Арассыыйаҕа ынах арыытын сыанатын хонтуруолга ылыахтара

Share

Дойду бырабыыталыстыбата ынах арыытын сыанатын хонтуруолга ылыаҕа. Бу туһунан Бырабыыталыстыба бэрэссэдээтэлин солбуйааччы Дмитрий Патрушев үрүҥ ас бородууксуйатын оҥорон таһаарааччылары, бөдөҥ атыы- эргиэн тэрилтэлэрин уонна интэриэстээх биэдэмистибэлэр бэрэстэбиитэллэрэ кыттыылаах мунньаҕы ыытта.

Ити курдук сыананы билиҥҥи кээмэйинэн хаалларар сыаллаах кэккэ дойдулартан ынах арыытын атыылаһан киллэриини күүһүрдүөхтэрэ. «Ол эрээри, бу олохтоох оҥорон таһаарыы бородууксуйатын тиһигин улаатыннарар соругар мэһэйдиэ суохтаах. Үрүҥ ас – агробырамыысыланнас социальнай суолталаах хайысхата. Ону өйдөөн, дойду бырабыыталыстыбата оҥорон таһаарааччыларга уонна бааһынай хаһаайыстыбаларга судаарыстыбаннай өйөбүл араас  көрүҥүн киллэрэр», — диэн бэлиэтээтэ Дмитрий Патрушев. Ол иһигэр чэпчэтиилээх атыы-эргиэн уонна инвестиционнай кирэдьиит, лизинг, холбоһуктаах субсидия чэрчитинэн дьаһаллар ылыллан үлэлииллэр. Манна даҕатан, бырабыыталыстыба оҥорон таһаарыы бытаарыытын түргэтэтэргэ, кээмэйин улаатыннарарга үлэлиир.

Вице-премьер ынах арыыта хайаатар да маркировкаланыахтааҕын бэлиэтээтэ. Оччотугар оҥоһуллубут күнүттэн ханна атыыламмыт сиринэн сыанатын көрөн хонтуруоллуурга көмөлүүр. Ити курдук сыана уларыйыытын кэтээн көрөр кыаҕы биэрэр. Мунньах түмүгүнэн тус биэдэмэстибэлэринэн ис ырыынакка үрүҥ ас, чуолаан ынах арыытын сыанатын хонтуруолга ыларга кэккэ сорудахтар бэрилиннилэр. Бу туһунан дойду бырабыыталыстыбатын пресс-сулууспата суруйар.

What’s your Reaction?
+1
7
+1
3
+1
0
+1
0
+1
2
+1
0
+1
1

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Бэйэбит дойдубут Ту-214 сөмөлүөтүн бэрэбиэркэлээн көтүттүлэр

Омук сиригэр кэмпилиэктэммит оҥоһуктарын барытын дойдубут киэнигэр уларытан баран, Ту-214 сөмөлүөтү бэрэбиэркэлээн көрүү саҕаланна, диэн…

4 часа ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Уулаах отон доруобуйаҕа туһата

Сэбирдэҕэр гликозид арбутин, виннай, яблочнай, лимоннай органическай кислоталар, С витамин, альдегид о.д.а. иҥэмтэлээх эттиктэр бааллар.…

5 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Дьокуускайга бастыҥ ювелирнай оҥоһуктар быыстапкалара аһылынна

 Бүгүн киин куоракка Казначейство саалатыгар “Саха сирин бастыҥ ювелирнай оҥоһуктара-2024” быыстапка аһылынна. Тэрээһин “Кыһын Саха…

6 часов ago
  • Култуура
  • Сонуннар

«Таптал» испэктээги көрөн баран санааларым

Платон Алексеевич Ойуунускай аатынан Саха тыйаатыра 95 сыла туоларынан, алтынньы 17 күнүгэр Анемподист Иванович Софронов…

6 часов ago
  • Бэрээдэк
  • Сонуннар

9,8 мөл. солк. тахса суумалаах көмүһүнэн сокуоннайа суохтук эргиммиттэрэ биллибит

Мэҥэ Хаҥалас улууһун борокуратуурата Ростов уобалаһын уонна Хакасия Өрөспүүбүлүкэтин үс олохтооҕор холобунай дьыаланан буруйдааһын түмүгүн…

6 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Москваҕа “Муравьёв-Амурскай 2030” бырагырааманы бүтэрээччилэр бастакы мунньахтара буолла

Тэрээһиҥҥэ Уһук Илини уонна Арктиканы сайыннарар министиэристибэ баһылыга Алексей Чекунков  кытынна. Көрсүһүү кэмигэр выпускниктар соруктарын,…

6 часов ago