Арассыыйаҕа квадробика табаарыгар наадыйыы үрдүүр
2024 сыл үс кыбаарталын түмүгүнэн квадробикаҕа аналлаах табаарга нэһилиэнньэҕэ наадыйыы 4800% улааппыт.
Бу сыл үс кыбаарталын түмүгүнэн квадробика табаарыгар наадыйыы устуукатынан 4800% уонна кээмэйинэн 4700% улааппыт. Итинник даанyайдарынан Wildberries хампаанньа үллэһиннэ диэн «Ведомости» суруйар.
Билигин квадробика табаарыгар наадыйыы муҥутуур кэмэ диэн бэлиэтэнэр. Wildberries бэрэстэбиитэллэрэ ааспыт сылга квадробика табаарыгар атыылаһыы биирдиилээн эбит буоллаҕына, билигин маассабай буолбутун бигэргэтэллэр. Арассыыйаҕа «квадробинг» эбэтэр «квадробика» диэн бэлиэлээх табаардары 2022 сыл тохсунньу 2 күнүттэн атыылаһар буолбуттар. Оттон ордук элбэхтэ табаары 2024 сыллаахтан сакаастыыр саҕаламмыт.
Билигин маркетпллейска ас-үөл, будка, духу, о.д.а. табаардары күүскэ атыылаһаллар. MPGO чинчийээччилэрэ этэллэринэн, саамай атыыланар табаарынан квадробика мааскалара уонна кутуруктара буолаллар. Маскалаах кутуругу уонна бэрчээккини 1129 солк. суумаҕа бүтэһик ыйга 381 төгүл атыылаабыттар.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: