Арассыыйаҕа нэдиэлэ устата ордук үрүҥ ас сыаната үрдээтэ
Ааспыт нэдиэлэттэн Арассыыйа үрдүнэн ордук үрүҥ ас сыаната үрдээтэ. Алтынньы 8-14 күннэригэр дойдуга сыана хайдах уларыйбытын туһунан Судаарыстыбаннай статистикаҕа кэпсээтилэр.
Судаарыстыбаннай статистика федеральнай сулууспатын чахчыларынан, сыана ынах арыытыгар (+1,4%), иэдьэгэйгэ (1,0%), сүөгэйгэ (0,9%), үүккэ (0,8%), сыыр араас көрүҥнэригэр (0,7%) эбиллибит. Ону тэҥэ хортуоппуй уонна банаан сыаната (+1,3%), мокоруон оҥоһуктар (0,6%), оҕо аһылыгар уонна үүт кэнсиэрбэтигэр (0,5%), килиэп уонна оҕо аһылыгын фрукта кэнсиэрбэтигэр (0,4%), куурусса уонна бэрмисиэл (0,3%) үрдээбитэ бэлиэтэммит.
Сыана намтыырын туһунан этэр буоллахха, ааспыт нэдиэлэҕэ моркуоп (-1,9%), дьаабылака (1,4%), сүбүөкүлэ (1,2%), хаппыыста (1,0%) уонна помидор (0,6%) чэпчээбит. Бу иннинэ статистикаҕа сыана ынах арыытыгар — 1,6%, үүт аска — 1,0%, сүөгэйгэ — 0,8%, сыыр араас көрүҥэр — 0,7% эбиллибитин туһунан иһитиннэрбиттэрэ. Ити курдук ынах арыытын сыаната ордук ыараабыт испииһэккэ киирдэ, сыл саҕаланыаҕыттан 21,5% эбиллибит. Ити кэннэ испииһэккэ бастакы миэстэҕэ хортуоппуй (+ 47,2%) турар.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: