Салгыы
Арҕааҥҥылары үтүктүбэтэх киһи…

Арҕааҥҥылары үтүктүбэтэх киһи…

18.08.2024, 14:00
ХААРТЫСКАЛАР: ВИДЕОТТАН СКРИНШОТ.
Бөлөххө киир:

Аатырдар архитектуралаах, ураты дьиэлэрдээх, дыргыл сыттаах парфюмериялаах Париж куоракка Олимпийскай оонньуулар буолан аастылар. Ол эрээри, биир хобдох түгэн, быһыы Олимпиада курдук успуорт үрдүк чыпчаалын имири сотон кэбистэ. Күөх экран нөҥүө “истэрин-тастарын” барытын көрдөрдүлэр. Тугу?

Олимпиада аһыллыыта

Олимпиада аһыллыытын сиэрин-туомун элбэх киһи биһирээбэтэҕин биллэрдэ, быһатын эттэххэ, ытыран ыла-ыла ыкка бырахта. Дьахтардыы таҥныбыт эр дьон, бытыктаах дьахтар, сырдык күөх таҥастаах сыгынньах кэриэтэ эр киһи… барытын бэйэҕит да көрдөххүт буолуо. Урукку өттүгэр анал тэрээһиннэргэ эрэ кыттар “дьон”, быйыл Олимпиада аһыллыытыгар таҕыстылар, кыттааччыларга, ыалдьыттарга ытыктабыл диэн суоҕун көрдөрдүлэр.  Туох да диэбит иһин, быйылгы Олимпиада дьоҥҥо трансгендернэй айдааннаах хара бээтинэ буолан өйдөнөн хаалла. Режиссер туох өйдөөҕүн-санаалааҕын, туруорууга эрдэттэн үлэлэспит, илии баттаабыт эппиэттээх дьон тоҕо утарбатахтарын туһунан бүгүн ырыта барбаппыт. Итинтэн “уруок” эрэ ылабыт уонна биһиэхэ хатыламматын туһугар кыһанабыт.  Ол эрээри…

Эр киһи диэбиппит дьахтар дуу, дьахтар диэбиппит эр киһи дуу…

Биир сарсыарда ку­­йаар ситимин арыйа баттаабытым: “Дьахталлар буоксаларыгар Италия кыыһын кытта Алжир эр киһитин киллэрбиттэр. Италия бэрэстэбиитэлэ икки охсууну ылаат, 46-с сөкүүндэтигэр салгыы кыттартан аккаас­танна” диэн суруйбуттар. Кыыс, миигин итинник өссө күүскэ ким да охсо илигэ, онноо­ҕор эр дьону кытта охсуһан турардаахпын диэн эппит. Ити этиини ыпсаран биэрэрдии, Алжиртан кыттар кыыс олоччу дьахтар буолбатах, толору эр киһинэн ааҕар эмиэ табыллыбат диэн чопчулаабыттар. “Алжиртан кыттар кыыс былырыын аан дойду чөмпү­йэнээтигэр кыттартан туоратыллыбыта. Норуоттар икки ардыларынааҕы буокса ассоциацията спортсмен кыыска гендернэй тест оҥотторбута. Ол түмүгүнэн киниэ­хэ дьахтар уонна эр киһи хромосомнара иккиэн бааллара биллибитэ. Ол иннинэ хааныгар тестостерон сиэри таһынан үрдүк таһым­нааҕа көстүбүт. Тиэхиньиичэскэй өттүнэн көрүүнэн, кини трансгендер буолбатах” диэн сырдаталлар итиэннэ этигэр-сиинигэр кэһиллии барбыт буолуон сөп диэн сабаҕалыыллар.

Өр-өтөр буолбакка, чахчы кыыс оҕо буолан төрөөбүтүн туһунан аҕата иһитиннэрбитин итиэннэ төрөөбүтүн туһунан сибидиэтэлистибэтин, кыыс оҕо эрдэҕинээҕи хаартыскаларын тэлимнэтэ сылдьарын сырдаттылар.

Манна даҕатан эттэххэ, кыыс оҕо тустарын, буоксалаһарын, оннооҕор мас тардыһарын уруккуттан утарабын. Туох да диэбит иһин, кыыска барсыбат көрүҥ. Кэлин уһугар бу курдук буолуон сөп.

Биллэн турар, айылҕа атаҕастаабыт дьоно бааллар, төрүөхтэриттэн уоллуҥу, модьу-таҕа көрүҥнээх кыргыттар эбэтэр дьахтардыҥы быһыылаах уолаттар. Ону киһи туох да диэбэт. Ол эрээри, иитииттэн син биир тутулуктаах.

Оҕо оонньуур былаһааккатыгар

Биир үтүө күн кыра уолум: “Ийээ, көр, кутуруктаах кыыс сылдьар, кэл, көр”, – диэн эмиэ да соһуйбуттуу, эмиэ да сонурҕаабыттыы түннүгүнэн одуулуу аҕай турар эбит. Тиийэн көрбүтүм, уолбун кытта араа-бараа саастаах, алын кылаас үөрэнээччитэ быһыылаах, кутуруктаах, төбөтүгэр кулгаахтаах ободуоктаах, кылгас дьууппалаах кыыс түөрт атах буолан ыстаҥалыы сылдьар.

Манна даҕатан эттэххэ, араас мааскалары кэтэ-кэтэ уулусса устун хаамыталыыр ыччат элбээтэ. Ону ааһан, “ку­­туруктанан-сиэллэнэн” сыл­дьар алын кылаас оҕолоро ордук былырыыҥҥыттан элбэхтик көстүтэлээн эрэл­лэр. Төрөппүттэрэ, ама, көрбөт буол­лахтара дуу эбэтэр биһирээн бэйэлэрэ атыылаһан биэрэллэр дуу. Туох да диэбит иһин, өйдөммөт быһыы.

Иккис түгэн. Устудьуон оҕом: “Ийээ, дьиэ иннинээҕи оҕо оонньуур былаһааккатыгар уолаттар олороллор”, – диэн кэпсээн киирдэ. Ону: “Оттон доҕордуулар олорбокко”, – диэн туох да кэтэх санаата суох хоруйдуубун. Онуоха: “Ойон тураат, сиэттиһэн баран хаама турдулар”, – диэн эппитигэр биирдэ “бабат-татат, кыра оҕом итиннэ оонньуур эбээт” диэн соһуйан эрэ хаалабын.

Сиэр-майгы сатарыйыыта, өй-санаа уларыйыыта барыта ити курдук кыраттан биллибэккэ-көстүбэккэ саҕаланар, устунан улаатан хаалар. Хайдах даҕаны хараҕы симэр эбэтэр көрө-көрө көрбөтөҕө буолар табыллыбат. Баары баар, суоҕу суох диэхтээхпит! Билиҥҥитэ бу өттүгэр иитии суоҕун кэриэ­тэ. Төрөппүт өрүү солото суох, үйэтин чиэппэрин тухары хабалаҕа киирбит кирэ­дьиититтэн төлөрүйээри өрө мөхсөр. Оскуола бэйэтин аттынааҕы сиригэр-уотугар эрэ туох буоларын көрөр. Оччоҕо оҕону ким иитэр? Быйыл сайын түүннэри уулусса устун күүлэйдээн хас оҕо тутуллубутун, уорбутун бары да ааҕа, истэ-билэ сырыттаххыт.

Уолу уол, кыыһы кыыс курдук

Аныгы кэмҥэ оҕо тыаҕа тахсара, айылҕалыын алтыһара ахсааннаах. Уолаттар окко-мас­ка сылдьыбаттар, кыһын мас кыстаабаттар, оһох оттубаттар, ойбон алларбаттар. Аны тыа сиригэр даҕаны дьон сүөһүтүн эһэн, дьиэлэри киин ититэр ситимҥэ холбоон үлэттэн, төрүт үгэстэн тэйии  барда диэн этэллэрэ оруннаах.

Кыыс оҕо дьиэ ис-тас үлэтиттэн тэйдэ, барытын массыына толорор, кэрэҕэ уһуйуу, ырыаҕа-үҥкүүгэ, иискэ сыстыы мэлийдэ, иллэҥ бириэмэ элбээтэ. Ол түмүгэр оҕолор иллэҥ бириэмэлэрэ олус элбээн уонна төрөппүт өттүттэн батыһыннара сылдьан иитии-така­йыы доҕолоҥноон, куйаар ситимиттэн баҕарбатахтарын да көрөллөр, улаатан эрэр оҕоҕо бу араас­таан дьайар. Дьэ, ол иһин “кутурукпут-сиэлбит”, “сиэттиһэн баран хаамсыыбыт” тахсан эрэр. Ол үтүө “холобурунан” быйылгы Олимпиада буол­ла. Биһиги, сахалар бу курдук технология түргэн тэтимнээхтик сайдар кэмигэр бэлэммит суох. Төрөөбүт тылбытын да ылан көрүөҕүҥ. Сатарыйбыт көлүөнэни иитэн таһаарыы диэн өссө кутталлаах.  Онон оҕону иитиигэ¸ төрөппүттэри кытта үлэҕэ туох эрэ ураты бырагыраама эрэйиллэр.

Өскөтүн бу мөлүйүөн эрэ ахсааннаах Саха сиригэр ити иэдээн кэллэҕинэ, сахалар чахчы эстэр туруктанабыт. Билигин аан дойду аана аһаҕас. Сорох дойдулар эр киһи эр киһини, дьахтар дьахтары кытта холбоһорун көҥүллүүллэр. Кыыс сиэммит, хос сиэммит кыыһы, уол сиэммит, хос сиэммит уолу кытта холбоһобут дииллэрин төһө биһирии истиэххитий, ылыныаххытый? Оннук буолбатыгар эрэллээххит дуо? Арҕаа дойдулары үтүктүбэтэх киһи…

+1
12
+1
1
+1
0
+1
0
+1
8
+1
4
+1
7
Бары сонуннар
Салгыы
12 декабря
  • -39°C
  • Ощущается: -39°Влажность: 67% Скорость ветра: 1 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: