Арбыннар уу кэмигэр оҥочонон сылдьан үүт туттардылар
Нам улууһугар Арбын нэһилиэгин олохтоохторо дэриэбинэлэрэ куруук ууга барарынан сибээстээн, олох эрдэттэн бэлэмнээх олоро, үлэлии үөрүйэх дьон. Бу нэһилиэккэ билиҥҥи туругунан 450 хороҕор муостаах, 300 сыспай сиэллээх баар.
— Сыл аайы халаан уута таарыйбакка ааһааччыта суох. Быйыл уубут өссө улаатта, олбуордары, тутуулары олоччу ылла, намыһах дьиэлээхтэргэ уруккутааҕар элбэх ыалга киллэрдэ. Арбын куруук ууга барарынан сибээстээн бэлэмнээх олоробут. Ол курдук, үрдүк атахтардаах лаабыстарга отторбутун, сүөһүлэрбитин таһаартыыбыт. Оҥочонон сылдьан аһатабыт. Сылгыларбытын сылгы баазаларыгар, быстах туруорар пууннарга эбэтэр үрдүк сирдэргэ үүрэбит. Быйыл күүппэтэх өттүттэн хаһан да барбат нэһилиэктэри ылан соһутта, кинилэр биһиги курдук оҥостубатах дьон буоллахтара. Онон улахан хоромньу кинилэргэ таҕыста. Биһиги ууттан босхолонон, куурдунан-сөхсүтүнэн, аны сайыҥҥы түбүктэргэ бэлэмнэнэбит. Үүт тутар собуоппут үрдүк сиргэ турар буолан быыстала суох үлэлии турар. Үүтү күн аайы тутар. Үс хаһаайыстыба үүт туттарар. Уу кэмигэр оҥочонон, мотуордаах оҥочонон сылдьан туттардылар. Онон ханнык да кэмҥэ, түгэҥҥэ Арбыҥҥа үүт тутулла турар. 3 туонна үүт туттарыллан, сотору арыы оҥоһуллуохтаах. Хаһаайыстыбалар сотору кэминэн окко күргүөмнээхтик киирэргэ бэлэмнэнэллэр. Онон сайыҥҥы түбүкпүт үгүс, — диэн кэпсээтэ нэһилиэк тыа хаһаайыстыбатын исписэлииһэ Сусанна Дмитриевна Иванова.
Хаартыска: С.Иванова ыытта.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: