Салгыы
Ардахтатар үлэ — үүнүүнү үрдэтии

Ардахтатар үлэ — үүнүүнү үрдэтии

Ааптар:
06.08.2023, 18:30
Хаартыска: Pxhere.com
Бөлөххө киир:

(Салгыыта. Иннин от ыйын 29 күнүгэр көр)

2003 сыллаахха ыам ыйын иккис аҥаарыгар Бырабыыталыстыба бэрэссэдээтэлэ Егор Борисов ардахтатыыны ыытар туһунан дьаһала тахсыбыта. Онно олоҕуран, Тыа хаһаайыстыбатын министиэристибэтэ ыам ыйын 28 күнүгэр Москва анныгар баар Атмосфернай технологиялар ааҕыныстыбаларын кытары ардахтатыы туһунан дуогабар түһэрсибитэ. Бэс ыйын 6 күнүгэр Ил‑18 диэн анал оборудованиелаах сөмөлүөт кэлэн, бэс ыйын 30 күнүгэр диэри үлэлээн барбыта уонна улахан туһаны оҥорбута диэн этиэххэ наада. Бу сөмөлүөт былыкка сиик кристалларын үөскэтэргэ анаан дьуоттаах үрүҥ көмүс ботуруонунан ытар уонна убаҕас азотунан ыстарар анал тэриллэрдээх. Ардахтатар сөмөлүөт уопсайа 55 чаас 10 мүнүүтэлээх 10 көтүүнү оҥорбута.

Кылгастык ханан үлэ барбытын суруйар буоллахха маннык. Бэс ыйын 7 күнүгэр арҕааттан кэлбит тоҥ былыты Төгүлтэ-Амма-Охотскай Перевоз тастарынан дьайыы барбыта. Кэтээн көрүүнэн, манна 5–9 мм сөҥүү түспүтэ. Бэс ыйын 10 күнүгэр хотугулуу-арҕааттан кэлбит тоҥ былыты Бороҕон-Чурапчы уонна Покровскай-Амма икки ардыларыгар дьайыы ыытыллыбыта. Ол түмүгэр Аммаҕа 7 мм ардах түспүтэ. Бэс ыйын 12, 13 уонна 14 күннэригэр сөмөлүөт Өлүөхүмэҕэ арҕааттан кэлэр былыттарга үлэлээбитэ. Бэс ыйын 17 күнүгэр эмиэ тоҥ былыттарга Нам, Покровскай, Дьокуускай уонна Амма икки ардыларыгар үлэ барбыта, ыстаансыйалаах сирдэргэ 1 мм сөҥүү түспүтэ бэлиэтэммитэ. Бэс ыйын 19 күнүгэр сөмөлүөт Өлүөхүмэҕэ үлэлээн 5 мм ардаҕы, 20 чыыһылаҕа Илин эҥэргэ хотугулуу-арҕааттан кэлбит тоҥ былыттарга үлэлээн, 2–7 мм диэри сөҥүүнү түһэрбитэ. Бэс ыйын 21 күнүгэр сөмөлүөт арҕааттан кэлбит кэлим былыты ыан, Илин эҥээр үгүс өттүгэр, ол иһигэр ордук элбэх ардаҕы (20 мм диэри) Бороҕон уонна Чурапчы икки ардыгар түһэрбитэ. 22 чыыһылаҕа бу былыт арыый илин тиийбитин Амма, Уус Маайа уонна Томпо соҕуруу өртүгэр түһэрбитэ. Ол курдук, Аммаҕа 6 мм сөҥүү түспүтэ. Ардахтатыы бүтэһигин Илин эҥэр соҕуруу өттүгэр бэс ыйын 29 күнүгэр ыытыллыбыта.

Ыытыллыбыт үлэ туһалаах буолбута. Ардахтатыы түмүгэр сиргэ сиик саппааһа эрэ мунньуллубатаҕа, киэҥ сиргэ уу саппааһа элбээн, салгын температурата түспүтэ, сиртэн үөһээ тахсар сылаас салгын сүүрээнэ (восходящие токи воздуха) кэлимник үөскээбэккэ, сиик туһата суох көтүүтэ аччаабыта. Ити түмүгэр сөмөлүөт үлэлээн бүппүтүн да кэннэ былыттар олус үрдүгүнэн буолбакка, намыһахтык кэлэннэр уонна салгын таммах точкатыгар түргэнник тиийэннэр, от ыйын бастакы декадата ардахтаах буолбута. Түспүт ардахтар кэннилэриттэн хатан турбут сир чэлгийэ, салгын ырааһыран мүөт сытынан дыргыйа түспүттэрэ. Ити сайын ардах таппыт сирдэригэр от куһаҕана суохтук үүммүтэ.

Буортулуо дуо?

“Ардахтатыы айылҕаны буортулуо” диир дьоҥҥо анаан эттэххэ, 2003 сыллаахха үлэ барар кэмигэр уопсайа 2449 ракетница ботуруонун саҕа үрүҥ көмүстээх дьуот тууһа ботуруон уонна 510 литр убаҕас азот туһаныллыбыт. Бу олус киэҥ сиргэ тэнитэ ыстахха баара-суоҕа биллибэт дьайыы, хас кв. км аайы миллиграмынан эрэ сыаналанар. Үрүҥ көмүстээх дьуот тууһа ууга суураллыбат, үүнээйигэ-тыыннаах харамайга киирдэҕинэ буортулуон сөп диир эмиэ табыллыбат. Ити туус кыырпахтара сир үрдүгэр түһэллэр уонна биохимическай эргииргэ киирэллэр. Ойуур анныгар почва үрдүгэр түспүт туус ойуур үүнээйитин тобоҕун органическай кислоталаах дьайыытыттан үрэллэр, оттон ходуһа-мэччирэҥ сиригэр түспүтэ хонуу үүнээйитин тобоҕо уонна почва тууһун щелочьтаах убаҕаһын (почвенный раствор) дьайыытынан үрэллэр. Саха сирин киин өттүгэр айылҕаҕа дьуот тиийбэт буолан зоб щитовидной железы диэн эндемичнэй ыарыы тарҕаммыт сиринэн биллэр. Оттон үрүҥ көмүс араас вирустары, бактериялары стерилизациялыыр дьоҕурдаах. Онон ардахтатыыга туһаныллар үрүҥ көмүстээх дьуот тууһа киһиэхэ, атын да тыынар тыыннаахха куттала суох.

Ойуур баһаардарын утары

Былырыыҥҥыттан ыла ардахтатыы ньыматын ойуур баһаардарын утары үлэҕэ туһанар эспэримиэннэри ыыталлар. Ити үлэ сүрүннээн бэс ыйын ортотуттан от ыйа бүтүөр диэри ыытыллар. Ити кэмҥэ Саха сирин киин оройуоннарыгар кураан кэм турааччы, ол түмүгэр уулаах былыт саппааһа аччыыр, ардаҕы санаабыт сиргэр түһэрэр, баһаары тохтотор кыаллыбат. Итини учуоттаан уонна сүөһү ииттэн олоҕун оҥостор тыа сирин дьоно кураантан эмсэҕэлиирин сымнатаары, ардахтатыыны саас ыам ыйын саҥатыттан ханна сөптөөх былыт баар да, күүскэ ыытар сөп курдук. Оннук үлэ түмүгэр киэҥ сиргэ сиик саппааһа элбээн, кэлэр сайын үүнүүтүн үрдэтэрэ, аһыҥа үөскүүр туругун аччатара саарбаҕа суох, оттон ойуур олбоҕор (үүнээйи тобоҕо мунньуллубут үрдүкү араҥата) уонна почватыгар уу мунньуллан, уот барар кутталын биллэ аччатыа этилэр. Сахалар “сиик сииги тардар” диэччилэр, киһи оҥорбут ардахтарыттан угуттаммыт сир-дойду өссө да халлаан сиигин тардан биһиги кураайы дойдубутун нүөл салгыннаан,

элбэх быйаҥнаан, дьоммутугар-сэргэбитигэр бөҕө тирэх буолуо диэн эрэниэҕиҥ!

Роман Десяткин.

Дьокуускай куорат.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
14 декабря
  • -34°C
  • Ощущается: -34°Влажность: 75% Скорость ветра: 1 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: