Арассыыйаҕа оҕото суохтарга нолуок киллэриэхтэрин баҕараллар
Бүтэһик ыйдарга демографическай киирисис тиэмэтэ уопсастыбаҕа инники күөҥҥэ таҕыста.
Манна ордук чайлдфри идеологиятын пропагандалааһын бобуллуутун, ону тэҥэ оҕото суохтарга нолуогу киллэрии үөрэтиллэр. Судаарыстыбаннай Дуумаҕа балаҕан ыйыгар киирбит сокуон барылынан дьокутаттар оҕото суохтарга нолуогу киллэриэхтэрин баҕараллар.
«Маннык нолуогу киллэрии демографическай кыһалҕалары быһаарбатаҕын иһин, оҕо төрөөһүнүн боппуруоһугар психологическай мэһэйдэри уһуларга сөптөөх хамсааһын буолуон сөп. Бу ордук эдэр саастаах дьахталларга, кыргыттарга сыһыаннаах», — диир дьокутаат Евгений Марченко.
Арассыыйатааҕы судаарыстыбаннай социальнай университет оҕо төрөөһүнүн үрдэтэр сыалын ситиһэргэ улахан чинчийиини ыытта. Учуонайдар маннык түмүккэ кэллилэр. Маннык нолуогу оҕото суох эр дьоҥҥо 45-гэр диэри уонна дьахталларга 21 саастарыгар диэри киллэриини дьүүллэһэллэр. Оччотугар нолуоктан киирбит харчыны үс уонна онтон элбэх оҕолоохторго көмө курдук аныахтарын баҕараллар.
Ыйытыы түмүгүнэн Арассыыйа олохтоохторун 87%-на бу нолуогу киллэриини утараллар, олортон 61%-на кытаанахтык утарсар, онтон 26 % быһаарына илик. Дьахталлар эр дьону кытта тэҥнээтэххэ олус ордук утараллар.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: