын 25%-нан улаатыннаран иһиэххэ диэтилэр

Share

Дьиэ кэргэни өйүүр Госдума кэмитиэтин баһылыга Нина Останина хас оҕо төрөөтөҕүн ахсын ийэ хапытаалын 25%-нан улаатыннаран иһиэххэ наада диэтэ.  Оччоҕо дойдуга оҕо төрөөһүнэ лаппа улаатыа этэ, диир.

“Бүгүн баар миэрэлэртэн саамай көдьүүстээхтэрэ – 2020 сыллаахха диэри бэриллибит ийэ хапытаала буолар, оттон бастакы оҕоҕо ийэ хапытаала бэриллэр буолбутун кэннэ, иккис оҕону төрөтүү харгыстаммыта”, — диэтэ Останина.

Дьокутаат этэринэн, дьиэ кэргэн ийэ хапытаалын 80%-нын дьиэ атыылаһыытыгар ыытар, онон ипотекаҕа киирэн баран иккис оҕону төрөтөр наада дуо диэн толкуйга түһэллэр.

“Ийэ хапытаалын бастакы оҕоҕо эрэ буолбакка, иккис, үһүс, салгыы төрүүр оҕолорго 25%-нан улаатыннаран биэрэн иһиэххэ наада. Оччоҕо эрэ оҕо төрөөһүнэ биллэрдик элбиэҕэ”, — диэн тоһоҕолоон бэлиэтээтэ парламентарий.

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Өртөөһүн хайдах ыытыллыан сөбүй?

Саха сирин Экологияҕа, айылҕаны туһаныыга уонна ойуур хаһаайыстыбатын министиэристибэтэ санатар: тыа хаһаайыстыбатыгар анаммыт ходуһаларга уонна…

10 минут ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

100 сыллааҕыта ыытыллыбыт кэлим эспэдииссийэ суолтата дириҥ

1925-1931 сс. Максим Аммосов тэрийиитинэн улахан билим эспэдииссиийэтэ Саха сирин барытын хабан үлэлээбитэ. Сүүс сыл…

25 минут ago
  • Култуура
  • Сонуннар

Дэгиттэр талааннаах хоту дойду хоһуун үлэһитэ

Анаабыр улууһун “Алмаас” Култуура киинин норуот айымньытыгар салаатын салайааччыта, РФ култууратын үтүөлээх үлэһитэ Попова Мария…

40 минут ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

21 оҕоҕо үөрүүлээх быһыыга-майгыга пааспары туттардылар

Национальнай бибилэтиэкэҕэ 14 сааһын туолбут 21 оҕоҕо пааспары үөрүүлээх быһыыга-майгыга туттардылар. Тэрээһин Судаарыстыбаннас күнүн көрсө…

47 минут ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба
  • Үөрэх

Кыайыыттан кынаттаммыт кэскиллээх үлэ

Курбуһах нэһилиэгэ 2024 сыллаахха саха тылын сайыннарыыга "Ийэ тыл эйгэтэ" бырайыагы суруйан Ил Дархан гранын…

1 час ago
  • Кыайыы 80 сыла
  • Сонуннар

Оҕолор бэтэрээннэр олохторун сэргииллэр

Муус устар 16 күнүгэр Улуу Кыайыы 80   сылыгар анаммыт "Кыайыыны уһансыбыт аҕа саастаах көлүөнэҕэ сүгүрүйэбит!"…

2 часа ago