Арктика оройуоннарыгар аһы-үөлү тиэрдиини улаатыннардылар

Share

Аһы-үөлү Арктикаҕа тиэйиигэ чычаас ууга устар кыахтаах суудуналар Халыма өрүһүнэн 42,7 туонна аһы-үөлү тиэртилэр. Үгэс курдук сөмөлүөтүнэн илдьэрдээҕэр ороскуоттара кыра, диэн «Якутоптторг» иһитиннэрэр.

“Халыма өрүһүнэн аһы-үөлү тиэрдии саҥа ньымата уустук суоллаах-иистээх оройуоннары хааччыйарга барыстаах. Тырааныспар ороскуотун чэпчэтэр уонна тиэрдиллэр бородууксуйа кээмэйин улаатыннарар”, — диэн “Якутоптторг” чопчулуур.

Ол курдук, Зырянка бөһүөлэгэр инновационнай суудуналар 12,7 туонна аһылыгы тиэйдилэр, итинтэн оҕуруот аһа уонна фрукта – 4,2 туонна, үүт аһылык – 3 туонна, сымыыт – 3 туонна, сок – 1,6 туонна уо.д.а. Орто Халыма куоракка 30 туоннаны сүөкээтилэр: оҕуруот аһа – 20 туонна, үүт бородууксуйата – 2 туонна, сымыыт – 2 туонна, оҕуруот аһын кэнсиэрбэтэ – 1,5 туонна.

Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Дархана Айсен Николаев олоҕу-дьаһаҕы хааччыйыы бигэ туруктаах, хойутаппакка хааччыйыллыахтааҕын туһунан эппитэ. Онон Арктика 13 оройуонугар эргиэн-логистика кииннэрэ тэриллэллэр. Бүгүн Халыматааҕы эргиэн-логистика киинигэр Орто Халыма куорат, Черскэй бөһүөлэгэ уонна Анаабыр улууһун  Сааскылаах сэлиэнньэтэ киирсэллэр.

Аһынан-үөлүнэн быыстала суох хааччыйар туһугар ас-үөл саппааһа тэриллэр. Бу кииннэр өссө анараа миэстэтигэр бэлэмнэммит бородууксуйаны куоракка тиэйиини тэрийэллэр.

Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Дарханын уонна Саха Өрөспүүбүлүкэтин Бырабыыталыстыбатын пресс-сулууспата

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Култуура
  • Сонуннар

Тылгынылар Иоганн Матвеевка 100 тыһыынча солкуобайы бэлэх ууннулар

Тылгынылар уолларыгар 100 тыһыынча солкуобайы бэлэх ууннулар. Бүгүн саха эстрадатын чаҕылхай сулуһа Иоганн Матвеев бастакы…

18 минут ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Атамайга уһуйаан үбүлүөйүн үөрүүлээх тэрээһинэ

Горнай улууһугар Атамайга "Радуга" уһуйаан тэриллибитэ 65 сылын бэлиэтиир тэрээһин өрө көтөҕүллүүлээхтик буолла. Бу күн…

2 часа ago
  • Сонуннар
  • Сүбэһит
  • Уопсастыба

Кырачаан ханнык өҥү ордороруй?

Оҕо уруһуйугар болҕомтоҕутун ууруҥ диэн психологтар сүбэлииллэр.  Баһыйар өҥүнэн оҕо уйулҕатын туругун быһаарыахха сөп диэн…

2 часа ago
  • Интэриэһинэй
  • Итэҕэл
  • Сонуннар

Харчыга сыһыаннаах бит-билгэ

Былыр-былыргыттан дьон харчыга сыһыаннаах бити-билгэни итэҕэйэр, туһанар. Ол ханныктарый? Остуолга кураанах иһиттэр, вазалар, бытыылкалар туруо…

3 часа ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

«Саюри» сайдар, кэҥиир

Дьокуускайга сылы эргиччи оҕуруот аһын, күөх үүнээйини үүннэриинэн дьарыктанар "Саюри" тэпилииссэ комплексыгар газовай электрстанция (ГПУ)…

3 часа ago
  • Сонуннар
  • Сүбэһит

СҮБЭҺИТ: Сылгы эмиһин хайдах быһаарабытый?

Сахаҕа сылгы сүдү суолталаах, ону кытта сылгы идэһэ биир мааны аһылыгынан биллэр. 1980–1990‑с сылларга тэҥнээтэххэ,…

3 часа ago