Арктика олохтоохторугар тутуу матырыйаалын босхо тиэрдиэхтэрэ

Share

Арктика олохтоохторугар көмө саҥа миэрэтэ Айсен Николаев сорудаҕынан оҥоһулунна. Бу туһунан тутуу миниистирэ Виктор Романов быһа эпииргэ иһитиннэрдэ.

Арктика 13 улууһун олохтоохторугар чааһынай дьиэ тутталларыгар тутуу матырыйаалын аҕаларга көмөлөһүөхтэрэ. Тиэрдиитин Арктикатааҕы эргиэн-логистика хампаанньата босхо тиэрдэн биэриэҕэ.

— Бүгүҥҥү күҥҥэ туох тэрээһин, дьайыы ыытылларын быһаардыбыт, сотору кэминэн Арктикаҕа чааһынай дьиэни туттууну өйүүр миэрэлэри ылыыахпыт. Арктикатааҕы эргиэн-логистика хампаанньатын нөҥүө матырыйааллары тиэрдиэхпит. Ол эбэтэр, дьиэ туттуон баҕарбыт киһи Дьокуускайга кэлэн тутуу матырыйаалын атыылаһар уонна хампаанньа баазатыгар аҕалан уурдарар. Оттон хампаанньа кыһыҥҥы суолунан, эбэтэр, уунан тиэйэн, хоту улууска тиэрдэн биэрэр.

Биир бырыссыап аҥаара, холобур, 25 туонна, эбэтэр 60 кууб буолар, маны Арктикаҕа тиэрдэргэ кырата 900 тыһыынча солкуобайы төлүөххэ наада. Бу улахан суума. Ол иһин Арктика олохтоохторо дьиэ тутталлара ыарахан. Оттон бу көмө Арктикаҕа саҥа дьиэни туттуу сыанатын биллэ намтатыаҕа, — диэн Виктор Романов кэпсээтэ.

Арктикатааҕы эргиэн-логистика хампаанньата Арктика улуустарыгар эргиэн-логистика кииннэрин тутар. Ил Дархан Айсен Николаев Анал этиитигэр бэлиэтээбитинэн, 2025 сылга Баатаҕай Алыыта, Өлөөн, Чокуурдаах бөһүөлэктэригэр үс маннык киин тутуллан, үлэҕэ киириэхтээх. Оччоҕо Арктика бары улуустарыгар эргиэн-логистика кииннэрэ баар буолаллар. Хоту дойдуга кыһыҥҥы таһаҕаһы тиэрдиигэ бу кииннэр улахан оруоллаахтар.

What’s your Reaction?
+1
4
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Байыаннай эпэрээссийэ
  • Сонуннар

Юрий Трутнев байыаннай дьайыы кыттыылаахтарын кытары көрүстэ

Уһук Илиҥҥи уокурук  боломуочуйалаах бэрэстэбиитэлэ Юрий Трютнев Курскай уобаласка  баҕа өттүнэн барааччылары – Уһук Илин…

7 минут ago
  • Бэрээдэк

42 саастаах дьахтар бачыыҥка уорууга уорбаланар

Ньурбатааҕы ИДьМ дьуһуурунай чааһыгар атах таҥаһын уорбуттарын туһунан иһитиннэрии киирбит. Бачыыҥка кыбартыыраҕа арыгылааһын кэнниттэн сүппүт…

27 минут ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Саха сирин урбаанньыттара туризмы сайыннарарга субсидия ылыахтара

2025 сылга  туризмы сайыннарарга  урбаанньыттар көҕүлээһиннэригэр 30 мөлүйүөнтэн тахса үбү көрбүттэрин туһунан СӨ предпринимательствоҕа, эргиэҥҥэ…

57 минут ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн

Быйыл «Муус устар» ыччат бэстибээлэ бэһис үбүлүөйдээх сылын ыытыллыаҕа

Саха сиригэр "Муус устар" ыччат бэстибээлигэр бэлэмнэнии тэрээһиннэрин саҕалаатылар. Ол курдук, бэстибээл хайысхалара уонна куонкурустара…

1 час ago
  • Бэрээдэк

Танцполтан туора анньыллан суорума суолламмыт

Дьокуускайга суукка 30 саастаах киһи сэрэҕэ суоҕуттан киһи өлбүтүнэн дьыаланы көрүөхтэрэ. Бу туһунан Силиэстийэлиир кэмитиэт…

2 часа ago
  • Кыайыы 80 сыла
  • Сонуннар

Саха сиригэр 150-тан тахса тэрээһин Улуу Кыайыы 80 сылыгар ананыаҕа

Өрөспүүбүлүкэҕэ Аҕа дойду Улуу сэриитигэр Кыайыы 80 сылыгар култуура 150-ча тэрээһинэ ыытыллыаҕа. Ол туһунан Саха…

3 часа ago