Салгыы
Арктика норуоттар икки ардыларынааҕы оскуоланы бүтэрбиттэр улахан аҥаардара дойду киин куораттарыгар киирбиттэр

Арктика норуоттар икки ардыларынааҕы оскуоланы бүтэрбиттэр улахан аҥаардара дойду киин куораттарыгар киирбиттэр

21.03.2023, 15:58
Хаартыска: Андрей Сорокин, СИА.
Бөлөххө киир:

Арктика норуоттар икки ардыларынааҕы оскуола бастакы хараҥаччылара былырыын оскуоланы бүтэрбиттэрэ. Баһыйар улахан аҥаардара дойду киин куораттарын үрдүк үөрэхтэрин кыһаларыгар киирбиттэр. Бу туһунан пресс-тур кэмигэр оскуола дириэктэрэ Сардана Татаринова иһитиннэрдэ.

Арктика оскуолатыгар оҕолору 7-с кылаастан ылаллар. Күн бүгүн Саха сирин бары, ол иһигэр Арктика, хотугу улуустартан үөрэнэллэр. Кэлин дойду киин эрэгийиэннэриттэн биир дойдулаахтарбыт киэҥник сэҥээрэн эрэллэрин дириэктэр бэлиэтиир.

“Былырыын бастакы кылааһы таһаардыбыт, 54 оҕо бүтэрбитэ. Биир оҕо Кытайга үөрэнэ киирдэ, 12 оҕо Хотугулуу-Илиҥҥи федеральнай университекка, биир оҕо бэйэтин баҕатынан АйТи эйгэҕэ Санкт-Петербург куоракка үлэлии киирдэ, онтон атыттар бары дойду киин үөрэхтэрин, сүрүннээн Москва, Санкт-Петербург кыһаларыгар үөрэнэ барбыттара. Быйыл норуоттар икки ардыларынааҕы үрдүк үөрэхтэргэ туттарсар оҕо ахсаана элбиирэ буолуо диэн сабаҕалыыбыт”, — диэн дириэктэр этэр.

Бүгүн оҕолор аангылыйа, нуучча, саха, хотугу төрүт олохтоох омуктар, ньиэмэс, француз, кытай, кэриэй, дьоппуон тылларын үөрэтэллэр. Кэлэр үөрэх дьылыттан кытай тылын дириҥэтэн үөрэтэр былааннаахтар. Оскуола саҥа кэнсиэпсийэтин оҥорууга билигин үөрэнэр саҥа көлүөнэ кыттар. Оскуоланы бүтэрбит оҕолор кэлэ сырыттахтарына үөрэх бырагырааматыгар тугу уларытыаххыт этэй диэн ыйытыыга илиҥҥи хайысханы, кытай тылын дириҥэтэн үөрэтиини, дьону кытта алтыһыыны өйүүллэрин биллэрбиттэр.

Оскуолаҕа эдэр да, уопуттаах, мэтэдиис учууталлар даҕаны бааллар. Сорох омук тылларын тас дойдуттан кэлэн үөрэтэллэр. Онон чиҥ билиини иҥэрэллэр.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
4 декабря
  • -22°C
  • Ощущается: -29°Влажность: 71% Скорость ветра: 3 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: