Бүтүн Арассыыйатааҕы «Сыл бастыҥ дьэ кэргэнэ» куонкурус — Дьиэ кэргэн сылын сүрүн тэрээһинэ. 2024 сылга куонкурус тохсус төгүлүн ыытылынна, 11 тыһыынчаттан тахса ыал сайаапкаласта.
Тэрийэр кэмитиэт эрэгийиэннээҕи куонкурустарга кыайбыт 388 ыалы талан ылан, 5 номинациянан кытыннарда:
— «Многодетная семья» — 87 ыал;
— «Молодая семья» — 70 ыал;
— «Сельская семья» — 79 ыал;
— «Золотая семья» — 74 ыал;
— «Семья — хранитель традиций» — 78 ыал.
Бүтүн Арассыыйатааҕы «Сыл бастыҥ дьэ кэргэнэ» куонкуруска 88 дьиэ кэргэн кыайыылааҕынан ааттанна.
Саха сириттэн эрэгийиэннээҕи түһүмэххэ кыайбыт алта дьиэ кэргэн кытыннылар.
«Семья — хранитель традиций» түһүмэххэ Муоматтан Василий, Елена Соловьевтар кыайыылаах буоллулар.
Онтон «Эдэр ыал» номинацияҕа норуот куоластааһыныгар Ньурба улууһуттан Валерия, Константин Владимировтар кыайдылар.
«Золотая семья» номинацияҕа Сунтаартан Розалия, Иннокентий Алексеевтар кытыннылар.
«Многодетная семья» номинацияҕа Намтан Валерий, Розалия Новгородовтар уонна Дьокуускайтан Александр, Оксана Павловтар кытыннылар.
«Сельская семья» номинацияҕа Мэҥэ Хаҥаластан Руслан, Марфа Сидоровтар өрөспүүбүлүкэни билиһиннэрдилэр.
«Семья – хранитель традиций» номинацияҕа өссө Елена Рязанская элбэх көлүөнэлээх, улахан дьиэ кэргэнэ кытынна (Амма улууһа).
Бүтүн Арассыыйатааҕы куонкуруһу РФ үлэҕэ, социальнай сайдыыга министиэристибэтэ, ыарахан балаһыанньаҕа түбэспит оҕолорго көмөлөһөр пуонда уонна эрэгийиэннэр ситэриилээх былаастарын уорганнара тэрийдилэр.
СӨ үлэ, социальнай сайдыы министиэристибэтэ.
Быйыл Саха сирин үрдүнэн биллиилээх судаарыстыбаннай уонна бэлитиичэскэй диэйэтэл Степан Аржаков төрөөбүтэ 125 сылын бэлиэтээтибит.…
Москваҕа Муора кэллиэгийэтин Арктикаҕа РФ национальнай интэриэстэрин көмүскүүр Сэбиэтин бастакы мунньаҕа буолан ааста. Арктикаҕа РФ…
Ирбэт тоҥ дойдуга олорорбут биир үчүгэйэ, атахпыт анныгар түҥ былыргы олох харалла сытар. Таба тайаннахха,…
“Бүгүҥҥү күҥҥэ саамай улахан ситиһиибитинэн олоҥхону толорор ыччаппыт, эр дьоммут элбээбитэ буолар. Кинилэри түүн да…
Абхазияҕа ааспыт нэдиэлэттэн өрө туруу баран, бэрэсидьиэннэрин быыбара болдьоҕун иннинэ ыытыллар буолла. Сэтинньи 15 күнүгэр…
Бу күннэргэ күн-дьыл туруга хайдаҕый? Күнү-дьылы кэтээн көрөөччүлэр туох дииллэрий? Өрөспүүбүлүкэ арҕаа, хотугулуу-арҕаа улуустарыгар, Өлүөнэ…