Салгыы
Арктика — билим хараҕынан

Арктика — билим хараҕынан

Ааптар:
05.08.2023, 18:00
Хаартыска: Ил Дархан пресс-сулууспата.
Бөлөххө киир:

От ыйын 28 күнүгэр Ил Дархан Айсен Николаев өрөспүүбүлүкэ билимин холбоһугун кытта көрсүбүтэ. Көрсүһүүгэ Саха сиригэр билим салгыы сайдыытын дьүүллэспиттэрэ. Тэрээһиҥҥэ ааттаах-суоллаах учуонайдары кытары эдэр учуонайдар кыттыбыттара.

“Саха сиригэр билим таһымын сүүрбэ биир билим оскуолата, ону тэҥэ, кэскиллээх хайысхалар, эрэгийиэннэри уонна үрдүк үөрэхтэри кытта бииргэ үлэлээһин,
судаарыстыбаннай академиялары, туспа салаалаах билими уонна федеральнай билим кииннэрин кытта ыкса ситимнээх үлэ көрдөрөллөр”, — диэн бэлиэтиир СӨ Билим академиятын бэрэсидьиэнэ Леонид Владимиров.

«Күн бүгүн Билим академията «Север: территория устойчивого развития” диэн аан дойдутааҕы таһымнаах билим уонна үөрэх киинин кыаҕын хаҥатар. “Север” киин салгыы үлэлээн сайдыаҕа. Мантан сиэттэрэн, билим уонна үөрэх каадырдара элбиэхтэрэ, үрдүк үөрэх сайдыа, онно Чукоткаттан, Камчаткаттан, Сахалинтан, Магадан уобалаһыттан үлэлиэхтэрэ», — диир Билим академиятын бэрэсидьиэнэ.

СӨ Билим академиятын кылаабынай научнай сотруднига Альберт Протопопов киэҥ хабааннаах көрүүтүнэн, «Макро-эрэгийиэҥҥэ Муустаах уонна Чуумпу акыйааннар “тыыннарын” сүрүн уратыта — криолитозонаны түстээбит баһаам криоресурса, итийии уонна антропогеннай ноҕурууска буортутуттан эмсэҕэлээһиннэрэ. Акыйааннар көмүскэлгэ наадыйаллар. Бүгүн кинилэр «нулевой туочука» диэн ааттанар туруктарын быһаарар уонна арктическай эрэгийиэннээҕи ситэ үөрэтиллибэтэх муора биоресурсаларын сиһилии чинчийэр күн-дьыл тосхойдо”.

Хотугулуу-Илиҥҥи Сибиир криоресурсалара сөптөөхтүк туһаныллалларыгар Билим академиятын «Арктические криотехнологии — Nordic Cryo — Technology» билим киинин бырайыагын оҥоро сылдьар.

Айылҕа, ол иһигэр Саха сирин криогеннай ресурсаларын суолтата Евразия тымныы ойкуменатын уратытын өйдүүргэ олук буолуоҕа. Ону кытта фундаментальнай уонна прикладной билим соруктарын интеграциялыырга көмөлөһүөҕэ.

Нинель Малышева, М. К. Аммосов аатынан ХИФУ билим уонна инновация департаменын салайааччыта:

— Бүтүн аан дойду сылыйыыта ордук хоту оройуоннарга, муустаах ирбэт тоҥҥо күүстээҕэ сабаҕаланар. Ол эбэтэр, Хотугулуу-Илиҥҥи Сибиир эрэгийиэннэригэр күүстээх айылҕа хамсааһына бара турар. Дойду бырабыыталыстыбатын уурааҕынан Арассыыйа хас биирдии эрэгийиэнэ килиимэт хамсааһыныгар адаптационнай тэрээһиннэри ыытыахтаах уонна ханнык да түгэҥҥэ бэлэм буолуохтаах. Көрсүһүүгэ киирбит этии билиҥҥи кэмҥэ тоҕоостоох. Килиимэт уларыйыытын кытта айылҕа ресурсалара (үүнээйилэр, көтөр-сүүрэр, балыктар) уларыйан, ону ааһан, симэлийэн хаалар кутталлаахтар. Хотугулуу-Илиҥҥи федеральнай университет бу хайысхаҕа эмиэ үлэлиир. Ол курдук, ХИФУ килиимэти уонна хотугу экосистемалары үөрэтэр лабораторията Саха сиригэр 2100 сылга диэри буолуон сөптөөх килиимэт хамсааһынын моделларын чинчийэр.
Ыччат интэриэһин наукаҕа тардар, талааннаах эдэр дьону, фундаментальнай билими өйүүр кэм кэллэ дии саныыбын. Ил Дархан өрөспүүбүлүкэ бырабыыталыстыбатыгар кэлэр сылтан 750 тыһыынчалыы солкуобайдаах 20 граны олохтуурга, СӨ Баһылыгын эдэр учуонайдарга, исписэлиистэргэ уонна устудьуоннарга граннарын үс төгүл — 5‑тэн 15 мөл. солк. диэри үрдэтэргэ, «1000 лидеров науки и технологий Республики Саха (Якутия)» бырайыагы олоххо киллэриини уонна эдэр учуонайдары өйүүргэ соруйда.

Эльдар Садовников

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
8 ноября
  • -18°C
  • Ощущается: -18°Влажность: 78% Скорость ветра: 1 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: