Хаартыска: Мария Васильева, СИА түһэриитэ
РФ Бырабыыталыстыбата Үп министиэристибэтэ “нолуок тиһигин тупсарыыга” диэн киллэрбит көннөрүүлэрин биһирээтэ. Ол эбэтэр НДФЛ-ы ыйга хамнастара 200 тыһ. солк.-тан саҕаланар (сылга 2,4 мөл. солк.) дьоҥҥо үрдэтиэхтэрэ.
“Үрдэтиллибит НДФЛ дохуот сууматыгар барытыгар ааҕыллыа суоҕа, олохтоммут кээмэйтэн тахсыбыт суумаҕа эрэ ааҕыллыа”, — диэн РФ Үпкэ миниистирэ Антон Силуанов быһаарда.
Ол эбэтэр, өскөтө эн хамнаһыҥ ыйга 250 тыһ. солк. буоллаҕына, 200 тыһыынчатыгар 13% -наах нолуок түһэр, оттон 15 %-наах нолуок ордубут 50 тыһыынчатыгар эрэ ааҕыллар.
НДФЛ мантан антах маннык ааҕыллара күүтүллэр.
2,4 мөл-тэн 5 мөл. солк. дохуоттаах киһиэхэ – 15 %
5 мөл.-тэн 20 мөл. солк. дохуоттаах киһиэхэ – 18 %
20 мөл.-тэн 50 мөл. солк. дохуоттаах киһиэхэ – 20 %
50 мөл. солк. тахса дохуоттаах киһиэхэ – 22 %
Бу уларыйыылар 2025 сыл тохсунньу 1 күнүттэн киириэхтэрин сөп дииллэр.
Бүгүн Оһуокайбыт түһүлгэтигэр субуотунньуктаатыбыт. Мустуубут боппуруоһунан түмсүү сэбиэтэ Оһуокай ыһыаҕын тэрийиигэ сүбэлэстибит. Бастатан туран, Нерюнгрига…
Бу күннэргэ социальнай ситимнэринэн бааннар кирэдьиит биэрэллэригэр кирэдьиит устуоруйатын учуоттаабат буоллулар диэн сымыйа сурах тарҕанна.…
Бу сыл тохсунньуттан ыам ыйыгар диэри «Якутскэнергосбыт» хампаанньа 50 мөл. солк. тахса суумалаах хомунаалынай өҥөлөр…
Политолог, суруналыыс Чокуур Гаврильев ырытар.
От ыйыгар ГАИ үлэһитин тохтобулга ирдэбилин толорботох иһин ыстараап 12,5 төгүл үрдүөҕэ, ОСАГО полиһа суох…
От ыйын 1 күнүгэр Национальнай бэчээт күнэ бэлиэтэнэр. Бырабыыталыстыба дьиэтигэр сахалыы тыллаах көрдөрөр-иһитиннэрэр сириэстибэлэр үлэһиттэригэр,…