Арчы дьиэтигэр хапытаалынай өрөмүөн үлэтэ бүттэ

Share

Сэтинньи 15 күнүгэр Дьокуускайга «Арчы дьиэтэ» духуобунай култуура дьиэтэ хапытаалынай өрөмүөн кэнниттэн аһылынна. Дьэ, туох үлэтэ ыытылынна?

Арчы дьиэтэ 2002 сыллаахха тутуллубута уонна ол кэмтэн букатын өрөмүөннэнэ илик этэ. Онон бу хапытаалынай өрөмүөнү ыытыы Дьокуускай олохтоохторугар дьоһун бэлэх буолла.

Бу духуобунай култуура киинэ саҥардыллан, араас култуурунай-духуобунай тэрээһиннэр тула дьону-сэргэни түмүө диэн эрэллээхпин. Дьон манна кэлэн, уоскуйар, сынньанар, сайдар, куруук көрдүүр ыйытыыларыгар хоруй булар сылаас эйгэлээх дьиэ буолуоҕар саарбахтаабаппын. Духуобунас, култуура киинин саҥардыллыыта норуоппут духуобунай сыаннастарын бөҕөргөтөргө, түмэргэ туһуланар, — диэн мээр Евгений Григорьев үөрүүлээх аһыллыы кэмигэр эттэ.

Хапытаалынай өрөмүөнү бэдэрээтчит «Капитал -М» ХЭТ  (генеральнай дириэктэр Ильин В.И) ыытта. Үлэ от ыйыттан саҕаламмыта.  «Олоҥхо», «Эйгэ», «Арчы» саалалара, аччыгый сиэр-туом хоһо толору өрөмүөннэннилэр. Саалаларга мас муосталарын  аныгылыы керамогранит матырыйаалга уларыттылар.

Маны тэҥэ, киирэр аан таһынааҕы хоско, көрүдүөргэ, үлэлиир кэбиниэттэргэ, бибилэтиэкэҕэ, оробуочай хосторго өрөмүөн ыытылынна. Киирэр аарка эмиэ саҥардылынна. Таһырдьа аспаалы уларытыы, тимир күрүөнү көтүрэн, саҥаҕа уларытыы, о.д.а. үлэлэри ыыттылар диэн Дьокуускай куорат дьаһалтатын пресс-сулууспата иһитиннэрэр.

What’s your Reaction?
+1
2
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Хаартыска/Видео

ХААРТЫСКА: саха кыыһын санатар Дьааҥы өрүс хаартыската тарҕанна

Сахабыт сирин кэрэ айылҕата ардыгар чахчы сэдэх уонна кэрэ уобарастары ойуулаан таһаарар. Дьокуускай — Баатаҕай…

14 минут ago
  • Интервью
  • Сонуннар
  • Сүрүн

«Идэһэ-2024» дьаарбаҥкаҕа олохтоох бородууксуйа хамаҕатык атыыланна

Сэтинньи 15 күнүгэр Майа сэлиэнньэтигэр сылын аайы ыытыллар, дьон-сэргэ кыһыҥҥы аһын хаһаанар үгэскэ кубулуйбут «Идэһэ-2024»…

43 минуты ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн

Айсен Николаев: «Күүтүүлээх идэһэ кэмэ кэллэ»

Бу күннэргэ Саха сирин олохтоохторо кыстыкка бэлэмнэнэллэр, эт арааһын хаһааналлар. Идэһэни туттууга Ил Дархан Айсен…

1 час ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн
  • Уопсастыба

Хотугулуу-арҕаа -40-45° тымныйыа

Саха сирин синоптиктара өрөспүүбүлүкэ үгүс өттүгэр хаар түһэрин билгэлииллэр. Арҕаа, киин улулуустарга, соҕуруу, хотугулуу-илин кыралаан…

2 часа ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Суоттулар БАМ тутуутугар

Сэбиэскэй Сойуус саҕана үйэ тутуутунан ааттаммыт Байкал-Амур тимир суол магистралын тутуу саҕаламмыта быйыл 50 сылын…

14 часов ago
  • Култуура
  • Сонуннар

Саамай көхтөөх кыттааччы — Вова Степанов

Бүлүүгэ ыытылла турар "Бүлүүлүү оһуохай дуорайдын" күрэскэ Бүлүү, Ньурба улууһуттан оскуола үөрэнээччилэрэ кытта сылдьаллар. Кинилэр…

14 часов ago