Арассыыйаҕа сокуоннайа суох олорор миграннар ахсаана 40%-тан тахса үрдээтэ
2024 сыл саҕаланыаҕыттан дойду үрдүнэн сокуоннайа суох олорор миграннарахсаана 40%-тан тахса үрдээтэ. Бу туһунан РФ Ис Дьыалаҕа миниистирэ Владимир Колокольцев ИДьМ кэллигийэтин мунньаҕар иһитиннэрдэ.
Кини этэринэн, быйыл алтынньы ыйга дойду үрдүнэн 6,5 мөлүйүөн атын омук гражданина баар, мантан 740 тыһ. тахса киһи сокуоннайа суох олорор. Полиция генерала быһаарарынан, атын омук гражданнара Арассыыйаҕа үксүн туристическай визанан киирэллэр уонна олохсуйа хаалаллар. Ону кытта нуучча тылын билии туһунан сэртипикээти ылыыга хонтуруол күүһүрбүтүн кэпсээтэ. Ол курдук, 7,5 тыһыынча кэриҥэ атын омук гражданнарын нуучча тылын билбэттэринэн эксээмэҥҥэ киллэрбэтэхтэр. Уопсайа эксээмэҥҥэ 66 тыһ. (25%) кыттааччы нуучча тылыгар тургутугу ааспатах.
Ону таһынан быйыл Арассыыйаттан 2023 сылы кытта тэҥнээтэххэ 1,5 төгүл элбэх омук гражданнарын кыраныысса таһыгар таһаарбыттар, итини кытта Арассыыйаҕа олоруу уонна киирии эрэсиимин кэһии ахсаана 15%-нан улааппыт. Ол түмүгэр 34 тыһ. омук гражданнарыгар Арассыыйаҕа быстах кэмҥэ олоруу болдьоҕун кылгаппыттар уонна 180 тыһ. киһи дойдуга киирэр кыаҕын быраабын хааччахтаабыттар. ИДьМ баһылыга «Нелегал-2024» тэрээһин көдьүүстээҕин бэлиэтээтэ, ол чэрчитинэн полициялар миграционнай сокуонунан 106 тыһ. тахса кэһии тахсыбытын арыйбыттар. Ол түмүгэр Арассыыйаттан 20 тыһ. омук бэрэстэбиитэлэ депортацияламмыт.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: