Арбыннар уу кэмигэр оҥочонон сылдьан үүт туттардылар

Share

Нам улууһугар Арбын нэһилиэгин олохтоохторо дэриэбинэлэрэ куруук ууга барарынан сибээстээн, олох эрдэттэн бэлэмнээх олоро, үлэлии үөрүйэх дьон. Бу нэһилиэккэ билиҥҥи туругунан 450 хороҕор муостаах, 300 сыспай сиэллээх баар.

— Сыл аайы халаан уута таарыйбакка ааһааччыта суох. Быйыл уубут өссө улаатта, олбуордары, тутуулары олоччу ылла, намыһах дьиэлээхтэргэ уруккутааҕар элбэх ыалга киллэрдэ. Арбын куруук ууга барарынан сибээстээн бэлэмнээх олоробут. Ол курдук, үрдүк атахтардаах лаабыстарга отторбутун, сүөһүлэрбитин таһаартыыбыт. Оҥочонон сылдьан аһатабыт. Сылгыларбытын сылгы баазаларыгар, быстах туруорар пууннарга эбэтэр  үрдүк сирдэргэ үүрэбит. Быйыл күүппэтэх өттүттэн хаһан да барбат нэһилиэктэри ылан соһутта, кинилэр биһиги курдук оҥостубатах дьон буоллахтара. Онон улахан хоромньу кинилэргэ таҕыста. Биһиги ууттан босхолонон, куурдунан-сөхсүтүнэн, аны  сайыҥҥы түбүктэргэ бэлэмнэнэбит. Үүт тутар собуоппут үрдүк сиргэ турар буолан быыстала суох үлэлии турар. Үүтү күн аайы тутар. Үс хаһаайыстыба үүт туттарар. Уу кэмигэр оҥочонон, мотуордаах оҥочонон сылдьан туттардылар. Онон ханнык да кэмҥэ, түгэҥҥэ Арбыҥҥа үүт тутулла турар. 3 туонна үүт туттарыллан, сотору арыы оҥоһуллуохтаах. Хаһаайыстыбалар сотору кэминэн окко  күргүөмнээхтик киирэргэ бэлэмнэнэллэр. Онон сайыҥҥы түбүкпүт үгүс, — диэн кэпсээтэ нэһилиэк тыа хаһаайыстыбатын исписэлииһэ Сусанна Дмитриевна Иванова.

Хаартыска: С.Иванова ыытта.

What’s your Reaction?
+1
1
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Култуура
  • Сонуннар

Көрөөччү санаата: «Кэрэҕэ тигистибит»

Кылаан Кындыл алгыһынан, тойугунан арыйда. ''Сэргэлээх уоттара'' култуура киинигэр эдэр ырыаһыт Иоганн Матвеев бастакы айар…

2 часа ago
  • Култуура
  • Куонкурус
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Тылгынылар Иоганн Матвеевка 100 тыһыынча солкуобайы бэлэх ууннулар

Тылгынылар уолларыгар 100 тыһыынча солкуобайы бэлэх ууннулар. Бүгүн саха эстрадатын чаҕылхай сулуһа Иоганн Матвеев бастакы…

3 часа ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Атамайга уһуйаан үбүлүөйүн үөрүүлээх тэрээһинэ

Горнай улууһугар Атамайга "Радуга" уһуйаан тэриллибитэ 65 сылын бэлиэтиир тэрээһин өрө көтөҕүллүүлээхтик буолла. Бу күн…

4 часа ago
  • Сонуннар
  • Сүбэһит
  • Уопсастыба

Кырачаан ханнык өҥү ордороруй?

Оҕо уруһуйугар болҕомтоҕутун ууруҥ диэн психологтар сүбэлииллэр.  Баһыйар өҥүнэн оҕо уйулҕатын туругун быһаарыахха сөп диэн…

5 часов ago
  • Интэриэһинэй
  • Итэҕэл
  • Сонуннар

Харчыга сыһыаннаах бит-билгэ

Былыр-былыргыттан дьон харчыга сыһыаннаах бити-билгэни итэҕэйэр, туһанар. Ол ханныктарый? Остуолга кураанах иһиттэр, вазалар, бытыылкалар туруо…

6 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

«Саюри» сайдар, кэҥиир

Дьокуускайга сылы эргиччи оҕуруот аһын, күөх үүнээйини үүннэриинэн дьарыктанар "Саюри" тэпилииссэ комплексыгар газовай электрстанция (ГПУ)…

6 часов ago