Бу күннэргэ Санкт-Петербург куоракка устудьуоннар ортолоругар ыытыллыбыт Бүтүн Арассыыйатааҕы аһаҕас бастакы күрэхтэһии иитинэн, мас тардыһыытыгар устудьуоннар спортивнай холбоһуктарын (лига) тэрийэргэ сөбүлэҥ түһэристилэр. Холбоһугу көҕүлээччилэртэн биирдэстэринэн Хотугулуу-Илиҥҥи федеральнай университет буолар.
“Бүгүн мас тардыһыытыгар устудьуоннар спортивнай холбоһуктарын тэрийэр туһунан сөбүлэҥҥэ илии баттастыбыт. Мас тардыһыытыгар холбоһук улахан суолталаах дии саныыбын: успуорт сомоҕолуур, спортсменнар, тириэньэрдэр, судьуйалар холбоһуктара тэриллэр. Ону таһынан, РФ Билимҥэ, үрдүк үөрэххэ министиэристибэтин бирикээһигэр олоҕуран, үөрэнээччилэр 85% тахсата успуордунан ситимнээхтик дьарыктаныахтаах. Күн бүгүн ХИФУ бу көрдөрүүнү ситистэ, биһиги дойду үрдүнэн атын кэккэ үрдүк үөрэх кыһаларын устудьуоннарын ахсаанын эмиэ эбэргэ дьулуһабыт. Биһиги университеппытыгар үөрэтии методикатын систиэмэтин тупсаран биэрэр уонна төрүт көрүҥнэри билим хараҕынан көрөн сайыннарар мас тардыһыытын хаапыдырата үлэлиир”, — диэн Анатолий Николаев этэр.
“Мас тардыһыыта сайдар, суолталанар. Маны успуорт бу көрүҥүн туһунан уһуллар уус-уран киинэлэртэн уонна норуоттар икки ардыларынааҕы түһүлгэлэргэ тарҕатыыттан көрүөххэ сөп. Биһиги устудьуоннарга успуорду тарҕатыынан дьарыктанар тэрийээччилэр буоларбыт быһыытынан, мас тардыһыытын үөрэ-көтө көрсөбүт уонна өйүүргэ бэлэммит”, — диэн РФ успуорка миниистирин сүбэһитэ, Арассыыйатааҕы устудьуоннар спортивнай сойуустарын бастакы вице-бэрэсидьиэнэ Роман Ольховскай этэр.
Бүтүн Арассыыйатааҕы мас тардыһыытын федерациятын бэрэсидьиэнэ Михаил Гуляев аан дойду үрдүнэн сыллата үгүс успуорт куттаах дьон сүрэҕин тутар диэн бэлиэтиир. “Успуорт бу көрүҥүн эрэллээхтик өрө анньыы биһиги сүрүн сорукпутун ситиһэрбитигэр эрэли үөскэтэр – Олимпиада бырагырааматыгар киллэриигэ. Мас тардыыһытын норуоттар икки ардыларынааҕы федерациятыгар 50 тахса национальнай федерациялар киирэллэр, Арассыыйаҕа 50-тан тахса эрэгийиэҥҥэ успуорт бу көрүҥүнэн дьарыктаналлар. Бу Бүтүн Арассыыйатааҕы мас тардыһыытын ситимнээх үлэтин түмүгэ”, — диэн ыйар. Ити туһунан ХИФУ пресс-сулууспата суруйар.
Оҕо эрдэххэ дьаабылыка сыта, мандарин амтана наһаа да минньигэс уонна ураты буолара. Саҥа дьыл үөрүүтүн,…
Сыл – хонук. Номнуо үйэ чиэппэрэ ааһа охсубут. Оттон киэн туттан бүгүн кэпсээри оҥостор киһибит …
Горнай улууһун Одуну нэһилиэгэр айрширскай боруодалаах ынах бастакы ньирэйин төрөппүтүн туһунан "Үлэ күүһэ" хаһыат телеграм-ханаала…
"Сахафильм" киинэ хампаанньата уонна СӨ Национальнай бибилэтиэкэ 10 сахалыы киинэни босхо көрдөрөллөр. "Киинэни ааҕабыт!" аахсыйа…
Саха киинэтэ 1990 сылтан силис-мутук тардар. Бу сыл “Северфильм” киинэ устуудьуйата тэриллибитэ, ол 1992 сыллаахха…
Нейросеть Дьыл Оҕуһун оҥордо диэн ЯкутияDaily иһитиннэрэр: https://t.me/yakutiadaily/45038