Арболит ааспыт үйэ 30‑с сылларыгар оҥоһуллубута уонна тута тарҕаммыта. Ол эрээри дойдуга уларыйыы-тэлэрийии тахсан маннык чэпчэки, экологическай уонна экэнэмиичэскэй өттүнэн барыстаах матырыйаалы оҥоруу тохтоон хаалбыта. Дьэ, бу кэнники сылларга эрэ биһиэхэ арболиттан тутуу матырыйаалын оҥоруу, онтон дьиэлэри тутуу сөргүтүллэн эрэр. Бу күннэргэ Үөһээ Бүлүү улууһугар арболит собуота аһыллан, номнуо бастакы баартыйа бородууксуйатын оҥорон таһаарда.
Арболит собуотун үөһээ бүлүүлэр бэйэлэрин уоллара, эдэр эрчимнээх киһи Алексей Васильевич Захаров үлэлэтэн эрэр. Кини «Теплострой» хааччахтаммыт эппиэтинэстээх тэрилтэтэ быйылгыттан саҕалаан, арболитынан блоктары оҥорон эрэр. Биир ый үлэлээн, номнуо блоктары оҥорон, үлэлэрин саҕалаабыттар.
Арболит блоктары оҥоруу идиэйэтэ Алексейгэ киирбит син балайда буолбут. Аныгы ырыынакка баар араас матырыйааллары үөрэтэн көрөн баран, тыа сиригэр туох матырыйаалтан дьиэни туттахпына ордук буолуой диэн баран, арболиты талбыт. Бу матырыйаал уратыта экологическай технологиятыгар сытар, састаабыгар түөрт эрэ компонент киирэр: мас, уу, сиэмэн уонна химическэй булкаһык.
Былаан …
Алексей Захаров инники былаана улахан, сыала-соруга киэҥ. Кини аҥардас арболит блоктарын эрэ оҥоруунан буолбакка, инникитин оҥорон таһаарыытын улаатыннардаҕына, тыа сиригэр дьиэлэри тутар былааннаах.
«Бу дьыаланы саҥа саҕалаабыт буоламмыт, быйылгы үлэбит бэлэмнэнии эрэ курдук буолар. Сылы эргиччи үлэлээн, элбэх блогу оҥорон, эһиил толору күүһүнэн үлэлиир былааннаахпыт. Билиҥҥи туругунан сылга 20 тыһыынча блогу оҥорор кыахтаахпыт. Оттон тиэхиньикэ эҥин ылыннахпытына, кэҥээн истэхпитинэ, оҥорон таһаарыыбыт түргэтиэ. Оччоҕо сылга 30 тыһыынча блогу оҥорор эргииргэ киириэхпит. Собуокка билигин блогу оҥорууга түөрт киһи үлэлии сылдьар. Сотору былаан быһыытынан 6–7 киһи үлэлиэхтээх, оччоҕо дьэ үлэбит силигэ ситэн, толору кыахпытынан үлэлээн-хамсаан барыахпыт. Салгыы бу оҥорон таһаарбыт матырыйаалларбытынан бэйэбит чааһынай дьиэлэри тутар буолуохпут. Быһа холоон ааҕыынан, сылга орто иэннээх 12 дьиэни тутуохтаахпыт. Онон сүрүн сыалым — оҥорбут блокпутунан, бэйэбит дьиэ тутан, бэлэм дьиэни атыылааһын буолуо», — диэн салайааччы санаатын үллэстэр.
Өйөбүл баар буоллаҕына…
Алексей бу дьыалатын олоххо киллэрэригэр кинини үлэһит киһи диэн итэҕэйэн, өйдөөн, өйөөн, чахчы үлэлэтиэ диэн эрэнэн бу собуот дьиэтин туһанарга биэрбиттэрин иһин улуус дьаһалтатыгар улаханнык махтанарын этэр. Уопсайынан, бу улууска бэйэ дьыалатын тэриниэн, саҥаны арыйыан-тутуон баҕалаах киһини улуус салалтатын өттүттэн күүскэ өйүүллэрин бэлиэтиэхпин баҕарабын. Ол иһин улуус кэнники сылларга биллэ сайдыбытын, тупсубутун кэнники бэлиэтиир буоллулар. Ханна өйөбүл баар — онно сайдыы барар.
Онон эдэр киһи бэйэтин дьыалатын тэринэн, күүскэ үлэлииригэр-хамсыырыгар кыах баар. Сотору онон Үөһээ Бүлүү уонна ыаллыы сытар улуустар бу собуот оҥорон таһаарбыт матырыйаалынан сабыс-саҥа дьиэлэри дьэндэтэн таһаарыахтара турдаҕа.
Ол иннинэ бастаан, Алексей аны күһүн оҥорон таһаарбыт матырыйаалыттан хараас уонна чааһынай дьиэ тутуохтаах, онтун кэтээн көрөн, сылааһы төһө тутар көдьүүстээҕин быһаарыахтаах. Ол кэнниттэн итэҕэһи-быһаҕаһы көннөрөн, оҥорон таһаарыыны кэҥэтиэм диэн олохтоох санаалаах. Эдэр киһи эрэлэ иннигэр, хаачыстыбалаах матырыйаалынан элбэх, үчүгэй дьиэлэри тутан дьэндэтэн таһаарар бигэ санаалаах.
Сунтаар Хаданыттан Роман Попов уонна Геннадий Пустоляков атырдьах ыйын 15 күнүгэр ыҥыыр атынан Монголияҕа диэри…
Бүгүн, сэтинньи 24 күнүгэр, 19:00 чаастан "Россия 24" телеханаалга «ВМЕСТЕ с Айсеном Николаевым» биэриини көрүҥ.…
Соторутааҕыта буолан ааспыт фашизмы утарыы пуорумугар байыаннай дьайыыттан 25 бастыҥ байыас инники кирбииттэн кэлэн кыттыбыта.…
Ааспыт сууккаҕа буруйу оҥоруу 6 түбэлтэтэ бэлиэтэнэн, СӨ Борокуратууратын хонтуруолугар киирдэ. Уус Алдан улууһугар 1977…
Ил Дархан Айсен Николаев Саха Өрөспүүбүлүкэтин салалтатын уонна тус бэйэтин аатыттан Ийэ күнүнэн эҕэрдэлээтэ. -…
Бүгүн, сэтинньи 24 күнүгэр, өрөспүүбүлүкэ арҕаа, соҕуруу өттүгэр хаардыаҕа, сорох сиринэн сөкүүндэҕэ 9-14 м. түргэннээх…