Ардахтатыы — үүнүүнү үрдэтии
Сахабыт сирин киин өттө кураайы буолан, өбүгэ саҕаттан сотору-сотору хастыы да сыл курааннар сатыылааннар, сир-дойду биэрэр үүнүүтэ быста аччыыр, ойуурга баһаар туруута үксүүр. Ол түмүгэр сүөһү ииттэн олорор төрүт омуктар сайдыылара бытаарар, айылҕа сатарыйар. Ол араас ньыманы туттан сир сиигин үксэтэр ньымалары туһана сатыырга күһэйэр (быһыттааһын, күөллэри үөскэтии, хаары типтэрии уо. д.а.).
Ол барыта кыра сири хабан, чуолкай үлэ эрэ барбыт иэнигэр быстах кэмҥэ туһалыыр курдук. Ааспыт үйэ 80‑с сылларын ортотуттан уһун кураан сатыылаан, 90‑с сыллар саҥаларыгар киин оройуоннар үрэхтэрэ сүүрдүбэт буолбуттара, алаастарын күөллэрэ куура-хаппыта, үүнээйи эрэ буолбакка, нэһилиэнньэ иһэр уута суох хаалбыта. Элбэх кэпсэтии, араас былаан ырытыллыбыта. Ол түмүгэр Өлүөнэ-Мүрү, Өлүөнэ-Туора Күөл диэн баараҕай водоводтар тутуллубуттара. Бу тутуулар бөһүөлэктэр тастарыгар иһэр уу саппааһын хаһаанар көлүйэлэри оҥорууну хааччыйыахтаахтара. Сири нүөлсүтүү, айылҕаны харыстааһын боппуруостарын быһаарар кыахтара суоҕа. Оттон кураан күүһүрэн, күөллэр уолуулара түргэтээн, сир-дойду хатан, мэччирэҥ-ходуһа сирдэрин үүнүүтэ быста аччаан, сут турар куттала тирээбитэ.
Кэтээн көрүү түмүгүнэн ардах хаппыт сирдэригэр ити сайын үүнүү 1,5–2,5 төгүл үрдээбитэ көстүбүтэ.
“АКВА-лыын” дуогабардаһан
Үөскээбит балаһыанньаны сөпкө өйдөөн үгүс туруорсуу, бэчээт нөҥүө араас кэпсэтии кэнниттэн Илин эҥээр экэнэмиичэскэй зона салалтата (Г. М. Артемьев) 1995 сыл бэс ыйын саҥатыгар Росгидромет иһинэн үлэлиир “АКВА” диэн ардаҕы түһэриигэ үлэлиир фирманы кытта дуогабардаһан, ити сыл бэс ыйын иккис аҥаарыттан киин оройуоннарга ардаҕы күүһүрдүү үлэлэрэ саҕаламмыттара. Анал оборудованиелаах Ил‑18 сөмөлүөт былыт ханна баарынан ый бүтүөр диэри көтөн илин эҥээр араас өттүгэр олус туһалаах үлэни ыыппыта. Барыта 39 чаас көтөн үлэлээбит сиригэр 12,6 мм эбии сөҥүүнү түһэрбитэ. Үлэ хайдах барарын кэтииргэ научнай бөлөх тэриллэн үлэлээбитэ. Бөлөххө Саха сиринээҕи Гидромет сулууспата, Арассыыйа Наукаларын академиятын Сибиирдээҕи салаатын Физика-тиэхиньиичэскэй проблемаларга, Биология, эрэгийиэннээҕи экэниэмикэ институттарын уопуттаах үлэһиттэрэ киирбиттэрэ.
Ардаҕы күүһүрдүү кэмигэр эбии түспүт уу кээмэйэ 0,35 км3 сыаналаммыта. Төлөбүр уруккунан 350 мөл. солк, ол эбэтэр 1 туонна эбии түспүт уу 1 солк. сыанаҕа турбута. Кэтээн көрүү түмүгүнэн ардах хаппыт сирдэригэр ити сайын үүнүү 1,5–2,5 төгүл үрдээбитэ көстүбүтэ. Экэнэмиичэскэй наука дуоктара Н. Н. Тихонов ааҕан таһаарыытынан, ардаҕы түһэриигэ барбыт үп хас биирдии солкуобайа 74 солкуобай барыһы биэрбитэ быһаарыллыбыта уонна киин улуустарга сайын от саҥардыы үүнэн эрдэҕинэ ардахтатыы көдьүүстээҕэ биллибитэ.
Лаборатория кэтээн көрбүтэ
Эһиилигэр (1996 с.) үп эрдэ көстүбэккэ, “АКВА” фирма “Циклон” сөмөлүөтэ ыам ыйын бүтэһик декадатын кэлим былыттарын куоттаран кэлэн, бэйэтин үлэтин 9 төгүл бэс ыйын 8–23 күннэригэр ыыппыта. “Циклон” сөмөлүөт былыкка дьуоттаах үрүҥ көмүс тууһунан дьайар оҥоһуулаах. Сөмөлүөт ити кэмҥэ биирдиилээн былыттарга дьайыы оҥорон, Илин эҥээр араас өртүгэр быстах да буоллар, ардахтары түһэртэлээбитэ. Арыыйда уһун уонна кэлим ардахтары бэс ыйын 19, 20 уонна 23 күннэригэр Уус Алдан улууһун хоту өттүгэр түһэрии ситиһиллибитэ. Сөмөлүөт уопсайа 9‑та көтөн, 31 чаас үлэлээбитэ. Ол түмүгэр 0,1 км3 эбии ардах түспүтэ. Төлөбүр оччотооҕу сыананан 600 мөл. солк., ол эбэтэр 1 туонна эбии ардах 6 солкуобайга турбута. Ити ардахтар от үүнүүтүгэр дьайыыларын Биология институтун алаас уонна тыа сирдэрин кэлимник үөрэтэр лабораторията кэтээн көрбүтэ. Үөрэтии Мэҥэ Хаҥалас, Чурапчы уонна Уус Алдан улуустарын хаппыта. Мэҥэ сиригэр биирдэ ардахха таптарбыт уонна таптарбатах кэккэлэһэ сытар алаастар, Чурапчыга курааннаабыт, оттон Найахы таһыгар сааскы ардахтар үчүгэйдик хаппыт алаастара үөрэтиллибиттэрэ.
Үөрэтии түмүктэрэ көрдөрөллөрүнэн, саас биирдэ быстах ардах таппыт алааһыгар, төһө да олус кураан сайын кэлбитин иһин, үрдүк сиргэ гектарыгар таһаардахха 7, орто ходуһаҕа — 25, сииктээх ходуһаҕа — 20 ц от маассата үүммүтэ (хаһаайыстыбаннай үүнүү ити көрдөрүү 60–70% тэҥ). Итиннэ холоотоххо, ардахха таптарбатах алаас көрдөрүүтэ 2–3 төгүл намыһах этэ, ону ааһан маннык сирдэргэ олус эрдэ аһыҥа туран, хотуур онон-манан эрэ түспүтэ. Чурапчы курааннаабыт алаастарын сииктээх сирдэригэр 1995 сыллааҕы отторун 80, орто ходуһаларыгар 60–80, үрдүк ходуһаларыгар 30–50 эрэ бырыһыаннара үүммүтэ. Сааскы ардахтарга үчүгэйдик хаптарбыт Уус Алдан улууһун алаастарыгар 1995 сыллааҕыны кытта тэҥнээтэххэ уолба сирдэргэ үүнүү — 115, орто ходуһаҕа — 178, кырдал сирдэргэ 144 бырыһыан үрдээбитэ бэлиэтэммитэ. Уопсайынан, бу алаастар үүнүүлэрэ Чурапчы алаастарын үүнүүтүнээҕэр 3 төгүл кэриҥэ үрдүк этэ. Итинтэн көстөрүнэн, “алаас сир үүнүүтүн эрдэтээҥи биир ардах быһаарар” диэн өбүгэ саҕаттан биллэр өйдөбүл оруннааҕа быһаарыллыбыта.
Ардахтатар үлэлэр күһүнүн, балаҕан ыйын 20–24 күннэригэр АН‑30 М “Метеозащита” диэн эмиэ анал лабораториялаах, ол гынан убаҕас эбэтэр тоҥ азот сурадаһынынан былыкка дьайар сөмөлүөт кэлэн үлэлээбитэ. Кини 5‑тэ көтөн, 19 аҥаар чаас үлэлээн, үлэлээбит сиригэр эбии 8 мм ордук сөҥүүнү түһэрбитэ. Түспүт ардах 1 туонната 6–8 солк. тэҥнэспитэ. Үлэ өссө да барыан улуустартан “наһаа ардаата” диэн сигналлар киирэннэр тохтотуллубут. Дьиҥинэн ыллахха, сыыстарыы тахсыбыт, сигналлар олус эрдэлээн киирбиттэр. Ол төрүөтүнэн тэлгэһэ, бөһүөлэк иһигэр бачыыҥканан кыайан сылдьыбат усулуобуйа үөскээбитэ буолбут. Онон ардаҕы түһэриигэ олус тоҕоостоох кэм мүлчү тутуллан, үрэхтэр сүүрдүөхтэригэр, алаас күөллэригэр уу киириэр диэри үлэ барыа хаалбыта. Көстөрүн курдук, Киин аэрологическай обсерватория ардаҕы түһэриини араас ньыманан үчүгэйдик баһылаабыт тэрилтэ.
2002 сыл сайын кураан бөҕөтө түһэн турдаҕына Иркутскайтан ардахтатар сөмөлүөт Тыа хаһаайыстыбатын министиэристибэтин сакааһынан кэлэ сылдьыбыта биллэр. Үлэ бэс ыйын ортото буолбут курдук, төһө туһалааҕа биллибэт, тоҕо диэтэххэ, ити үлэ олохтоох наука төрүт кыттыгаһа суох барбыта.
Роман Десяткин.
(Салгыыта бэчээттэниэҕэ).
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: