Арассыыйаҕа холбоһор туһунан дуогабарга илии баттаатылар

Арассыыйаҕа холбоһор туһунан дуогабарга илии баттаатылар

30.09.2022, 22:57
Бөлөххө киир:

Балаҕан ыйын 30 күнүгэр күнүс 3 чааска (Москва бириэмэтинэн) Кириэмил дыбарыаһын Георгиевскай саалатыгар дойду бэрэсидьиэнэ Владимир Путин Арассыыйа уонна ДНР, ЛНР, Запорожье, Херсон уобаластарын олохтоохторугар туһаайан тыл эттэ. Бу этиитигэр кини сүрүннээн арҕааҥҥы дойдулар колониальнай бэлиитикэлэрин саралаата.

1991 сыллаахха норуоттан ыйыппакка да эрэ, улуу Сэбиэскэй Сойууһу ыспыттара. Төһө да 90-с сылларга ыһыллыы-тоҕуллуу буолбутун иһин, Арассыыйа ыарахан кэмнэри тулуйбута, атаҕар турбута, кытааппыта. Бу арҕааҥҥы дойдулар былааннарыгар суоҕа. Онон саҥаттан саҥа охсууну оҥорорго, Арассыыйаны ыһарга ньымалары көрдүүр. Ол иһин судаарыстыбалары мөлтөтөн, доллар хабалатыгар киллэрэн, аан дойдуну баһылыыр, бэйэлэрин туһаларыгар туһанар эрэ дьүккүөрдээхтэр, — диэн баран, бэрэсидьиэн элбэх историческай чахчылары ыйда.

Ол курдук, иккитэ ядернай дэлби тэбиини, Кореяҕа, Вьетнамҥа, атын да дойдуларга сэриилэри, биологическай сэрии сэбин оҥорууну, о.д.а. тоһоҕолоон бэлиэтээтэ. Билигин ХНТ дойдуларыгар хааннаах кыргыһыылары тэрийэр, ыһар, мөлтөтөр сыаллаахтарын, бары бииргэ түмсэн, Арассыыйаны утары гибриднэй сэриини ыыталларын кэпсээтэ. Сымыйанан демократияны тарҕатабыт диир эрээри, баһылыыр, албынныыр, дьаһайар эрэ сыаллаахтарын тоһоҕолоон бэлиэтээтэ.

АХШ билигин да Японияны, Германияны тэҥ бырааптаах партнер диэн ааттыыр эрээри, үрдүттэн дьаһайа олорорун, бэл диэтэр, дойду баһылыгын дьиэтигэр иһиллиир тэриллэри туруоралларын туһунан эттэ.

Быстах хомуурга барбыт дьон ийэлэригэр, кэргэттэригэр туһаайан, буойуттар туох туһугар сэриилэһэ сылдьалларын туһунан бэлиэтээтэ.

 Арҕааҥҥы дойдулар кулуттары эрэ көрүөхтэрин баҕараллар, колония оҥостуохтарын саныыллар, биһиги сайдарбытын, култуурабытын, ускуустубабытын суох гынар санаалаахтар. Онон биһиги бэйэбит сыаннастарбытын уонна Ийэ дойдубутун көмүскүүбүт. Кинилэр быраабылаларынан олоруохпут суоҕа. Уопсастыбабыт бу кэмҥэ биир сомоҕо буолуохтаах. Оҕолорбут инники кэскиллэрин, бэйэбит гражданнарбытын, сирбитин-уоппутун көмүскүөхпүт, — диэн бэрэсидьиэн эттэ.

Бу кэнниттэн Владимир Путин уонна ДНР аҕа баһылыга Денис Пушилин, ЛНР аҕа баһылыга Леонид Пасечник, Запорожскай  уобалас байыаннай-гражданскай дьаһалтатын баһылыга Евгений Балицкай, Херсонскай уобалас баһылыга Владимир Сальдо Арассыыйаҕа холбоһор туһунан дуогабарга илии баттаатылар.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
11 декабря
  • -41°C
  • Ощущается: -48°Влажность: 66% Скорость ветра: 2 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: