Хаартыска: Андрей Сорокин, СИА.
Ил Дархан Айсен Николаев быһа эпиир кэмигэр Өлүөхүмэ сэлиэнньэтин олохтооҕо: “Гааска холбонуу үлэтэ хаһааҥҥыттан саҕаланыай уонна уокка холбонор ититииттэн гааска көһүүгэ субсидия көрүллүө дуо?” – диэн ыйытыытыгар хоруйдаата.
— Дойду бэрэсидьиэнэ “Биир ньыгыл Арассыыйа” баартыйа сийиэһин түмүгүнэн олоххо киллэрэргэ сорудаахтаабыт “Социальнай гаастааһын” бырагыраамата баар буолан, Саха сирин гаастааһыҥҥа улахан хамсааһын таҕыста. Былырыын 2800-тэн тахса дьиэни гааска холбоотубут. Өрөспүүбүлүкэ устуоруйатыгар хаһан даҕаны буолбатах холобур. Бу — улахан ситиһии. Биһиги гаастааһын тэтиминэн Уһук Илин уокурукка бастакы, дойдуга букатын даҕаны бэһис миэстэлэннибит, — диэн эттэ.
Сыллааҕы былаантан Чурапчы улууһа 400-тэн, Горнай улууһа 316-ттан таһаарбыттарын холобурдаата.
— Бэрэсидьиэн сорудаҕынан, Газпром бырабылыанньатын бэрэссэдээтэлэ А.Б.Миллери кытта кэпсэтиибит түмүгэр “Сила Сибири” кытта ыкса турар нэһилиэнньэлээх пууннар гааска холбонуохтара диэн сүбэлэспиппит. Бу Өлүөхүмэ, Ленскэй, Алдан, Нерюнгри улуустарын нэһилиэнньэлээх пууннара. Быһаарыы номнуо ылыллыбыта. Ону таһынан, эрэгийиэннээҕи операторынан “Сахатранснефтегаз” тэрилтэ анаммыта. Ол аата үлэ хаачыстыбалаахтык уонна болдьоҕор толоруллуоҕа, урутуон да сөп.
Өлүөхүмэ улууһугар, сыыспат буоллахпына, 16-17 нэһилиэнньэлээх пуун социальнай гаастааһыҥҥа хапсар, Өлүөхүмэттэн саҕалаан кыра дэриэбинэлэргэ тиийэ. Ити төлөпүөннээбит Өлүөхүмэ сэлиэнньэтигэр үлэ 2024 сылтан номнуо саҕаланыа, 2025 сылга үлэ бүтэригэр эрэллээхпин. Гаастааһын уонунан сылларга тэнийбэт, сөбүлэҥ түһэрсэрбитигэр 2023-2025 сс. диэн болдьох туруорбуппут, — диэн эттэ. Бу Өлүөхүмэҕэ эрэ буолбатаҕын, Алдан, Ленскэй, Нерюнгри улуустара буолалларын чорботон ыйда.
Уотунан ититиигэ урут субсидия суоҕун, Бэрдьигэстээххэ буолбут мунньахха генеральнай дириэктэр Алексей Колодезников тустаах боппуруоһу көтөхпүтүн, тус бэйэтэ эмиэ маны өйүүрүн биллэрдэ.
Бу күннэргэ саамай кылгас, хараҥа, тымныы күннэр тураллар. Аҕыйах хонон баран, күммүт кутуйах хаамыытынан уһаан…
Арассыыйа Бэрэсидьиэнин Владимир Путин быһа лииньийэни кытта холбоһуктаах улахан пресс-кэмпириэнсийэтэ Москваҕа Гостинай дворга буолуоҕа. Бу…
Кэлэн иһэр саргылаах Саҥа дьылынан ытык-мааны сахам дьоно! Уһук хоту дьааҥы үрэх үрдүгэр турар Усуйаана…
Саха сирин экологияҕа министиэристибэтин сылы түмүктүүр мунньаҕар “Зеленый четверг” экология бырайыагын тэнитиигэ стратегическай сиэссийэ буолла.…
Дойдутааҕы МАХ мессенджергэ "Госуслуги. Култуура" диэн кыра сыһыарыы үлэлиир. Кини көмөтүнэн Арассыыйа үрдүнэн араас култуура…
СӨ ИДьМ Хаҥалас улууһунааҕы отделын дьуһуурунай чааһыгар маҕаһыын дьаһалтатын бэрэстэбиитэлэ табаар уонна каассаттан харчы уоруллубутун…