Арассыыйаҕа массыына саппаастарын хат оҥорон туттар индустрияны тэрийиэхтэрэ
Массыына дэтээллэрин хаттаан туһаныы страховка уонна өрөмүөнүн сыанатын аччатарга барыстаах буолуон сөп. Ол туһунан «Известияҕа» Федерация Сэбиэтин бэрэссэдээтэлин солбуйааччы Николай Журавлев иһитиннэрдэ. Кини ОСАГО өрөмүөнүгэр саппаас чаастары оҥорорго уонна эрдэ туттуллубут кэмпилиэктэри хат туттар индустрияны тэрийиини өйөөтө.
Урут Арассыыйа быраабыталыстыбата маннык индустрияны бырамыысыланнас уонна эргиэн министиэристибэтигэр, үп министиэристибэтигэр уонна экэниэмикэ министиэристибэтигэр тэрийэргэ сорудахтааабыта. Бу көҕүлээһин билиҥҥитэ ылылла илик, сиһилии көрүүнү ирдиир диэн бырамыысыланнас уонна эргиэн министиэристибэтин пресс-сулууспатыгар бэлиэтээтилэр.
Үп министиэристибэтигэр эрдэ туттулла сылдьыбыт кэмпилиэктэри (сорох эрэ дэтээллэрин) ОСАГО өрөмүөнүгэр туттуохха сөп диэн этэллэр. Саахал тахсыбатын туһугар, чөлүгэр түһэриллибит компоненнары сыаналыыр методиканы оҥоруохха наада диэн Киин баан пресс-сулууспатыгар тоһоҕолоотулар. Ону сэргэ эрдэ туттуллубут дэтээллэр ырыынакка эргийиилэрин хонтуруоллуохха наада.
Страховой ырыынак кыттыылаахтара уонна диилэрдэр маннык индустрия тэриллиитин өйөөбүттэр. «FRESH» автомобильнай маркетплейс сиэрбиһин дириэктэрэ Александр Носко санаатынан, эрдэ туттулла сылдьыбыт туормастыыр систиэмэ элэмиэннэрин, куру уонна сыттыгы, сигнализацияны уонна катализаторы иккистээн туһаныы сэрэхтээх буолар. Ол эрээри фаралары, бампердары, көлүөһэ диискэлэрин, сиэркилэни уонна массыына куорабын элэмиэннэрин чөлүгэр түһэриэххэ сөп диир.
«Ингосстрах» розничнай урбаан дириэксийэтин салайааччы Виталий Княгиничев этэринэн, кэмпилиэктэри хаттаан туһаныы ырыынакка саппаас тиийбэтин аччатыаҕын, ону тэҥэ өрөмүөн сыанатын 20-тэн 50 бырыһыаҥҥа диэри чэпчэтиэҕин сөп.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: