Арассыыйа былааһа оҕоҕо удьуорунан бэриллэр ыарыы куттала баарын-суоҕун быһаарар инниттэн, төрөппүт буолар дьоҥҥо генетическай ыарыыларга тест оҥоруутун киллэрэр санаалаах. Бу Арассыыйа Бэрэсидьиэнэ Владимир Путин сорудаҕын кытта сибээстээх диэн ТАСС суруйар.
“Биирдиилээн, ол иһигэр орфаннай ыарыылары булар инниттэн, инникитин оҕо төрөтүөн баҕарар дьоҥҥо молекулярнай-генетическэй скринины оҥорууга уонна туһаныыга неонотальнай скрининг бырагырааматын түһүмэхтэринэн кэҥэтиигэ этиилэри киллэриҥ”, – диэн Кириэмил саайтыгар тахсыбыт сорудахтар испииһэктэригэр этиллэр.
Ити курдук соругу федеральнай бырабыыталыстыба уонна эрэгийиэн былаастарыгар туруорбуттар. Этиилэри 2025 сыл ыам ыйын 15 кнүгэр диэри киллэриэхтээхтэр. Бу туһунан ТАСС суруйар.
Халыма-Индигиир уокуругар Ил Түмэн дьокутаата Гаврил Алексеев “Биир ньыгыл Арассыыйа” уопсастыбаннай приемнайыгар быыбардааччыларын кыһалҕаларын кытта…
Тохсунньу 30 күнүттэн Арассыыйа бары киинэ тыйаатырдарыгар режиссер Константин Буслов "Злой город" диэн киинэтэ көстүөҕэ.…
Үөрэх, билим миниистирэ Нюргуна Соколова уонна Арассыыйа Дьоруойа, ыччат дьыалаларыгар, социальнай коммуникацияларга миниистир эбээһинэһин толорооччу…
Бу күннэргэ биһиги ааҕааччыбыт уоту туһаныыга төлөбүр туһунан мунаахсыйан ыйытыы биэрбит. Ыйытыы: Уоту туһаныы тарыыбыгар…
37%-нын кириип, 35%-нын кириип буолбатах ыалдьыы, 28%-нын COVID-19 ылаллар. Саха сиригэр сытыы респираторнай вируснай инфекция…
Дьыл Оҕуһун муоһа хаһан түһэрий диэн мөккүөр сыл аайы күөдьүйэр. Оттон дьиҥнээҕэ хайдаҕый? Саха төрүт…