Норуот сиэрин-туомун, үгэстэрин, тылынан уус-уран айымньытын бары көрүҥнэрин сырдатар, билиһиннэрэр, сайыннарар сыаллаах-соруктаах үлэлиир Дьокуускай куорат “Арчы дьиэтин” сэтинньи ыйга үлэтин сүрүн тосхоллорун бэлиэтиир буоллахха, бу ыйга сүрүннээн Байанайга, идэһэни өлөрүү сиэригэр-туомугар болҕомто ууруллар.
Маны таһынан, билиҥҥи быһыыны-майгыны учуоттаан, дьон-сэргэ уйулҕата хамсаабатын, бигэ тирэхтээх буоллун диэн, анал көрсүһүүлэри, уйулҕаҕа сыһыаннаах сэминээрдэри, көрсүһүүлэри тэрийэн ыытар. Ол курдук, бу ыйга анал үөрэхтэри Боотур кыыһа Күн, «Айылҕаны сэгэтэн» сэминээри Саха Өрөспүүбүлүкэтин култууратын туйгуна Е.П. Павлова, «Саха дьахтарын эйгэтэ, олоҕун эргиирэ» этнограф, научнай үлэһит А.Н.Прокопьева, «Ойууна ойуута» анал үөрэҕи худуоһунньук Н.А. Никифорова ыытыахтара.
“Арчы дьиэтэ” ый ахсын ый хаамыытынан “Айылҕалаахтардыын алтыһыы” диэн дьоҥҥо-сэргэҕэ биллибит, көмө-тирэх, сүбэ-ама биэрэр айылҕалаах дьоннорбутун кытары нэһилиэнньэни кытта көрүһүннэрэр.
Алтынньы 25 күнүттэн сэтинньи 8 күнүгэр диэри күн уонна ый уостар кэмнэригэр ыксаллаах уонна тоҕоостоох быһаарыныылары ылынарга сыыһаны-халтыны оҥорор соччото суох дьайыылаах буолар.
Урукку киртэн-хохтон босхолонон, саҥалыы ыраас санаанан сууланан, олох уларыйыыларыгар бэлэм буоларга сэтинньи 5 күнүгэр Бойуот Ойууннуун көрсүһүү буолаары турар.
Онтон сэтинньи 19 күнүгэр үгүс дьон билиниитин ылбыт Баараҕай Бахсы кэлбит дьонугар сүбэтин-аматын, ону тэҥэ алгыһын тириэрдиэ.
Араас көлүөнэҕэ ыытыллар тэрээһиннэртэн биирдэстэринэн куорат оскуолаларын кытта ситимнээх үлэ буолар. Хас ый аайы Арчы дьиэтигэр куорат оскуолаларын кытта ситимнээх, «Кэнчээри» үөрэтии барылын чэрчитинэн ыытыллар тэрээһиннэргэ куорат 2 №-дээх орто оскуолата, национальнай гимназия «Сэргэлээх» салаата, Ф.И.Авдеева аатынан Оҕо айымньытын дьиэтин алын кылаастарын оҕолоро, учууталлар, төрөппүттэр кыттыыны ылаллар. Оҕолор сэтинньигэ Байанайга анаммыт сиэргэ-туомҥа кыттыахтара, биэс эйгэни (уу, буор, салгын, уот, таас) өйдөбүллэрин кытта билсиэхтэрэ. Былаан быһыытынан, Дьокуускай куоракка баар анал үөрэх тэрилтэлэрин кытта ыкса ситимнээх үлэ ыытыллар.
Олоҥхо, Хомус күннэригэр анаммыт дэкээдэҕэ «Сиэмминээн бииргэ» диэн эбээ, эһээ сиэнин кытары норуот айымньытын көрүҥнэригэр, сахалыы остуол оонньууларыгар күрэх ыытыллыаҕа. Хомуска оонньуурга үөрэтии, «Дьүрүһүй хомуһум» күрэх, уһуйаан, кыра, орто кылаастарга анаммыт «Олоҥхолуур куукулам» күрэхтэр былааннаналлар. «Төрүт дорҕоон доҕуһуолун тордоон” саҥа кинигэ сүрэхтэниитэ сэтинньи 4 күнүгэр ыытыллыаҕа. Кинигэ ааптарынан былыргыны чинчийээччи, норуот маастара, уус, олоҥхоһут, тойуксут Николай Аржаков-Боло Уус буолар.
Быйыл элбэх бэлиэ күннэрдээх сылга Арчы дьиэтин иһинэн үлэлиир «Алаһа дьоҕурдара» фольклор кэлэктиибэ (салайааччы Платонова Л.И.) сэтинньи 26 күнүгэр 10 сыллаах дьоҕус үбүлүөйүн бэлиэтиир.
“Арчы Дьиэтэ” телеграмм, Yutub ханаалларбытыгар күрэхтэр торумнара, сигэлэр күннэтэ саҥардылла туралларын бар дьоммутугар биллэрэбит.
Өбүгэлэрбит барахсаттар айылҕаҕа чугас буолан, айыыларга, иччилэргэ сүгүрүйүүлэрин итэҕэлэ, онтон тахсыбыт сиэрдэрэ-туомнара, үгэс быһыытынан, билиҥҥи үйэҕэ диэри тиийэн кэллилэр. Сэтинньигэ толоруллар үгэс, Байанайга сүгүрүйүү, булт сиэрэ-туома буолар. Былыр саха киһитэ барыта булчут этэ. Айылҕа биэрбитинэн аһаан-сиэн, таҥнан-симэнэн, дьиэ-уот оҥостон, сылгы-сүөһү ииттэн олорбута. Булчут тыаҕа сылдьар кэмигэр сиэри-туому тутуһуохтаах, өбүгэлэр олохтообут үтүө үгэстэрин кэһиэ суохтаах. Билбэт буоллаҕына, хайаан да үөрэтиэхтээх. Тоҕо диэтэххэ, сыыһа-халты тутуулары оҥорон, булдун кэҕиннэрэн кэбиһиэн сөп. Ол иһин, кырдьаҕас дьонтон ыйыталаһан, аҕатыгар, эһэтигэр сүбэлэттэрэн, эдэр киһи тыаҕа бултуу тахсарыгар маннык бобуулары тутуһуохтаах:
-Өлбүттээххэ сылдьыбыт буоллаҕына, бултуурун 40 хонукка тохтотуохтаах, оттон тахсар күннээх буоллаҕына, тыа, күөл иччилэрэ булду бэрсибэттэр.
-Хонуга аастаҕына, бэйэтин уонна сэбин-сэбиргэлин арчыланан баран тыаҕа тахсар.
-Бултуу сылдьан өрүсүһүү, атын киһиэхэ туһаайыллыбыт булду ылар сатаммат. Ылар түгэҥҥэ киһи булда ханнан, көтөр-сүүрэр тоһуйбат, куота сылдьар буолар.
-Бултаан киирэн баран, чугас дьонугар хайаан да бэрсиэхтээх. Тоҕо диэтэххэ, бэринньэҥ булчукка тыа иччитэ Баай Байанай булду тэбэр.
-Атын булчут сэбигэр-сэбиргэлигэр (туһаҕар, сохсотугар, туутугар, илимигэр, саатыгар) киирбит булду көҥүлэ суох тыыппаккын.
-Улахан булка (эһэҕэ, тайахха, табаҕа) сылдьар булчут кыра булду куобаҕы, мас көтөрүн, о.д.а. көрдөҕүнэ бултаспат, көннөрү аһыырыгар эрэ өлөрөр.
-Тыаҕа бултуу тахсар күн-дьыл хайдах буоларыттан, ол эбэтэр уларыйыытыттан тутулуктаах. Сахалар кыыллартан куобаҕы, тииҥи, саһылы, табаны, тайаҕы, эһэни, көтөрдөртөн-улары, хааһы, куһу бултууллар.
-Тордуйалыырга булчут эрдэ соҕус куобах төрөөбүт-ууһаабыт төрүт сирин, тыатын кэрийэр. Тоҕо диэтэххэ, хаар түһүүтэ куобах хамсаан, өрүс, үрэх кытыытын, тумулун булан көһөн хаалар.
-Көтөрү-сүүрэри эмиэ харыстаан бултууллар. Бултуу сылдьан, булт үргэн хаалыа диэн мээнэ айдаарбаттар, оту-маһы алдьаппаттар, мутугу тосту үктээбэттэр.
-Бултаан бүтэн баран, уоттарын үчүгэйдик умуруоран, аһаабыт сирдэрин хомуйан дьиэлэригэр төннөллөр.
Сахалартан булт сиэрин-туомун туһунан бэлитиичэскэй сыылынайдар И.А.Худяков, В.М.Ионов, чинчийээччилэр А.А.Попов, И.С.Гурвич уо.д.а. суруйан хаалларбыттара.
Булт сиэрин-туомун сэргэ, бу ыйга биир сүрүн үгэһинэн идэһэ өлөрүүтүн сиэрэ-туома буолар. Өбүгэлэрбит эрдэттэн өлөрөр идэһэ сүөһүлэрин, анараа дойдуга барар диэн үгүөрү соҕустук аһатан, хотоҥҥо бааллан турар атын сүөһүлэртэн имэрийэн-томоруйан маанылаан көрөллөр-истэллэр. Оттон өлөрөр күннэрэ тиийэн кэллэҕинэ, сүөһүлэрин тэлгэһэҕэ таһааран, дьиэ илин өттүгэр, илин диэки хайыһыннаран, күрүө баҕанатыгар баайаллар. Дьиэлээх хотун ынах хаҥас кулгааҕар: «Чэ, айанныыр кэмиҥ кэллэ, этэҥҥэ сырыт, биһиэхэ куһаҕаны санаама, кыһалҕа кыһарыйан, эйигин атааран эрэбит», — диэн ботугуруур уонна таҥас кырадаһынын сүөһү хаҥас муоһугар (муоһа суох буоллаҕына кулгааҕар) баайар. Ол кэнниттэн дьиэлээх тойон сүгэ өнчөҕүнэн ынаҕы сүүскэ охсон охторуохтаах. Өскөтүн сүөһүнү сыыһа-халты оҕустахха, сүөһү кыраата дии санаан улаханнык дьиксинэллэрэ. Ол иһин, көрбөтүн диэн сүөһү хараҕын баайан баран өлөрөллөрө.
Сүөһүлэрин сүлэллэр. Илин-кэлин атахтарыттан иҥиирин арааран ылаллар. Атаҕын туспа быһан уураллар. Кэнники ол сүөһү иҥиирин хатаран, илдьи охсон баран иистэнэргэ анаан иҥиир сап оҥостоллоро. Сүөһүлэрин сүлэн бүтэрэн баран, иһин хайыталлар, ол хайыталларыгар сүөһү итир сыата быга түһэр, ону хостоон ылаллар уонна оҕолоругар “сэмсэ” диэн ааттаан түҥэтэн сиэтэллэр. Оҕолор балаҕаҥҥа киирэн оттулла турар оһох сэҥийэтигэр сыһыаран, халахайдаан сииллэр. Онно арыы-сыа чоххо түстэҕинэ, өбүгэлэрбит аал уоту үөрэр дии саныыллара. Өскөтүн сүөһүлэрэ уулаах (иһигэр оҕолоох) буоллаҕына, ону быһан ылан быраҕалларыгар күөх оту оттору-мастары эрийэн баран: “Биһиги эйигин быспатыбыт, айыы сүөһүтүн атаҕастаабатыбыт, туспа-туора тыын быста”, — диэн этэллэрэ. Ол инники өттүгэр сүөһү кута кэхтибэтин туһугар оҥоһуллар туом.
Сүөһүлэрин астыылларыгар дьахталлар сүөһү иһин ырыталлар, сууйаллар-сотоллор, эр дьон сүөһүнү түөрт гына эттииллэр уонна сүмэтэ сүүрбэтин диэн буора-сыыһа суох ыраас сиргэ илдьэн уураллар. Киэһээҥҥи астарын аһыылларыгар сүөһү иһиттэн үөс тардарын, быарыттан, таалыттан, бүөрүттэн, сүрэҕиттэн быһан ылан буһаран, хоторон таһааран сииллэрэ. Ол иннинэ алгыс этэн, аал уот иччитин нөҥүө бары иччилэригэр: «Маннык уйгулаах олох баар буола турдун, эһиги үөрүүгүт биһиэнэ, биһиги үөрүүбүт эһиэнэ буоллун», — диэн махтаналлар.
Билиҥҥи кэмҥэ идэһэни өлөрүү сиэрэ-туома судургу соҕустук барар. Үгүс өттүгэр сүөһүнү ыйаан, сүмэһинин бүтүннүү сүүрдэн кэбиһэллэр. Оччоҕо сүөһү этин амтана соччото суох буолар.
Сахалар биир үтүө астарынан сылгы этэ, быара, хаана, хартата буолар, оттон ыһыахха — үтэһэлээх эт. Өбүгэлэрбит сылгыны сүүскэ биэрэн өлөрбөттөр. Түөрт атаҕын быалаан, хараҕын баайан, тиэрэ тардан охторон түһэрэллэр уонна түөһүн тылынан киһи илиитэ батар гына хайа быһаллар. Ол кэнниттэн аҕа саастаах киһи уҥа илиитин сылгы иһигэр уган, хорук тымырын быһа тардан кэбиһэр. Тириитин сүлэн баран астаан бараллар. Билиҥҥи кэмҥэ эдэр ыал идэһэни уонна сылгыны өлөрүү сиэрин-туомун тутуһара буоллар, ас иҥэмтиэлээх , оччоҕо доруобуйаҕа туһалаах буолуо этэ.
Любовь КОНСТАНТИНОВА-КЫТАЛЫ КУО
Бу күннэргэ Мэҥэ Хаҥалас улууһугар Сыымахха командировкаҕа сылдьан, киһи кэрэхсиир түгэнин көрөн, сырдатарга сананным. Васильевтар…
Көрсүһүүгэ сүрүн болҕомто Саха сиригэр национальнай бырайыактары уонна РФ Бэрэсидьиэнин сорудахтарын олоххо киллэриигэ уурулунна. "Айсен…
Аҕа дойдуну көмүскүүр сэрии уустук сылларыгар тыыл үлэтэ байыаннай балаһыанньа ыйарынан былааннанара. «Барыта фроҥҥа, барыта…
Маны билэҕит дуо? Куоска минньигэс амтаны билэр дуо? Оттон саамай улахан кинигэ төһө ыйааһыннаах буолуо…
Бүгүн, ахсынньы 11 күнүгэр, Бырабыыталыстыба дьиэтигэр, Өрөспүүбүлүкэ саалатыгар "Мин Сахам сирэ XXI үйэҕэ" үтүө дьыала…
2024 сылга Саха сиригэр «Безопасные качественные дороги» бырагырааманан алта муостаны туттулар. Бу туһунан массыына суолун…