Арктика тирэх нэһилиэнньэлээх пууннарын маастар-былааннарын дьүүллэстилэр

Share

Москваҕа ВДНХ түһүлгэтигэр норуоттар икки ардыларынааҕы «Арассыыйа» быыстапка-пуорум  чэрчитинэн Арктика зонатын тирэх нэһилиэктэрин маастар-былааннарын дьүүллэһиигэ панельнай сиэссийэ буолла. Бу туһунан СӨ Ил Дарханын уонна Бырабыыталыстыбатын пресс-сулууспата иһитиннэрэр.

Саха Өрөспүүбүлүкэтин Бырабыыталыстыбатын бастакы солбуйааччыта Дьулустаан Борисов Саха сиригэр маастар-былааннары оҥоруу туһунан кэпсээтэ. Кини РФ Бэрэсидьиэнэ Владимир Путин Арктика зонатын тирэх нэһилиэнньэлээх пууннарын маастар-былааннарын кылгас болдьоххо ырытан оҥорорго сорук туруорбутун санатта.

«Өрөспүүбүлүкэ бырабыыталыстыбата хотугу муора пуорда курдук тирэх пууннар испииһэктэригэр киирбит «Тикси-Найба» агломерациятын маастар-былаанын оҥорууга аварийнай-быыһыыр сулууспалары уонна байыаннай тэрилтэлэри киллэриэҕэ», — диэн Дьулустаан Борисов иһитиннэрдэ. «Тикси-Найба» маастар-былаана «ДОМ.РФ» тэрилтэни кытта бииргэ оҥоһуллара ыйылынна. Маастар-былааны оҥорооччу эмиэ быһаарылынна — бу иннинэ Нерюнгри куорат агломерациятын маастар-былаанын оҥорбут  «Сибирская лаборатория урбанистики» тэрилтэ буолла.

«Биһиги Найба муора пуордун сылы эргиччи эрэһииминэн, таһаҕаһы тиэйэргэ, ону тэҥэ неби уонна гааһы хостооһуҥҥа улахан туонналаах бөдөҥ танкердары үлэлэтиэхпит. Кэлэр 2032 сылга Саха сирин Арктическай зонатыгар углеводород сырьетунан уонна сиртэн хостонор баайдаах сирдэри сайыннарыы суотугар сыл ахсын 15 мөл. туоннаттан тахса кээмэйдээх таһаҕас баазатын тутары былаанныыбыт. Пуорт тутуута Күчүс кластерын кытта сыһыаннаах. Манна «Росатом» хампаанньа аччыгый кыамталаах атомнай ыстаансыйаны тутар, дойду оборуонатын наадатыгар сир баайын туһанааччылар көмүһү, сэдэх тимири, хорҕолдьуну, уо.д.а. хостууллар, — диэн бастакы вице-премьер бэлиэтиир. Саҥа архитектурнай тутуулар хотугу сир тыйыс усулуобуйатын, уһун  түүннэрин, киһи айылҕаҕа дьайыытын аччатыытын, хотугу сир төрүт олохтоох аҕыйах ахсааннаах норуоттар култуураларын уонна үгэстэрин учуоттуохтаах», – диэн этилиннэ.

Дьулустаан Борисов маастар-былааны оҥорууга сиэрбиснэй экэниэмикэни сайыннарыы,  дьоҕус уонна орто биисинэһи көҕүлүүр бааза киллэриллиэхтээх диэн эттэ.

Мунньах чэрчитинэн Арктика зонатыгар маастар-былааннааһыны, маастар-былааннары оҥорууга уонна олоххо киллэриигэ муниципальнай хамаандалары тэрийиини, былааннары ырытан оҥорууга эрэгийиэннэр уопуттарын дьүүллэстилэр. Модераторынан «ДОМ.РФ» РФ куорат эйгэтин сайыннарыыга дириэктэрэ Антон Финогенов үлэлээтэ.

Тэрээһин кыттыылаахтарынан РФ Тутууга уонна ОДьКХ министиэристибэлэрэ, «ДОМ.РФ» АХ, РФ Уһук Илин уонна Арктика сайдыытын министиэристибэтэ,  «Уһук Илин уонна Арктика сайдыытын корпорацията» АУо, «ВЭП.РФ»  судаарыстыбаннай сайдыыга корпорация, Камчатскай кыраай, Архангельскай уобалас, Мурманскай уобалас, Красноярскай кыраай, Ямало-Ненецкэй автономнай уокурук, Дагестаан Өрөспүүбүлүкэтин «Дербент куорат» куораттааҕы уокуруга, Ненецкэй автономнай уокурук, Саха Өрөспүүбүлүкэтэ, Коми Өрөспүүбүлүкэтэ, Ломоносов аатынан Москватааҕы судаарыстыбаннай үнүбэрситиэт, Г.В. Плеханов аатынан Арассыыйатааҕы экэниэмикэҕэ үнүбэрситиэт буоллулар.

What’s your Reaction?
+1
2
+1
0
+1
1
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Култуура
  • Сонуннар

Көрөөччү санаата: «Кэрэҕэ тигистибит»

Кылаан Кындыл алгыһынан, тойугунан арыйда. ''Сэргэлээх уоттара'' култуура киинигэр эдэр ырыаһыт Иоганн Матвеев бастакы айар…

8 часов ago
  • Култуура
  • Куонкурус
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Тылгынылар Иоганн Матвеевка 100 тыһыынча солкуобайы бэлэх ууннулар

Бүгүн саха эстрадатын чаҕылхай сулуһа Иоганн Матвеев бастакы кэнсиэрэ буолла. Талааннаах уолларын биир дойдулаахтара, Бүлүү…

9 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Атамайга уһуйаан үбүлүөйүн үөрүүлээх тэрээһинэ

Горнай улууһугар Атамайга "Радуга" уһуйаан тэриллибитэ 65 сылын бэлиэтиир тэрээһин өрө көтөҕүллүүлээхтик буолла. Бу күн…

10 часов ago
  • Сонуннар
  • Сүбэһит
  • Уопсастыба

Кырачаан ханнык өҥү ордороруй?

Оҕо уруһуйугар болҕомтоҕутун ууруҥ диэн психологтар сүбэлииллэр.  Баһыйар өҥүнэн оҕо уйулҕатын туругун быһаарыахха сөп диэн…

11 часов ago
  • Интэриэһинэй
  • Итэҕэл
  • Сонуннар

Харчыга сыһыаннаах бит-билгэ

Былыр-былыргыттан дьон харчыга сыһыаннаах бити-билгэни итэҕэйэр, туһанар. Ол ханныктарый? Остуолга кураанах иһиттэр, вазалар, бытыылкалар туруо…

11 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

«Саюри» сайдар, кэҥиир

Дьокуускайга сылы эргиччи оҕуруот аһын, күөх үүнээйини үүннэриинэн дьарыктанар "Саюри" тэпилииссэ комплексыгар газовай электрстанция (ГПУ)…

12 часов ago