Арассыыйаҕа сокуоннайа суох олорор миграннар ахсаана 40%-тан тахса үрдээтэ

Share

2024 сыл саҕаланыаҕыттан дойду үрдүнэн сокуоннайа суох олорор миграннарахсаана  40%-тан тахса үрдээтэ. Бу туһунан РФ Ис Дьыалаҕа миниистирэ Владимир Колокольцев ИДьМ кэллигийэтин мунньаҕар иһитиннэрдэ.

Кини этэринэн, быйыл алтынньы ыйга дойду үрдүнэн 6,5 мөлүйүөн атын омук гражданина баар, мантан 740 тыһ. тахса киһи сокуоннайа суох олорор. Полиция генерала быһаарарынан, атын омук гражданнара Арассыыйаҕа үксүн туристическай визанан киирэллэр уонна олохсуйа хаалаллар. Ону кытта нуучча тылын билии туһунан сэртипикээти ылыыга хонтуруол күүһүрбүтүн кэпсээтэ. Ол курдук, 7,5 тыһыынча кэриҥэ атын омук гражданнарын нуучча тылын билбэттэринэн эксээмэҥҥэ киллэрбэтэхтэр.  Уопсайа эксээмэҥҥэ 66 тыһ. (25%) кыттааччы нуучча тылыгар тургутугу ааспатах.

Ону таһынан быйыл Арассыыйаттан 2023 сылы кытта тэҥнээтэххэ 1,5 төгүл элбэх омук гражданнарын кыраныысса таһыгар таһаарбыттар, итини кытта Арассыыйаҕа олоруу уонна  киирии эрэсиимин кэһии ахсаана 15%-нан улааппыт. Ол түмүгэр 34 тыһ. омук гражданнарыгар Арассыыйаҕа быстах кэмҥэ олоруу болдьоҕун кылгаппыттар уонна 180 тыһ. киһи дойдуга киирэр кыаҕын быраабын хааччахтаабыттар.  ИДьМ баһылыга «Нелегал-2024» тэрээһин көдьүүстээҕин бэлиэтээтэ, ол чэрчитинэн полициялар миграционнай сокуонунан 106 тыһ. тахса кэһии тахсыбытын арыйбыттар. Ол түмүгэр Арассыыйаттан 20 тыһ. омук бэрэстэбиитэлэ депортацияламмыт.

What’s your Reaction?
+1
2
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Сонуннар

Госдуума элбэх оҕолоох ыалларга юрист өҥөтө босхо буолуохтааҕын биһирээтэ

Госдуума элбэх оҕолоох ыалларга юридическай көмө босхо буолуохтааҕын туһунан сокуон бырайыагын бастакы ааҕыыга ылынна. Көмөнү үс…

9 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Пушкин института 2024 сыл тылын быһаарда

А.С.Пушкин аатынан Нуучча тылын судаарыстыбаннай института 2024 сыл тылынан "Пушкин" диэн тылы ааттаата. Бу туһунан…

10 часов ago
  • Байыаннай эпэрээссийэ

Екатерина Снежко: «Билиҥҥи кэмҥэ барыбыт кыһалҕабыт биир»

Бүгүн «Дьиэҕэ төннүү» сэминээргэ анал байыаннай дьайыы кыттыылаахтарын уонна кинилэр дьиэ кэргэттэрин чилиэннэрин кытта сөптөөх…

11 часов ago
  • Сонуннар

«Орешник» ракета туһунан туох биллэрий?

РФ Бэрэсидьиэнэ Владимир Путин норуокка туһаайан этиитигэр бастакытын "Орешник" диэн саҥа комплекс туһунан иһитиннэрдэ. Кини…

11 часов ago
  • Сонуннар

Биэс модельнай бибилэтиэкэ баар буолла

2024 сылга "Култуура" национальнай бырайыагынан 5 муниципальнай модельнай бибилэтиэкэлэри киллэрдилэр. Бу иннинэ 35 маннык бибилэтиэкэни…

11 часов ago
  • Култуура
  • Сонуннар

Саха Бианкита, Бурхаат, Чуваш суруйааччыта уонна 90 сыллаах айар сойуус

Cахалыы тыллаах саамай кырдьаҕас "Чолбон" сурунаал сэтинньитээҕи нүөмэригэр кэрэхсээҥ: Саха сирин суруйааччыларын сойууһун 90 сылын…

11 часов ago