Салгыы
Ардай аһыылаах ахсаанын аччатыахха

Ардай аһыылаах ахсаанын аччатыахха

Ааптар:
28.04.2024, 15:00
Хаартыскалары ааптар тиксэрдэ.
Бөлөххө киир:

Бөрөнү үөрэппит учуонайдар бу  адьырҕа кыыллар аһылыктарын үс көрүҥүнэн быһаарбыттара. Ол курдук туундара бөрөлөрө кыыл уонна дьиэ табаларын, киин-тайҕа – тайахтары уонна кулааһайдары, туртастары уонна дьиэ сүөһүтүн, соҕуруу-тайҕа – тайаҕы уонна кулааһайы аһылыктаналлар. 

РНА СС Криолитозона биологическай кыһалҕаларыгар институтун үлэһиттэрин чахчыларынан, кэнники сылларга бултаммыт 300 бөрө иһин-үөһүн ырытан көрүүгэ таба (29,8 быр.) уонна тайах (29,2 быр.) тобохторун булбуттар. Туундара түөлбэтигэр – таба (91 %), тайах (9%), киин-тайҕа өттүгэр – туртас (62,5%), тайах (16,25%), таба (15%), соҕурууҥҥу-тайҕа өттүгэр – кулааһай (33,33%), таба (30%) уо.д.а. аһылыктаахтара биллэр.

Хаартыскалары ааптар тиксэрдэ.

Саха сиригэр 2017 сылтан бөрө төһө элбэҕин билээри, аҥкыаталааһын ньымата туһаныллар, ол туһалааҕа билиннэ. Онон табаһыттартан, сылгыһыттартан, булчуттартан, тыа  хаһаайыстыбатын управлениеларын үлэһиттэриттэн уо.д.а. чахчылары хому­йаллар. Аҥкыатаҕа бөрө саҥа ааспыт суолун-ииһин, дьиэ кыылын уонна атын кыыллары тардыбытын туһунан ыйыллар. Бу чахчылары хас нэдиэлэ аайы саҥардаллар уонна бөрө ах­­саанын аччатыыга суһал быһаа­рыылары ылынарга туһаналлар. Онон 2023 сылга 2964 бөрө баара биллибитэ.

Маннык ньыманы туһаныы Саха сиригэр быһа холу­йан төһө бөрө баарын билэргэ көмөлөһөр. Билиҥҥи туругунан, 2500-3000 баар дииллэр. Бу балачча, киһи мыыммат сыыппарата, онон бөрө ахсаанын киһи эрэ тутар-сүрүннүүр кыахтаах. Биллэр чинчийээччи-учуонайдар А.А.Данилкин (1999 с.) уонна А.П.Суворов (2004 с.) этэллэринэн, бөрөнү кытта бултаспат сирдэргэ бу адьырҕалар сылга 7-16% кыылга-сүөһүгэ кутталы үөскэтэллэр, сииллэр-аһыыллар.

Биһиги учуонайдарбыт В.В.Степанова, Е.А.Николаев быһааралларынан, сылга
2200 т сиир кыахтаахтар. Бу быһа холуйан  3300 тайах (900 т), 11200 хотугу таба (600 т), 680 кулааһай (150 т), 3000 туртас (100 т.), 130000 куобах (450 т). Бу сыыппара булчуттарга бэриллэр кубуотатааҕар элбэх. Тустаах учуонайдар сыаналыылларынан, Саха сирин булт хаһаайыстыбатыгар 300 мөл.  тахса солк. хоромньуну таһаараллар. РФ Айылҕа ресурсаларыгар министиэристибэтэ бөрө ахсаана элбэҕин учуоттаан, Саха сиригэр тайаҕы бултуурга 2300, туртаска 1200 кубуотаны көрөр.

Хаартыскалары ааптар тиксэрдэ.
Хоромньуну таһаараллар

СӨ Тыа хаһаайыстыбатын уонна Бэтэринээрийэ департаменын чахчыларынан, 2023 сылга бөрөлөр 5764 дьиэ табатын, 109 сылгыны тартылар. Бөрөлөр дьиэ табатыгар уонна сыспай сиэллээххэ сыл ахсын 300 мөл. солк. кэриҥэ хоромньуну таһаараллар.

Саха Өрөспүүбүлүкэтин Бырабыыталыстыбата сыл ахсын бөрө ахсаанын сүрүннүүр үлэни тэрийэр. Ол түмүгэр бөрө ахсаанын сөбүгэр тутабыт уонна 90-с сыллар бүтүүлэрин уонна 2000 саҕаланыыларын кытта тэҥнээтэххэ, 1500-2000 төбөнөн ахсаанын аччаттыбыт уонна кэнники 5 сыл устата 3000 ахсаан иһинэн илдьэ сылдьабыт. Оҕо бөрөнү бултаабатахпыт буоллар, балар улаатан, ахсааны элбэтиэ этилэр.

Бу ардай аһыылаахтар Саха сирин тас өттүттэн киирбэттэрин туһугар ыаллыы эрэгийиэннэри кытта бииргэ үлэлиэхтээхпит. Ол курдук, Иркутскай, Амур уобаластарын, Красноярскай, Хабаровскай кыраайдары, Забайкальены кытта. Холобура, билигин ыаллыы Красноярскай оройуонугар Таймыыр популяцията кыыл таба ахсаана биллэрдик аҕы­йаата, манна 1 мөлү­йүөн табаттан 400 тыһыынча төбө хаалла. Өскөтүн бу табалары сиэн уойбут-топпут бөрөлөр биһиэхэ тоҕо анньан кэллэхтэринэ, Анаабыр уонна Өлөөн улуустарын табаһыттарыгар улахан кыһалҕаны үөскэтиэхтэрэ.

Бөрөһүттэри үөрэтиэххэ

Онон бу кыыл ахсаана элбээбэтин туһугар тугу гыныахха?

– дьиэ табатын уонна сылгылары тардыытын кытаанахтык учуоттуохха. Барытын үрдүттэн бөрөҕө балыйбакка, “припис­каны” суох оҥорор туһугар. Онон сүөһүнү-сылгыны кыыл тардыбыта билиннэҕинэ, бэтэринээрийэ, тыа хаһаайыстыбатын управлениетын, олохтоох дьаһалта үлэһиттэрэ уонна судаарыс­тыбаннай иниспиэктэрдэр сэмнэҕи булбут сирдэригэр тиийэн бэрэбиэркэлиэхтээхтэр. Сымыйа чахчылары биэрии уонна “приписка иһин” ыстараап эҥин олохтонуохтаах;

– Саха сиригэр бөдөҥ ардай аһыылаахтар тэнийиилэрин аныгы туругун быһаарыыга научнай-чинчийэр үлэни уонна бу кыыллар ахсааннарын аччатыыга (сүрүннүүргэ) сөптөөх үбү-аһы көрүөххэ. Бу аныгы дьиҥнээхтик көрдөрөр ньымаларга олоҕуран ардай аһыылаахтар ахсааннарын тута дьаһаллары ылынар туһугар ахсааннарын кэтээн көрүөххэ;

– сыл устата сэрэтэр үлэлэри ыытыахха, кэтээн көрүү уонна научнай-чинчийэр үлэ чахчыларыгар олоҕуран адьырҕа кыыллары сүрүннүүр тиһиги тэрийиэххэ;

– бу кыыллар буулаабыт оройуоннарыгар, сылгы уонна таба иитэр оройуоннарга уонна улуустарга, нэһилиэктэргэ, тыа хаһаайыстыбатын управлениеларыгар бас бэринэр идэтийбит биригээдэлэри бэлэмниэххэ уонна бултуур сэбиргэлинэн хааччыйыахха, кинилэр сылы эргиччи үлэлииллэрин курдук.  Маннык биригээдэлэри бары өттүнэн көҕүлүөххэ, кинилэргэ бултаабыт бөрөлөрүн иһин сөптөөх чэпчэтиилэри көрүөххэ;

– ЯСХТ, ЯГСХА, атын үөрэх кыһаларын баазатыгар булчут-бөрөһүттэри үөрэтиэххэ, СӨ уонна бу үөрэх кыһаларын, ыаллыы эрэгийиэннэр исписэлиистэрин туһанан үөрэтэр сэминээрдэри ыытыахха.

– сааскы уонна сайыҥҥы кэмнэргэ бөрө бытатыгар бултаа­һыны күүһүрдүөххэ, маннык уйаларга бөрөлөрү бултаабыт булчуттары ботуччу бириэмийэлиэххэ.

– бөрөнү бултааһын иһин кэмигэр төлөөһүнү олохтуохха, эбии көҕүлээһини олохтуохха;

– булду туһанааччылары, тыа хаһаайыстыбатын туһанаач­чылары уонна ураты харыстанар сирдэргэ  бөрө ахсаанын сүрүннүүр үлэни күүһүрдэллэригэр эбээһинэстииргэ.

Иннокентий Семенов, Биология ресурсаларын, айылҕа ураты харыстанар сирдэрин уонна Айылҕа пааркаларын дириэксийэтин дириэктэрин солбуйааччы.

+1
2
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
31 октября
  • -20°C
  • Ощущается: -26°Влажность: 84% Скорость ветра: 2 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: