Арҕаа улуустарга сотору гаас холбонуоҕа

Share

Ил Дархан Айсен Николаев быһа эпиир кэмигэр Өлүөхүмэ сэлиэнньэтин олохтооҕо: “Гааска холбонуу үлэтэ хаһааҥҥыттан саҕаланыай уонна уокка холбонор ититииттэн гааска көһүүгэ субсидия көрүллүө дуо?” – диэн ыйытыытыгар хоруйдаата.

— Дойду бэрэсидьиэнэ “Биир ньыгыл Арассыыйа” баартыйа сийиэһин түмүгүнэн олоххо киллэрэргэ сорудаахтаабыт “Социальнай гаастааһын” бырагыраамата баар буолан, Саха сирин гаастааһыҥҥа улахан хамсааһын таҕыста. Былырыын 2800-тэн тахса дьиэни гааска холбоотубут. Өрөспүүбүлүкэ устуоруйатыгар хаһан даҕаны буолбатах холобур. Бу — улахан ситиһии. Биһиги гаастааһын тэтиминэн Уһук Илин уокурукка бастакы, дойдуга букатын даҕаны бэһис миэстэлэннибит, — диэн эттэ.

Сыллааҕы былаантан Чурапчы улууһа 400-тэн, Горнай улууһа 316-ттан таһаарбыттарын холобурдаата.

— Бэрэсидьиэн сорудаҕынан, Газпром бырабылыанньатын бэрэссэдээтэлэ А.Б.Миллери кытта кэпсэтиибит түмүгэр “Сила Сибири” кытта ыкса турар нэһилиэнньэлээх пууннар гааска холбонуохтара диэн сүбэлэспиппит. Бу Өлүөхүмэ, Ленскэй, Алдан, Нерюнгри улуустарын нэһилиэнньэлээх пууннара. Быһаарыы номнуо ылыллыбыта. Ону таһынан, эрэгийиэннээҕи операторынан “Сахатранснефтегаз” тэрилтэ анаммыта. Ол аата үлэ хаачыстыбалаахтык уонна болдьоҕор толоруллуоҕа, урутуон да сөп.

Өлүөхүмэ улууһугар, сыыспат буоллахпына, 16-17 нэһилиэнньэлээх пуун социальнай гаастааһыҥҥа хапсар, Өлүөхүмэттэн саҕалаан кыра дэриэбинэлэргэ тиийэ. Ити төлөпүөннээбит Өлүөхүмэ сэлиэнньэтигэр үлэ 2024 сылтан номнуо саҕаланыа, 2025 сылга үлэ бүтэригэр эрэллээхпин. Гаастааһын уонунан сылларга тэнийбэт, сөбүлэҥ түһэрсэрбитигэр 2023-2025 сс. диэн болдьох туруорбуппут, — диэн эттэ. Бу Өлүөхүмэҕэ эрэ буолбатаҕын, Алдан, Ленскэй, Нерюнгри улуустара буолалларын чорботон ыйда.

Уотунан ититиигэ урут субсидия суоҕун, Бэрдьигэстээххэ буолбут мунньахха генеральнай дириэктэр Алексей Колодезников тустаах боппуруоһу көтөхпүтүн, тус бэйэтэ эмиэ маны өйүүрүн биллэрдэ.

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Туһалаах дьарыктары сэргээннэр

Нам улууһугар Аппааныга нэһилиэк бэтэрээннэрин (сал.Лебедева О.И.) уонна дьахталлар сэбиэттэрин (сал. Мальцева Д.И.) кэмитиэттэрэ аҕам…

32 секунды ago
  • Интэриэһинэй
  • Сонуннар

Саахымат туһунан чахчылар

Бүк сабыллар саахымат дуоската хаһан айыллыбытый? Билигин оонньуурга туттуллар чаһы хаһан баар буолбутуй? Саахымат үөскээбит…

40 минут ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн

Өлүөнэ муостатын уонна Дьокуускайы сайыннарыы бырайыактарын өйөөтүлэр

РФ Бырабыыталыстыбатын  бэрэссэдээтэлин солбуйааччы Марат Хуснуллин салайар эрэгийиэннэри сайыннарыы хамыыһыйатын ыстаабын президиумун мунньаҕар казначейскай инфраструктура…

52 минуты ago
  • Култуура
  • Сонуннар

Хаһааччыйаҕа бэргэһэ тигиитигэр күрэхтэстилэр

Хаһааччыйаҕа "Сайдыы" култуура дьиэтигэр аҕыйах ахсааннаах норуоттар бэргэһэлэрин (авун) тигиигэ уран тарбахтаах иистэнньэҥнэргэ сонун, ураты…

1 час ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Чурапчыга Алексей Еремеев: “Өскөтүн бу сокуон барылын Чурапчы ылынар буоллаҕына, ол аата Саха сирэ бүтүннүү ылынар диэн саныахтаахпыт”

Ил Түмэн Бэрэстээтэлэ Алексей Еремеев бэҕэһээ Мэҥэ Хаҥалас уонна Амма улуустарыгар үлэлээбит эбит буоллаҕына, бүгүҥҥү…

2 часа ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Куомуннаһыы туохха тиэрдэр

Украина иирсээнин күөртүү олорор арҕаа дойдулар онно сөп буолбакка, аны «киирсиинэн» ыаһахтанан эрэллэр. Кэлии-барыы, суксуруһуу,…

2 часа ago