Салгыы
Арктика норуоттар икки ардыларынааҕы оскуолаҕа кампус иитээччитэ айбыт “Розовая чайка” ырыатын сүрэхтээтилэр

Арктика норуоттар икки ардыларынааҕы оскуолаҕа кампус иитээччитэ айбыт “Розовая чайка” ырыатын сүрэхтээтилэр

31.05.2024, 10:42
Хаартыска: Людмила Попова.
Бөлөххө киир:

Оскуола аанын арыйан киирээти кытта кубалыы кынталдьыһар кыргыттар, хотойдуу хонтолдьуһар уолаттар киэргэнэн-симэнэн аактабай саалаҕа ааһаллар. Арктика норуоттар икки ардыларынааҕы оскуолаҕа үөрүүлээх тэрээһин — “Бүтэһик чуораан” чугдаарар күнэ.  

Оскуола дириэктэрэ Сардаана Татаринова: “Эһиги оскуолаҕа хаалларбыт суолгут-иискит олус улахан, хас биирдии тэрээһин эһиги идиэйэлэргитинэн, этиилэргитинэн толкуйданан тахсыбыттара. Бу сылга оскуоланы бүтэрээччилэр ураты хаачыстыбалааххыт – көрсүөҕүт, өйдөөххүт, саҥа уларыйыыларга барытыгар толкуйдаан туран сыһыаннаһаҕыт, олоххо көхтөөх, муударай көрүүлээххит, эйэҕэскит”, – диэн эттэ уонна махталын биллэрдэ, кинилэр бүтүн өрөспүүбүлүкэ, дойду эрэллэрэ буолалларын санатта.

Арктика оскуолатын быйылгы сыллааҕы “Бүтэһик чуорааныгар” ыҥырыылаах ыалдьыт быһыытынан РФ Уопсай үөрэхтээһинин бочуоттаах үлэһитэ, Учууталлар учууталлара, Үөһээ Бүлүү улууһун бочуоттаах олохтооҕо, Ил Дархан ийэтэ Тамара Сергеевна Николаева кэлэн кытынна. Бу дьоро тэрээһиҥҥэ 60 сыл анараа өттүгэр бэйэтэ оскуоланы бүтэрэр күнүн санаан ааспытын, тыл эппитин аҕынна.

Учууталларгыт иҥэрбит дириҥ билиилэрэ, төрөппүттэргит уонна өрөспүүбүлүкэ инникигэ көҕүлүүр баҕа санаалара барыта туоллуннар. Тоҕо диэтэххэ, эһиги улахан, баай Саха сирин, дойду эрэллэрэ буолаҕыт. Ханнык даҕаны идэни талбыккыт, ханна да сылдьыбыккыт, туох да кыһалҕалар үөскээбиттэрин иһин үөрэммит оскуолаҕытын, төрөөбүт сиргитин умнумаҥ. Эһиги бигэ кириэппэскит – бу дьиэ кэргэҥҥит, төрөппүттэригит, эһэлэргит, эбэлэргит, учууталларгыт. Кинилэр эһиэхэ күүскүтүгэр күүс эбиэхтэрэ, болҕомто ууруохтара, инникигэ көҕүлүөхтэрэ. Ирдэнэр түгэнигэр санааҕытын чэпчэтиэхтэрэ, өйүөхтэрэ”, — диэн ыллыктаах тылларын тириэртэ.

Оскуола быйылгы “Бүтэһик чуораана” ханнык даҕаны оскуолаттан, сыллартан уратытык ааста диэн чорботон бэлиэтиир оруннаах. РФ орто уонна уопсай үөрэхтээһинин бочуоттаах үлэһитэ, кампус сэбиэдиссэйэ Татьяна Андреева иһитиннэрбитинэн, күн бүгүн кампуска 120 оҕо олорор. Интэринээккэ олорор 7-с, 8-с, 10-с кылаас үөрэнээччилэрин хора оскуоланы бүтэрэр аҕа саастаах доҕотторугар, педагог, кампус иитээччитэ, СӨ үөрэҕириитин туйгуна Оксана Аммосова-Санаа суруйбут хоһоонугар  “Розовая чайка” ырыаны сүрэхтээн бэлэхтээтилэр. Бу – кылгас, тиийимтиэ тыллаах эрээри, сирэйинэн уонна ханарытан толкуйдатар дириҥ ис хоһоонноох. Биир курдук хотугу дойду ураты, тулуурдаах чэкэ (розовая чайка) көтөрө ойууланар. Иккис курдук, ытыллар силлиэттэн-буурҕаттан, тымныыттан, тумантан чаҕыйбат тыйыс айылҕалаах сир хорсун дьоно чэкэ көтөрүнэн кэпсэнэр. Онон ырыа олох киэҥ аартыгар үктэнэн эрэр оҕолорго чэкэ көтөр курдук туохтан даҕаны чаҕыйбакка иннигит хоту хорсуннук хардыылаан иһиҥ диэн алгыс быһыытынан ананна.

Уопсайынан, ырыа айыллыбыт устуоруйата даҕаны ураты эбит. Ырыа матыыбын СӨ култууратын туйгуна Сергей Протопопов суруйбут, хормейстер, Опера уонна балет тыйаатырын солиһа, СӨ култууратын туйгуна Ольга Чемпосова.

Сергей Протопопов: “Мин 2021 сылтан ырыа суруйан эрэбин. Олус улаханнык коронавирустаан баран (90-тан тахса бырыһыан) тоҕо эрэ ырыа суруйар буолан хааллым. Төһө да култуура үөрэхтээҕим, ырыаны таптаан ыллыырым иһин, сааһым да ыраатта уонна эдэрбэр холонон да көрбөтөх, үйэбэр ырыа матыыбын айбатах киһи этим. Биир үтүө күн 2021 сыллаахха олордохпуна төбөбөр муусука тыаһыыр да тыаһыыр, олус дьиктиргээтим. Хаһааҥҥыта эрэ убайым ыыппыт хоһоонун булан ыллым. Оруобуна ол хоһооҥҥо матыып тахсан кэллэ. Тута устан ылан ырыаһыт Степан Афанасьевка ыытан: “Маны ырыа оҥоруохха сөп дуо?” – диэн ыйыппыппын истээт да биһирээтэ. Сымыйалаабыт курдук онтон салгыы ырыаларым субуллан тахсан истилэр. Бу икки сыл иһигэр 50-тан тахса ырыаны суруйдум. Ону истэн, Арктика норуоттар икки ардыларынааҕы оскуола иитээччитэ Оксана Аммосова: “Чэкэ туһунан нууччалыы хоһоон суруйтарбыттара, онно ырыа суруйан көрүөҥ дуо?” – диэн ыыппытын ылыммытым. Пианиноҕа аккордтарынан оонньуу олордохпуна “Розовая чайка” матыыба бэйэтэ тахсан кэлбитэ. Аны матыып хайдах кэлэрин билбэппин. Хоһоон бэйэтэ ыллатар матыыптаах буолар эбит диэн санааҕа кэллим эрээри, ону кыайан баһаарар кыаҕым суох. Хаһан даҕаны лигиччи олорон, суруйа сатыы-сатыы суруйбаппын. “Сорох дьон хоһооно бэйэтэ ыллыыр” – диэн этэллэрэ чахчы эбит. Оксана Афанасьевна хоһоонун ыытаатын кытта ол күн, бэрт түргэнник матыып бэйэтэ кутуллан кэлбитэ. Сороҕор букатын тахсыбат ээ, сананан да көрбөппүн. Кэлин, арааһа, хоһоон дууһабын таарыйдаҕына, испэр киирдэҕинэ судургутук тахсар быһыылаах диэн санааҕа кэллим.

“Розовай чайканы” оҕолор толорор видеоларын көрбүтүм, олус үчүгэйдик ыллаатылар, маладьыастар. Куоластара да сөп түбэһэр. Тональноһа арыый үрдүк дуу, дии санаабытым гынан баран, ити оҕолор бэркэ кыайаллар эбит”, – диэн санаатын үллэстэр.

Манна даҕатан эттэххэ, Оксана Аммосова уол оҕо туһунан суруйбут хоһоонугар, Сергей Протопопов матыыбыгар, толоруутугар, Дмитрий Готовцев аранжировкатыгар бу күннэргэ “Уол оҕобор” диэн дьон-сэргэ сэҥээриитин ылар өссө биир бэртээхэй ырыа күн сирин көрдө.

“Розовай чайка” ырыаны толорбут оҕолор төрөппүттэрэ эмиэ ырыаны олус биһирээбиттэрин, салгыы ити курдук ааттаах Арктика норуоттар икки ардыларынааҕы оскуола кампуһун хора сайдара буоллар диэн баҕа санааларын биллэрбиттэр. Үчүгэй ырыа дьону ити курдук үөрдэр, кынаттыыр кыахтаах.

 

+1
7
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
4 декабря
  • -27°C
  • Ощущается: -27°Влажность: 76% Скорость ветра: 0 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: