Хаартыска: социальнай ситимнэртэн.
Урут Дьокуускайдааҕы остуруок турбут сиригэр — Каландаришвили уулуссатын уонна Марк Жирков переулогын быһа охсуһууларын диэки, Опера уонна балет тыйаатырын кэннинэн, урукку Свято-Троицкай таҥара дьиэтин («Чароит») аттыгар археологическай хаһыылар ыам ыйыттан ыытылла тураллар. Бу манна археологтар былыргы остуруок акылаатын буллулар.
Дьокуускайдааҕы остуруок 17-с үйэттэн киин куорат тэбэр сүрэҕэ, килбэйэр киинэ этэ. Салайар үлэ, бэлитиичэскэй, култуурунай олох оргуйан олороро. Бу диэки Дьокуускай бастакы таас дьиэтэ — Бойобуода кэнсэлээрийэтэ турбута, байыаннай гарнизон баара.
Онон бу археологическай хаһыылар улахан сыаналаах эспэнээттэри булуохтарын сөп. Остуруок бүтэһик башнята — Дьокуускай куорат бэлиэтэ буолбут Дыгын башнята умайан хаалан, билигин 400-чэкэ сыллаах бэрэбинэлэри, устуоруйаҕа киирбит остуруок дьиҥнээх маһын да буларыҥ уустук.
Бу сиргэ кэлин элбэх кыбартыыралаах дьиэ тутуллуохтаах. Ол иннинэ 2000 кв.м. иэннээх сиргэ археологическай хаһыы ыытыллара оруннаах диэн Саха сирин култуурунай нэһилиэстибэтин эбийиэктэрин харыстыыр департамена иһитиннэрбитэ.
Түөрт үйэ кэриҥэ кэм устата олох-дьаһах хайдах баран испитин археологтар буор араҥаларын быыһыттан булан таһаарыахтара. Куорат атын сирдэригэр ыытыллыбыт археологическай хаһыылартан оччотооҕу дьон тутта сылдьыбыт маллара-саллара көстүбүтэ. Ол онтон кинилэр хайдах олорбуттара, тугу аһаан-таҥнан сылдьыбыттара, хайдах дьиэлэргэ олорбуттара көстөн кэлэр.
Дьокуускайдааҕы остуруок үрэллибит сэмнэҕэ 20-с үйэ саҥатыгар диэри турбута биллэр, хаартыскаларга да көстөр. Бу сиргэ элбэх кыбартыыралаах олорор дьиэни «Голдлайн» хампаанньа тутуохтаах. Өскөтүн археологическай хаһыыларга туох эрэ сыаналаах көһүннэҕинэ, дьиэни тутуу өссө тохтотуллуон сөп. Онон, дьиэ тутулларыгар көҥүл археологическай хаһыы түмүгүнэн бэриллиэҕэ.
Улахан таас дьиэ өссө биир үйэ турар кэриҥнээх. Онон тутуллуон иннинэ археологическай хаһыылары оҥорон, куораппыт устуоруйатын чинчийэр, дьиҥнээх эспэнээттэри булар улахан суолталаах.
Бүгүн, ахсынньы 17 күнүгэр, Дьокуускайга 1–5-с кылаас үөрэнээччилэригэр актированнай күн биллэрилиннэ. Бу туһунан киин куорат…
Ахсынньы 13-15 күннэригэр Москва куоракка «Твой Ход – 2025» Бүтүн Арассыыйатааҕы устудьуоннар пуорумнара ыытылларынан, «Сыл…
Дьокуускайга административнай дьиэҕэ тахсыбыт киһи өлүүлээх баһаар холуобунай дьыалатыгар бириигэбэри таһаардылар. Бу туһунан ахсынньы 16…
Бүгүн, ахсынньы 16 күнүгэр, Дьокуускайга Российскай Федерация бочуоттаах полярнигын Николай Находкин «Санников сиригэр эспэдииссийэ» диэн…
Өрөспүүбүлүкэ агробырамыысыланнай комплексын 2025 сыллааҕы үлэтин түмүктүүр мунньаҕар бастыҥ муниципальнай оройуоннар бэлиэтэннилэр. Бу туһунан СӨ…
Тымныыттан эчэйии үксэ арыгы иһииттэн тахсар диэн Өрөспүүбүлүкэтээҕи 2 №-дээх балыыһатын - Суһал мэдиссиинэ көмөтүн…