Арктика оруола үрдүүр
Арктика Арассыыйа экэниэмикэтигэр уонна уматыгын-энергетическэй комплексын инновационнай өттүнэн сайыннарыыга төһүү күүһүнэн буолар диэн Хотугу сир туруктаах сайдыытын IV пуорумун пленарнай мунньаҕар эттилэр.
Онуоха эрэгийиэн сирин баайын саппааһа улахан, ол гынан баран, ону туһаныыга, экэнэмиичэскэй, килиимэт уонна технологическай өттүнэн улахан үлэ барара эрэйиллэр. Тоҕо диэтэххэ, бырамыысыланнас балысханнык сайдар кэмигэр уйан экосистемалаах, хотугу тыйыс усулуобуйаҕа дьон олоҕун, айылҕаны харыстааһын бастакы миэстэҕэ туруохтаах. Дьэ, ол туһуттан Саха сирэ сыл аайы Хотугу пуоруму тэрийэн атын дойдулары кытары тэҥҥэ хоту дойду олоҕун тупсарарга үлэлэһэр.
«Олох дьулусханнык уларыйар, тас дойдулар Арассыыйаны утары биир кэм саҥаттан-саҥа сааҥсыйалары киллэрэллэр, ону аахсыбакка, Арктиканы сайыннары үлэтэ салҕанан барар. Биһиги өссө даҕаны элбэҕи оҥоруохтаахпыт-тутуохтаахпыт, бу IV Хотугу пуорум биһиги иннибитигэр турар соруктары, эрэгийиэн уйан экосистематын харыстыырга, куттала суох буолуутун хааччыйарга, наукаҕа, энергетикаҕа, аан дойдутааҕы бииргэ үлэлээһини кэҥэтэргэ, дьон олоҕун тупсарарга үлэлиэ, саҥа саҕахтары арыйыа», – диэн эрэнэрин пуорум арыллыытыгар РФ тас дойдуларын миниистирэ Сергей Лавров онлайн-ситим көмөтүнэн тириэртэ.
Пленарнай мунньахха Ил Дархан Айсен Николаев, Ямало-Ненецкэй автономнай уокурук губернатора Дмитрий Артюхов, Ханты-Мансийскай автономнай уокурук губернатора Наталья Комарова, Арассыыйа МИД-н посола Николай Корчунов, Сир баайын федеральнай ааҕыныстыбатын салайааччыта Евгений Петров уонна Китай Народнай Өрөспүүбүлүкэтин Хабаровскай куоракка баар генеральнай консула Цзян Сяоян спикер быһыытынан кытыннылар.
Пленарнай мунньахха Ил Дархан Айсен Николаев: «Арктика Арассыыйа Илин дойдулары кытары экспорка бииргэ үлэлииригэр сүрүн суолунан буолан эрэр. Онуоха Арктикаҕа ханнык баҕарар бырайыагы олоххо киллэрэргэ энергиянан хааччыйыы барыахтаах. Хаһан баҕарар бырамыысыланнас сайдыыта айылҕаны кытары сибээстээх буолан, бастатан туран, экологическай куттал суох буолуутун, туруктаах айылҕа ресурсатын оннунан хаалларыыны көрүөхтээхпит», – диэн эттэ.
Итини сэргэ «РусГидро» Саха сиригэр энергостанцияны тутарын, номнуо 6 гибриднэй энергокомплекс үлэҕэ киирбитин, 2024 с. бүтүөр диэри итинник станциялары 66 нэһилиэккэ былаанныыларын Ил Дархан кэспээтэ. Аны «Росатом» госкорпорацияны кытары бииргэ үлэлээһин түмүгэ, Арктикаҕа сир баайын хостооччулары уонна уһук хоту оройуоннары итиэннэ социальнай инфраструктура эбийиэктэрин хааччыйар дьоҕус кээмэйдээх атомнай ыстаансыйаны тутуу бырайыага оҥоһуллара этилиннэ. Айсен Николаев тоһоҕолоон бэлиэтээбитинэн, ити бырайыак Тиксииттэн 112 км сытар Найбаҕа саҥа порт тэриллэригэр кыаҕы биэриэ, ол Хотугу муора суола сайдарыгар тирэх буолуо.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: