Арассыыйаҕа патогеннай микроорганизмнары киллэрии иһин эппиэтинэс күүһүрэр
23.10.2024, 19:30
Хаартыска: СИА
Бөлөххө киир:
Госдуума дьокутаттара иккис уонна үһүс бүтэһиктээх ааҕыыга патогеннай микроорганизмнары контрабанданан дойдуга киллэрии уонна куттал суох буолуутун быраабылатын кэһии иһин РФ Холуобунай Кодексатыгар көннөрүүлэри ылыннылар.
Ол туһунан Госдуума аллараа балаататын саайтыгар биллэрилиннэ. Саҥа ылыллыбыт сокуонунан генетическэй дьайыыларынан уонна биосинтез көмөтүнэн ылыллыбыт вирустары, токсиннары уонна биоагеннары таһыы иһин холуобунай эппиэтинэһи олохтуур.
Госдуума бэрэссэдээтэлэ Вячеслав Володин этэринэн, докумуон парламент хамыыһыйата Арассыыйа кыраныыссатын таһыгар Украинаҕа АХШ биолабораториятын үлэтин чинчийиитин түмүгүнэн оҥоһулунна.
+1
1
+1
+1
+1
+1
+1
+1
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: