Салгыы
Арктика – Хотугу сир сүрэҕэ

Арктика – Хотугу сир сүрэҕэ

14.08.2023, 16:30
Хаартыска: М.Васильева (СИА)
Бөлөххө киир:

Билигин Арктика кыһалҕаларыгар уонна ыҥырыыларыгар федеральнай уонна эрэгийиэннээҕи кииннэр улахан болҕомтолорун уураллар.

Арктика Саха сирин  уопсай иэнин аҥаарыттан ордугун кэриэтэ ылар, манна 70 тыһыынча кэриҥэ киһи олорор.

“Оленек” дьыалабыай кулууп эспиэрэ, РФ Уопсастыбаннай балаататын Дьиэ-уот, коммунальнай хаһаайыстыбаҕа, тутууга уонна суолларга  кэмитиэтин бэрэссэдээтэлэ,  РФ Уһук Илини уонна Арктиканы сайыннарыыга министиэристибэтин  иһинэн Уопсастыбаннай сэбиэт чилиэнэ Галина Дзюбаны кытары Арктиканы сайыннарын туһунан кэпсэтииттэн быһа тардыыны билиһиннэрэбит.

— Арктиканы сайыннарыы — билигин дьоһун суолталаах боппуруостартан биирдэстэрэ.  “Оленек” дьыалабыай кулууп 2023 сыл кулун тутарыгар Уһук Хотугу сиргэ табыгастаах эйгэни сайыннарыы суолларын тобуларга уонна олоххо киллэрэргэ анаан тэриллибитэ. Бастакы  дьүүллэһиилэр Москваҕа Арктикаҕа аналлаах кэмпириэнсийэҕэ буолбуттара. Манна Өлөөнтөн дэлэгээссийэ кэлбитэ. Кулууп састаабыгар Арассыыйа ситэриилээх уонна сокуону оҥорор уорганнарын, наука уопсастыбатын бэрэстэбиитэллэрэ уонна урбаанньыттар киирбиттэрэ.

Кулууп үлэтин сүрүн санаатынан улуус сайдыытын уонна тирээн турар кыһалҕалары дьүүллэһэргэ  Арктика уратытын өйдүүр, бырамыысыланнас араас салаатыттан идэлээх эспиэрдэри тардыы буолар. Өскөтүн биһиги эспиэр хаачыстыбалаах үлэтин уонна Арктика араас улуустарын кыһалҕаларын быһаарыыны  ситистэхпитинэ, Өлөөн Арктика сирин-уотун тирээр турар боппуруостарын быһаарарга холобур буолуон сөп. Үлэ хайысхата олус элбэх. Холобур, Өлөөн өттүттэн – тыа хаһаайыстыбата, тутуу, дьиэ-уот, коммунальнай хаһаайыстыба, табыгастаах тырааныспар, туризм уонна, биллэн турар, култуура, сынньалаҥ.

Кулууп кыттааччыларыттан биирдэстэринэн Алмазэргиэнбаан буолар. Баан урбаанньыттары өйөөһүн араас механизмын олоххо киллэрэр. Ыам ыйыгар олохтоох урбаанньыт Василий Харабаев  үүтү уонна үүт бородууксуйатын бэлэмнииргэ  көҕүлээһинэ үлэҕэ киллэриллибитэ. Алмазэргиэнбаан өйөбүл көрүҥнэрин эрэ көрөр буолбакка, биисинэс-былааны оҥорорго эмиэ көмөлөһөр.

Туризм хайысхатыгар Нуучча географическай уопсастыбатын, Арассыыйа Наукатын академиятын  бэрэстэбиитэллэриттэн, идэлээх гиидтэртэн, этнографтартан турар оробуочай бөлөх тэриллибитэ. Эспиэрдэр бөлөхтөрө судургута суох үлэни – Өлөөн улууһун тырааныспарка уустук инфраструктуратын учуоттаан,  туризм кыаҕар сиһилии анаалыһы оҥорор. Сүрүн боппуруос – олохтоохтор туристары көрсөргө бэлэмнэрин учуоттааһын. Кинилэр өйөбүллэрэ бырайыагы ситиһиилээхтик олоххо киллэрэргэ наадалаах усулуобуйанан буолар.

Саха сирин Арктикатыгар олорорго, үлэлииргэ уонна сынньанарга сөптөөх усулуобуйаны оҥоруу туспа соругунан буолар.

Биһиги билигин суол картатын оҥоробут, онно олоҕуран салгыы үлэ ыытыллыахтаах. Дьыалабыай кулууп бастакы түмүктэри 2024 сылга Москваҕа Арктика кэмпириэнсийэтиэр көрдөрөр былааннаах. Суһаллык быһаарыллыахтаах кэккэ соруктары быһаарыахпыт. Уһун кэми эрэйэр соруктары туспа бэлиэтиэхпит.

Биһиги араас хайысхаларга эспиэрдэри салгыы тардар былааннаахпыт. “Оленек” дьыалабыай кулууп  эспиэрдэр үлэлэринэн көрөн, олохтоохтордуун  улуус инники сайдыытын дьүүллэһэр былааннаах.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
4 декабря
  • -26°C
  • Ощущается: -33°Влажность: 76% Скорость ветра: 2 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: