Арктика кэскиллээх буоларыгар – бары кыһамньыны!

Share

Бүгүн Арктика улуустарын олохтоохторун Халыма-Индигиир уокуругун дьокутаата Гаврил  Алексеев эҕэрдэлээтэ.

—  2014 сыллаахха кулун тутар 19 күнүгэр Саха сирин Арктика улуустарын өйүүр уонна сайыннарар сыалтан Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Дарханын уурааҕа тахсыбыта. Бүгүҥҥү күҥҥэ Арассыыйаҕа уонна Саха сиригэр Арктика сайдыыта судаарыстыбаннай бэлиитикэ биир тутаах соругунан буолар. Маныаха СӨ Бырабыытылыстыбатын уонна Ил Түмэн таһымыгар бэрт үгүс былааннаах үлэ ыытыллар.

Кулун тутар 14 күнүгэр  Ил Дархан Айсен Николаев 2030 сылга диэри Саха сирин Арктика зонатыгар ыытыллар үлэ, чэпчэтии сүрүн хайысхаларын туһунан саҥа Ыйаахха илии баттаабыта. Бу стратегическай суолталаах докумуон нэһилиэнньэ олоҕун хаачыстыбатын үрдэтиигэ, бөҕөргөтүүгэ уонна сүрүн хапытаалга инвестиция оҥорорго табыгастаах саҕахтары торумнуурга олугу уурар.  «Хотугу сир туһунан» сокуон ылылынна, Хотугу муора суолун сайыннарыы ураты хонтуруолга сылдьар, Арктика зонатын сайыннарыы стратегията олоххо киирэр, Арктика бөһүөлэктэрин сайыннарыы маастар-былааннара ырытыллан бэлэмнэр, саҥа социальнай эбийиэктэр тутуллаллар.

Кэнэҕэски кэм кэскилэ, бастатан туран, оҕолоох дьиэ кэргэн буоллаҕа. Онон, мин түөрт Арктика оройуоннарын састаабыгар киирэр уокуруктан дьокутаат буоларым быһыытынан, эдэр ыалларга олорор дьиэ субсидиятыгар кубуотаны аттарыы сүрүн соругунан буолуохтаах дии саныыбын.  Арктикаҕа тыа хаһаайыстыбатын сайыннарыыга үчүгэй усулуобуйа баар. Арктика улуустарынан бүддьүөт өйөбүлүнэн тирэх хаһаайыстыбалары тэрийэргэ үлэлэһэбин. Үлэ бу хайысхата сүөһү ахсаанын элбэтиигэ, олохтоох бородууксуйа көрүҥүн кэҥэтиигэ саҥа үлэ миэстэлэрэ тэриллэллэр. Уокуругум нэһилиэнньэтин кытта элбэхтик алтыһар буолан, дьон-сэргэ үлэлиэн-хамсыан, сайдыан баҕалааҕын билэбин. Үчүгэй усулуобуйаны тэрийдэххэ, ыччат тыа хаһаайыстыбатыгар үлэлиэҕэ. Үгэс буолбут салаалар сайдыыларын сэргэ бырамыысыланнаска сыстыы, инвестициялары тардыы, инновацияны олоххо киллэрии улахан суолталаах, — диэн бэлиэтээтэ норуот дьокутаата Гаврил Алексеев.

What’s your Reaction?
+1
1
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Сүрүн

Бүгүн сорох улуустарга 43 кыраадыска тиийэ тымныйыаҕа

Бүгүн, сэтинньи 25 күнүгэр, сорох улуустарга 43 кыраадыска тиийэ тымныйыаҕа диэн УГМС иһитиннэрэр. Киин, соҕуруу,…

12 минут ago
  • Култуура
  • Сонуннар

«Саха Саарына Сааба»

Сэтинньи 22 күнүгэр Дьокуускай куоракка биир дойдулаахпыт, киэн туттар киһибит, Саха Өрөспүүбүлүкэтин өрөгөйүн ырыатын хос…

12 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Сүппүт дьон көһүннүлэр

Сэтинньи 23 күнүгэр Усуйаанатааҕы ЕДДС Уйаандьы сэлиэнньэтин баһылыгын солбуйааччытыттан  икки киһи сүппүтүн туһунан суһал  иһитиннэрии…

12 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Георгий Олесов: “Хас биирдии быһахха алгыспын иҥэрэбин…”

Аммалар күндү күтүөттэрэ, Бөтүҥ нэһилиэгин олохтооҕо, тимир ууһа Георгий Олесов-Дьулус Уус сөбүлүүр дьарыга киниэхэ аҕатын…

13 часов ago
  • Култуура
  • Сонуннар

Рахманинов саалатыгар муусука көмүс дорҕооно кутулунна

Сэтинньи 19-23  күннэригэр Москваҕа П.И.Чайковскай аатынан консерваторияҕа эдэр пианистарга норуоттар икки ардыларынааҕы II куонкурус үрдүк…

14 часов ago
  • Култуура
  • Сонуннар

Айталыны саҥа кинигэтинэн эҕэрдэлээтилэр

Соторутааҕыта «Айар Кут сойуус» уонна Нам улууһун «Отуу уота» суруйааччыларын, хоһоонньуттарын түмсүүлэрин чилиэнэ, үлэ бэтэрээнэ…

15 часов ago