Өксөкүлээх Өлөксөй аатынан Норуоттар доҕордоһууларын киинигэр Арчы дьиэтин алгыстаах күннэрэ ыытылыннылар. Манна араас куруһуоктарга, дьарыктарга сылдьар талба талааннаах саха дьоно мустан, хас да түһүлгэнэн араас тэрээһин буолла.
Алгыстаах күнү Саха АССР үтүөлээх артыыһа, РФ култууратын үтүөлээх үлэһитэ, ытык киһи Афанасий Федоров кыстыкка киирии алгыһынан саҕалаата. Бу күн Айылҕалаахтардыын алтыһыы бырайыак кыттыылаахтара Алгыс Уйбаан, Баараҕай Бахсы, Максим Дуранов, Юлия Николаева-Намылҕа бар дьону кытта көрсөн, атах тэпсэн олорон үгүс ыйытыыларга хоруйдаатылар, сүбэ-ама буоллулар.
Любовь Радиковна Константинова, “Арчы” дьиэтин уус-уран салайааччыта:
– Күһүҥҥү кэми, алгыс түһэр кэмин баттаһа, биһиги күһүн уонна кыһын тэҥнэһэр кэмигэр тэрээһиммитин саҕалаатыбыт. Биһиги ытык алгысчыппыт Афанасий Федоров тэрээһиммитин алгыһынан арыйбыта. Арчы дьиэтигэр уопсайа 25 куруһуок, айар түмсүү олус бэркэ үлэлиир, дьону түмэр. Уопсайа 505 киһи айар-тутар, ыллыыр-туойар. Манна, Норуоттар доҕордоһууларын киинигэр хас да түһүлгэнэн тэрээһиннэр ыытылла тураллар. «Айар кут” диэн тэрээһиммитигэр биэс сыл устата биһиэхэ дьарыктаммыт дьоммутун бэлиэтиибит, кинилэргэ болҕомто уурабыт. Ол курдук, Арчы дьиэтин иһинэн дьарыктанар куруһуоктар быыстапкаларыгар айар талааннарын көрдөрөллөр, үлэлэрин-хамнастарын кэпсииллэр.
Мин болҕомтобун мааны сахалыы соннор тартылар. Сахалыы таҥастаах икки Далбар хотун соннору, дьабака бэргэһэлэри бэрийэ сылдьар. Хайаатар даҕаны уран тарбахтаах иистэнньэҥнэри кытта кэпсэттэхпинэ сатаныыһык диэтим.
Татьяна Саввична Федорова, Мэҥэ Хаҥалас улууһуттан төрүттээх, Дьокуускайга олорор:
– 2019 cыллаахха Арчы дьиэтигэр “Мааны мандар” диэн куруһуокка киирбитим. Бэйэм бочуоттаах сынньалаҥҥа олоробун, дьарыктаах буолаары, уруккуттан иистэниэхпин баҕарар буолан, бу куруһуокка сылдьан саҕалаабытым. Ол иннинэ кыралаан иистэнэр этим. Салайааччыбыт Туйаара Иннокентьевна биһигини иистэнэргэ үөрэтэр. Куруһуокпутугар иистэнньэҥ үөрэҕэ суох дьахталлар бэйэбит сүрэхпит баҕатынан дьарыктанабыт.
Варвара Иннокентьевна Цыпандина, “Мааны мандар” куруһуок иистэнньэҥэ:
– «Мааны мандарга» иистэммитим түөрт сыл буолла. Дьахтар сахалыы бууктаах сонун тигиэхпин баҕарар этим. Эрдэ бэйэм иистэнэр буолан, бу куруһуокка сылдьарбын олус сөбүлээбитим. Туйаара Иннокентьевна бууктаах сон моһуонун быһан биэрбитэ, ону сэргэ ыйан-кэрдэн, сүбэлээн-амалаан, мин оҕуруолаан, кыбытыктаан дьэ, бастакы соммун тигэн бүтэрбитим. Ити кэнниттэн дьэ, хас да сону тиктим. Бэйэбэр күннээҕи олоххо кэтиллэр сон эмиэ тиктибитим. Ити курдук сахалыы таҥас истиилин, моһуонун биллэхпит дии. Иистэнии диэн олус умсугутуулаах дьарык, киһи биири бүтэрэн баран иккиһин тигээри ыксыыр эбит. Биэс-алта дьахтар буолан биир-икки чаас устата бэнидиэнньик, оптуорунньук аайы мустан иистэнэбит, сэргэхсийэбит. Былырыыҥҥыттан Арчы дьиэтигэр Үһүс көлүөнэ оскуолатын ыытабын.
Бастакы этээскэ минньигэс чэй сыта дыргыйар. Бу түһүлгэҕэ “Үүнээйи туһата – олохпутугар” сахалыы чэй иһиитин сиэрин-туомун көрдөрөллөр, эмтээх отторунан дьарыктанар отоһуттар сүбэлэрэ тэриллибит. Сахалыы төгүрүк сандалыга обургу иһиттэргэ от арааһа кутуллубут. Ону сэргэ саха мааны Далбар хотуна улахан чаанньыктан чэйи кута турар эбит. Бу Саха сиригэр чэйи иһии култууратын чинчийээччи, “Чайная культура Евразии” бырайыак салайааччыта, «Чай кучу в культуре народа саха» кинигэ ааптара, саха чэйин үгэс быһыытынан үйэтитэ сылдьар Кучу Туйаара эбит. Кини тэрээһин туһунан санаатын үллэһиннэ:
– Биһиги Арчы дьиэтин биир үөрүүлээх тэрээһинигэр кэлэн ыалдьыттарга сахалыы чэй иһии сиэрин-туомун көрдөрө сылдьабыт. Сахалар былыргы үгэстэринэн күһүн хомуллубут кучу оттон оҥоһуллубут чэйинэн күндүлүүбүт. Оту үксүн бэйэм хомуйабын, тоҕо диэтэххэ, биһиэнэ атыыга эҥин тахсыбат. Чэй иһии үгэһин сөргүтэр уонна култууратын тарҕатар үлэнэн Арчы дьиэтигэр 2010 сылтан дьарыктанабыт. Ол курдук, урут күһүҥҥү кучуну хайдах хомуйар, бу чэй туһатын туһунан кэпсиир, үөрэтэр этим. Кэлин үксүн чэй суолтатыгар болҕомто уурабын. Арчы дьиэтэ саха норуота түмсэр киинэ буоларын быһыытынан, хас тэрээһиҥҥэ барытыгар кыттыыны ылабыт. Хас биирдии ыал чэй иһии үгэһин күннээҕи олоҕор киллэрдэҕинэ, дьиэ кэргэн иһигэр ил-эйэ үөскүүр уонна сылаас сыһыан олохсуйар. Билигин “Чайная культура Евразии” бырайыакпынан үлэлии сылдьабын. Бу монографиябар олоҕуран Евразия омуктарын чэй оҥорооччуларын, чэйи чинчийэр учуонайдарын түмэммин үлэ бэлэмниибин.
Александра Михайловна Мокрощупова, Хатас бөһүөлэгин “Тускул” култуура киинэ:
– Хатас орто оскуолатыгар саха тылын уонна литэрэтиирэтин учууталабын. Биһиги, хатастар, “Төрүт ас” диэн түмсүүлээхпит. Онно эмтээх оттору үргээн, хатаран чэй, үөрэ ото оҥоробут. Ону сэргэ саха төрүт астарын бар дьоҥҥо кэпсиибит, алгыстаах ыраастанар, арчылыыр нобуордары оҥортуубут. Бу нобуордарбытын таҥас мөһөөччүктэргэ кутан байыаннай дьайыыга сылдьар уолаттарбытыгар ыыппыппыт. Дьокуускай куораттааҕы ыстаапка тиийэн нобуордарбытын туттартаабыппыт, ону ыстаап үлэһиттэрэ байыастарга анаан тикпит таҥастарыгар уган ыыппыттар этэ. Уолаттарбыт барахсаттар төрөөбүт дойдубут ото чахчы көмөлөһөр эбит диэн махтаналлар. Бу быыстапкалыы олордохпутуна, икки байыас уол кэлэн махтанна. Биһиги онтон наһаа үөрдүбүт, санаабыт көтөҕүлүннэ.
Саха тылын үйэтитээччилэр куолаан олоҥхолууллар
– Мин, Клара Николаевна Дегтярева, «Алаһа дьоҕура” диэн олоҥхонон дьарыктанар бөлөх салайааччытабын. Салайааччылар иккиэбит, Любовь Иннокентьевна Платонова – уус-уран салайааччы. 2011 сыллаахха бөлөхпүт тэриллибитэ. Ансаамбылбытыгар уончабыт. Биһиги бары олоҥхолуубут. “Уруйдан, улуу олоҥхобут” диэн Арчы дьиэтигэр ыытыллар бэстибээлгэ сыл ахсын кыттабыт. Олоҥхо ыһыахтарыгар кэрийэ сылдьан кыттабыт. Биир олоҥхону бары оруолунан арахсан толоробут. Ону сэргэ биирдиилээн толорор дьонноохпут.
Бүгүн, ахсынньы 12 күнүгэр, Дьокуускай аэропордугар Таилантан уонна Филиппиныттан кэлбит боксердары көрүстүлэр. Спортсменнар ахсынньы 14…
Усуйаана улууһун 50 саастаах олохтооҕо билэр киһитин тимир светильнигинэн кырбаан өлөрбүт. Бу туһунан СӨ Борокуратууратын…
Ил Дархан Айсен Николаев “Искусственнай интеллект эйгэтигэр айан” норуоттар икки ардыларынааҕы кэмпириэнсийэҕэ кыттыыны ылла. Суолталаах тэрээһиҥҥэ…
Бүгүн, ахсынньы 12 күнүгэр, Дьокуускайга "Руслан" тыа хаһаайыстыбатын тиэхиньикэтин уонна саппаас чаастары атыылыыр маҕаһыын умайда.…
АЛРОСА хампаанньа өйөбүлүнэн тэриллэр “Медиахакатоҥҥа” номнуо үһүс төгүлүн өрөспүүбүлүкэ араас муннугуттан 48 көхтөөх, айар-тутар дьоҕурдаах…
Таатта улууһун Ытык Күөл сэлиэнньэтигэр Култуура уонна сынньалаҥ пааркатыгар баар Саҥа дьыллааҕы харыйа "Елки России"…