Ардаҕы түһэрэр сөмөлүөт бэһис көтүүтүн оҥоруоҕа

Share

Саха сиригэр “Росгидромет” лабораториялаах сөмөлүөтэ кэлэн үлэлии сылдьар. Ыам ыйын 18 күнүттэн 4 эриэйсэни оҥордо диэн СӨ Быыһыыр сулууспатын салайааччы Иннокентий Андросов “Актуальное интервью” биэриигэ кэпсээтэ.

Хаартыска: Быыһыыр сулууспа пресс-сулууспата

Быйыл ардаҕы түһэриэх айылаах былыт аҕыйах. Онон зондировщик сөмөлүөт экипаһа оннук былыттары кэтэһэр. Ыам ыйын 26, 29 күннэригэр Сунтаар, Ньурба улуустарыгар тиийэ көтө сылдьыбыта. Бэс ыйын 3, 4 күннэригэр Өлүөхүмэ улууһугар үлэлээбитэ. Билигин Уус Маайа оройуонугар барыахтаах да, ардаҕы түһэриэх айылаах былыт суох. Онон бэһис маршрутун быһаарса сылдьабыт, — диэн кини эттэ.

“Як-40” зондировщик үлэлииригэр эрэгийиэннээҕи бүддьүөттэн 80 мөлүйүөн солкуобай көрүллүбүтэ. Былырыын бэс ыйыгар бэрэсидьиэн Владимир Путин өрөспүүбүлүкэҕэ эспэримиэн оҥорорго сорудахтаабыта. Атырдьах ыйын 22 күнүгэр эспэримиэн бүппүтүн туһунан иһитиннэрбиттэрэ.

2021 сыллаахха элбэх, улахан баһаардар буолбуттарын бары өйдүүбүт. Айсен Николаев онно бэйэбит зондировщик сөмөлүөттэнэрбит буоллар диэн эппитэ. Ону бэрэсидьиэн өйөөн, бу хайысханан үлэлээн барбыппыт. Былырыын “Як-42” сөмөлүөт үлэлээбитэ. “Росгидромет” киин аэрологическай обсерваториятын кытта сөбүлэһии түһэрсиллибитэ. Бу үлэ үчүгэй түмүктээх буолла. Онон былырыын ойуур баһаарын ахсаана үс төгүл, баһаар сиэбит сирин иэнэ – 14 төгүл кыччаабыта, — диэн Иннокентий Андросов иһитиннэрдэ.

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Сүрүн

Дьокуускайдааҕы 1 №-дээх оскуола быйыл саас аһыллыаҕа

СӨ Ил Дархана Айсен Николаев тохсунньу 9 күнүгэр Дьокуускайга 253 үөрэнээччилээх 1 №-дээх орто оскуола…

9 минут ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

2025 сыл сүрүн ситиһиилэрэ: Плазмосорбция сэдэх процедурата аан бастаан оҥоһулунна

Ааспыт сыл сэтинньитигэр онкология өрөспүүбүлүкэтээҕи диспансерын устуоруйатыгар киирэр түгэн — плазмосорбция процедурата оҥоһулунна. Анестезиология, реанимация…

15 минут ago
  • Быһылаан
  • Бэрээдэк
  • Сонуннар

Дьуһуурунай борокуруор: Эр киһи төрдүс этээстэн сууллубут

Суукка иһигэр өрөспүүбүлүкэҕэ икки буруйу оҥоруу тахсыбыта бэлиэтэннэ. Бу туһунан СӨ Борокуратуурата иһитиннэрэр. Дьокуускай куоракка…

45 минут ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Оҕо кириэһилэтигэр ирдэбил күүһүрдэ

Оҕолору анал кириэһилэтэ суох таһыы иһин ыстараап икки бүк кэриҥэ улаатар. Ол курдук, тохсунньу 9…

1 час ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Өймөкөөн Чысхааныттан сэртипикээт ылаары туристар мусталлар

Бу күннэргэ Тымныы полюһунан аатырар Өймөкөөн нэһилиэгэр туристар үгэс быһыытынан тоҕуоруһа мусталлар. Тымныы хаһаайынын --…

2 часа ago
  • Быһылаан
  • Бэрээдэк
  • Сонуннар

«Халыма» суолга саахал түмүгэр биэс киһи эмсэҕэлээбит

Тохсунньу 8 күнүгэр Мэҥэ Хаҥалас улууһун отделын дьуһуурунай чааһыгар «Халыма» федеральнай суолга суол быһылаана тахсыбытын…

2 часа ago