Ардаҕы түһэрэр сөмөлүөт бэһис көтүүтүн оҥоруоҕа

Саха сиригэр “Росгидромет” лабораториялаах сөмөлүөтэ кэлэн үлэлии сылдьар. Ыам ыйын 18 күнүттэн 4 эриэйсэни оҥордо диэн СӨ Быыһыыр сулууспатын салайааччы Иннокентий Андросов “Актуальное интервью” биэриигэ кэпсээтэ.

— Быйыл ардаҕы түһэриэх айылаах былыт аҕыйах. Онон зондировщик сөмөлүөт экипаһа оннук былыттары кэтэһэр. Ыам ыйын 26, 29 күннэригэр Сунтаар, Ньурба улуустарыгар тиийэ көтө сылдьыбыта. Бэс ыйын 3, 4 күннэригэр Өлүөхүмэ улууһугар үлэлээбитэ. Билигин Уус Маайа оройуонугар барыахтаах да, ардаҕы түһэриэх айылаах былыт суох. Онон бэһис маршрутун быһаарса сылдьабыт, — диэн кини эттэ.
“Як-40” зондировщик үлэлииригэр эрэгийиэннээҕи бүддьүөттэн 80 мөлүйүөн солкуобай көрүллүбүтэ. Былырыын бэс ыйыгар бэрэсидьиэн Владимир Путин өрөспүүбүлүкэҕэ эспэримиэн оҥорорго сорудахтаабыта. Атырдьах ыйын 22 күнүгэр эспэримиэн бүппүтүн туһунан иһитиннэрбиттэрэ.
— 2021 сыллаахха элбэх, улахан баһаардар буолбуттарын бары өйдүүбүт. Айсен Николаев онно бэйэбит зондировщик сөмөлүөттэнэрбит буоллар диэн эппитэ. Ону бэрэсидьиэн өйөөн, бу хайысханан үлэлээн барбыппыт. Былырыын “Як-42” сөмөлүөт үлэлээбитэ. “Росгидромет” киин аэрологическай обсерваториятын кытта сөбүлэһии түһэрсиллибитэ. Бу үлэ үчүгэй түмүктээх буолла. Онон былырыын ойуур баһаарын ахсаана үс төгүл, баһаар сиэбит сирин иэнэ – 14 төгүл кыччаабыта, — диэн Иннокентий Андросов иһитиннэрдэ.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: