Аҕа дойдубутугар тирээбит кыһалҕалаах кэмнэргэ барыбыт санаата биир — бу киирсиилээх кэм түргэнник бүтэ охсон, дойдубутугар эйэлээх олох эргийдэр, дьоннорбут, оҕолорбут, бырааттарбыт дойдуларыгар этэҥҥэ кэллиннэр диэн.
Петр Никифоров, «Арктика Строй» ХЭУо генеральнай дириэктэрэ:
— Дойдубут уустук балаһыанньаҕа киирбитигэр эр дьон буоламмыт, биллэрии кэллэҕинэ, барыахтаахпыт дии саныыбын, көмүскүүр эбээһинэспит буоллаҕа. Көрдөххө-иһиттэххэ, икки өттүттэн кытаанах, ыарахан киирсиилэр бара тураллар. Биһиги тэрилтэттэн анал байыаннай эпэрээссийэ бара турар сиригэр икки киһи ыҥырыынан, биир киһи бэйэтин баҕа санаатынан бардылар. Ол бэйэбит бырааппыт баҕатынан тылланан барбыта. Кини билигин Улан-Удэттэн анал эпэрээссийэ ыытылла турар сиригэр барарга бэлэмнэнэр, туох-хайдах сылдьарын билсэ, кэпсэтэ турабыт.
Ийэлэргэ, аҕаларга уолаттара анал эпэрээссийэ бара турар сирдэригэр барыылара тирээн кэллэҕинэ, ыарахана өйдөнөр. Нэһилиэнньэ өйдүүр өттө өйдүүр – дойду салалтата сөптөөх быһаарыыны ылыммытын. Биири учуоттуур наада быһыылаах – улуус уонна олохтоох нэһилиэктэр баһылыктара хомуурга барааччылар ахсааннарын нэһилиэнньэ уопсай ахсаанын бырыһыаныттан көрөн хомуйары, доруобуйаларын туругунан, онтон да атын дааннайдарын эрдэттэн чуолкайдатан, туһааннаах докумуоннарын бэлэмнииллэрэ, дьаһайаллара буоллар дии саныыбын. Кинилэр миэстэтигэр үрдүттэн олорор дьон барытын билэллэр-көрөллөр буоллаҕа дии. Биһиги бары дьоммут, оҕолорбут, бырааттарбыт дойдуларыгар этэҥҥэ эргиллэн кэлэннэр, үлэлээн-хамсаан, дьоннорун ииттэн олоруо этилэр диэн баҕа санаалаахпыт.
Таатта улууһун киинигэр Улуу Кыайыы 80 сыллаах үбүлүөйүн көрсө "Кыайыы көтөллөөх буойун учууталлар көмүс уруоктара"…
edersaas.ru саайт 2020 сыллаах архыыбыттан. Кыайыы 75 сылынан эһээм кэпсээниттэн тугу өйдөөн хаалбыппын суруйарга быһаарынным.…
Амма улууһугар Аҕа дойду Улуу сэриитин уотун ортотунан ааспыт көлүөнэ дьон Сулуһа суох Дьоруойунан билинэр,…
Бэҕэһээ, ыам ыйын 8 күнүгэр, Дьокуускай куоракка аан бастыкытын ыытыллыбыт "Кыайыы вальсыгар" үгүс киһи үөрэ-көтө…
Дьокуускайга "Өлбөт үйэлээх полк" Бүтүн Арассыыйатааҕы үгэскэ кубулуйбут аахсыйа буолан ааста. Быйыл манна 50 тыһыынчаттан…
Ленскэй оройуонугар муус көхтөөхтүк устарын бэлиэтииллэр. Муус хамсааһынын орто диэн сыаналаатылар, уу таһыма рейкэ кээмэйигэр…