СИА
Саха сиригэр нэһилиэнньэни аһынан-үөлүнэн хааччыйыыга оҥорон таһаарыы улахан суолталаах. Бу олохтоох нэһилиэнньэ социальнай-экэнэмиичэскэй кыһалҕатын быһаарар кыахтаах. Арктика усулуобуйатыгар сибиэһэй оҕуруот аһа битэмиининэн уонна минеральнай туустарынан хааччыйара бэлиэтэнэр. Саха сирин Арктическай зуонатын социальнай-экэниэмикэ өттүнэн сайыннарыы сүрүн торумугар олоҕуран көрдөххө, айылҕатын, килиимэтин усулуобуйата, сыана араастаһыыта, атын бырамыысыланнай кииннэртэн ырааҕа дьайар буолан, ыарахан сыанаҕа мөлтөх хаачыстыбалаах бородууксуйа кэлэр.
Онон оҕуруот аһын оҥорон таһаарар олохтоох базаны Арктика сиригэр-уотугар тэрийии ирдэнэр.
Онон ситимнээн Саха сирин сайыннарыы чэрчитинэн, хотугу сирдэргэ оҕуруот аһын үүннэрии бырайыагын үлэлэтии туһунан боппуруос көрүллэр. Тустаах нэһилиэктэргэ аныгылыы пиэрмэлэргэ оҕуруот аһын үүннэрэн бырайыагы тургутан көрүү толкуйданар. Холонон көрүү технологията табылыннаҕына, эрэгийиэн атын оройуоннарыгар киллэриэххэ сөп.
«Хотугу сиргэ сибиэһэй оҕуруот аһын үүннэрэн нэһилиэнньэни аһынан-үөлүнэн хааччыйыы сүрүн соругунан буолар. Хотугу сирдэргэ сибиэһэй оҕуруот аһын дэлэтии туһунан бырайыактар билигин улахан болҕомтону тардаллар. Ону таһынан бу нэһилиэнньэ дьарыктаах буолуутугар, үгэс буолбут олохторун-дьаһахтарын илдьэ сылдьалларыгар суолталаах«, — диэн бэлиэтиир СӨ Бырабыыталыстыбатын Бэрэссэдээтэлин солбуйааччы Михаил Никифоров.
Хотугу сир усулуобуйатыгар оҕуруот аһын үүннэрии ыҥырыы курдук эрээри, сөптөөхтүк дьаһаннахха, инновационнай технологияны тутустахха, Саха сиригэр эрэ буолбакка, Арассыыйа арктическай сирдэригэр-уоттарыгар эмиэ ситиһиилээх бырайыак буолуон сөп. Бүгүҥҥү күҥҥэ көҕүлээччи бөлөх тэрилиннэ. Бу бөлөх састаабыгар Саха сирин экспорка өйүүр ааҕыныстыба бэрэстэбиитэллэрэ, СӨ Ил Дарханыгар тэриллибит Сэбиэт чилиэнэ Людмила Николаева баһылыктаах сайдыыны түстүүр Федеральнай таһымнаах эспиэрдэр киирдилэр.
Оҕуруот аһын үүннэрии бырайыагар сөптөөх технологияны талыы сүрүн соругунан буолар. Ол курдук тэпилииссэҕэ сөптөөх салгыны, сылааһы тутуу ирдэнэр. Билигин эспиэрдэри кытта толкуйданан оҥоһулла сылдьар үлэ сүрүн быһаарыытынан фитотроннай тэпилииссэлэр буолаллар. Сырыы-айан кыһалҕатынан ситимнээн, улахан хаһаайыстыбаны хас да нэһилиэккэ уопсай тэрийии суолтата суох. Онон нэһилиэккэ хас киһи олорорунан учуоттаан, дьоҕус пиэрмэлэри тутуу сөптөөх буолар. Маннык пиэрмэлэргэ оҕуруот аһын үүннэрии үүнэр көлүөнэҕэ социальнай өттүнэн улахан оруоллаах. Ол курдук, сири оҥорууга үлэни тэрийии Саха сиригэр социальнай бырайыактар ахсаанарыгар киириэҕэ. Олор истэригэр үүт пиэрмэтин, ыҥырыаны иитиини сайыннарыы о.д.а киирсэллэр.
Бүгүн, от ыйын 5 күнүгэр, өрөспүүбүлүкэ хотугулуу-арҕаа өттүгэр сөҥүү түһэрэ күүтүллүбэт. Мантан атын өттүгэр кыралаан…
«Дальний Восток – Земля приключений» куонкуруска “Тропами Победы” (“Кыайыы ыллыгынан”) диэн саҥа номинация баар буолла.…
Саха сиринээҕи ИДьМ наркотигы хонтуруоллуур отделын үлэһиттэрэ бобуулаах веществолары сокуона суох тарҕатыыга уорбаланар 30 саастаах…
Леонид Попов аатынан Сунтаар улуустааҕы библиотекатын айымньылаах үлэтин биир бэлиэ көстүүтүнэн үгэс курдук ыытыллар “Сунтаар…
Өрөспүүбүлүкэтээҕи Олоҥхо ыһыаҕын сүрүн түгэннэриттэн биирдэстэринэн «Батыйа - эр хоһуун санаа уонна үрдүк таһым бэлиэтэ»…
Нерюнгригэ Олоҥхо ыһыаҕар түөрт сыллааҕыта Үөһээ Бүлүүгэ саҕаламмыт «Олоҥхону ааҕабыт» бырайыак салҕанна. Үгэс курдук, бырайыагы…